Перевод с якутского
итэҕэй
туохтуур
Нууччалыы верить
English (general, religion) to believe
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы верить
English (general, religion) to believe (in)
кини тылын итэҕэйдим я поверил его словамI believed his words
2 туохтуур #
Нууччалыы полагаться; доверять
English to rely on, to trust
кини харчытын миэхэ итэҕэйдэ он доверил мне деньгиhe entrusted his money to me
3 туохтуур #
Эппиттэрин, кэпсээбиттэрин кырдьыктан, чахчы буолбутун курдук санаа
Нууччалыы Принимать за правду, принимать за истину что-л. увиденное или сказанное. [Ньургуһун Ньукулай:] Омук омуктан табаар арааһын аҕалан тоҕо тардан биэриэм диир, ону барытын итэҕэйэллэр
Уон алта саастаахпын диэбитин итэҕэйэн, Кыһыл Аармыйата кэккэтигэр ылбыта. Софр Данилов
4 туохтуур #
Кимиэхэ, туохха эмэ бигэтик эрэн
Нууччалыы Быть убежденным в чем-л., верить кому-чему-л
Сүөдэр, мин эйигин бэркэ таптыыр, итэҕэйэр уолум этиҥ. Н. Неустроев [Марина:] Эйигин бэйэҕин көрдөхпүнэ, эрэйбин, кыбыстыбыппын төрүт умнан кэбиһэбин, сүрдээхтик итэҕэйэбин, албыннаабат дии саныыбын.
П. Ойуунускай[Дуня:] Итэҕэйэбин: эн хайаан даҕаны сорудаҕы толорон кэлиэҥ! С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Итэҕэй – туолуоҕа ырабыт, Мин сиэним, эн ону итэҕэй С. Данилов
5 туохтуур #
Туох эмэ улахан суолталааҕы, ыарахан сыаналааҕы (хол., харчыны) эрэнэн туран кимиэхэ эмэ туттар, биэр
Нууччалыы Полагаться, доверять кому-л
Кини харчытын итэҕэйдэ. Баранаак баара, былырыын отут солкуобайдааҕы иэс көрдөөбүппүн итэҕэйбэтэҕэ. М. Доҕордуурап [Ньукулай оҕонньор:] Босхо диэбэппин, булан төлүөм, иэс итэҕэйиҥ диибин.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Табаары иэс итэҕэйэн (кирэдииккэ) атыылааһыҥҥа туспа быраабыла баар СГПТ
6 туохтуур #
Көрөн, кэпсэтэн чахчытын бил
Нууччалыы Убедиться в чем-л. воочию, в личной беседе. [Сынаҕы Баай:] Эйигин тыллыын-өстүүн ураты киһи Үөскээн эрэр диэн аартык аайы Айдааран кэпсэтэллэр, ону бэйэм Илэ кэпсэтэн итэҕэйээри кэллим
Дьон ууга түспүттэрин букатын да сымыйаргыах киһи, таҥастара илийбитэ бэрдиттэн итэҕэйдэ. Н. Заболоцкай Дьон, уол тугу гынарын көрөн итэҕэйээри, саһан тиийэн ыраахтан дьоно хайдах быһыылаахтык олороллорун сирэй бэйэтинэн көрөн итэҕэйэргэ сорунна. Л. Толстой (тылб.)
7 туохтуур #
Таҥараны, абааһыны, иччини баар дии санаа
Нууччалыы Быть убежденным в существовании бога, злого духа, всяких духов
Урут итэҕэйэр баар эрдэҕинэ: "Тыый! Саҥарсымаҥ, ааттаамаҥ, айыы абааһы буолбут тойон", – диэн сытар сиринээҕэр буолуох, аатын да ааттаппат, кэпсээбэт буолаллара. Саха фольк "Таҥараны итэҕэйэҕин дуо? " – диэн аккыырай ыйытта.
П. ОйуунускайАбааһыны, айыыны, Иччилэри итэҕэйэр – Иэдэйбит да дьоҥҥут! – диэн Үөрэхтэммит, сайдыбыт, Үксү билбит-көрбүт киһи – Кыыспыт Ымыы мөҕүө диэн, Кыраҕыйа саныыра. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
Тукаам, эн миигин ойууну итэҕэйэр эбит диэн киртитэ сылдьыма. Н. Заболоцкай П. -монг. итеге