ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньылбырый

туохтуур

Нууччалыы быть содранным; сдираться

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Сыыллары баран сыҕаллан, хастанан кэл (хол., киһи илиитин-атаҕын тириитин этэргэ)

Нууччалыы Быть содранным; сдираться (напр., о коже руки, ноги)

  • Сэттэ кыыс дьахтар сап хаталларыгар тобуктара ньылбырыйбыт. Саха ост. I. Хортуоппуй хаҕа халыҥыы илик буолан бүтэйдии илдьирийэрэ уонна хаҕа ньылбырыйара элбэх буолар
    ФНС ОАҮүС

2 туохтуур #

Туох эмэ сымнаҕаска, инчэҕэйгэ халтарыйан сыҕарый (хол., хаарга сыарҕа)

Нууччалыы Скользить по какой-л. мягкой и гладкой поверхности (напр., сани по снегу)

  • Саҥа хаары тыыран, сыарҕата тыаһа-сыма суох ньылбырыйар.
    В. Яковлев
  • Сиҥэ хаар устун турку сулбутук ньылбырыйар.
    В. Титов
  • Оҥочолоро билигин уу устун букатын тыаһа суох ньылбырыйан истэ. М. Горькай (тылб.)

3 туохтуур #

Илийэн, сымнаан олус халтархай буол

Нууччалыы Стать скользким от слякоти, сырости (напр., о траве)

  • Бадаайаптар саҥа үүнэн эрэр күөх оттоох тиэргэннэрэ киэһээҥҥи сиигинэн ньылбырыйа бүрүллүбүт.
    Л. Попов
  • - Бэйи эрэ, ... ол сиэрдийэҕиттэн бугул ньылбырыйа тураарай?
    С. Федотов
  • Суолбут-ииспит мыыла курдук ньылбырыйда
    И. Никифоров

4 туохтуур #

Бэрт буола сатаа, онон дьон итэҕэлин ыларга дьулус

Нууччалыы Стараться казаться хорошим, добрым, чтобы войти в доверие людей. - Уваровскай ити ньылбырыйан сылдьарын көрүмэ - үөн хаата

  • Басыгысов утары матырыйаал хомуйар.
    Далан
  • [Лөгөнтөй] олох уларыйан, ньылбырыйбыта сүр. Ордугу-хоһуну тугу да саҥарбат.
    Р. Кулаковскай
  • "Сороххо хара саһыл буолан ньылбырый, сороххо сырҕан эһэ буолан саба түс, тугу да кэрэйимэ" - диэн оҕонньор арахсарыгар эппитэ. Ч. Айтматов (тылб.)

5 туохтуур #

Тыаһа-ууһа суох үөмэн сырыт

Нууччалыы Ходить крадучись, тихо скользить. [Мааска] тыаһа суох чөм-чөм үктэнитэлээн сэрэнэн хаамара, ханна баҕарар аргыый аҕай ньылбырыйан сылдьара

  • Быыкаа хайаҕаһынан ньылбырыйан киирээт, кини [эһэ] урусхаллаабытынан, ый-күн ыһыаҕа оҥорбутунан барар.
    Н. Заболоцкай
  • Олбуор иһигэр легковой массыына бытааннык ньылбырыйан киирдэ, итиэннэ эргийээри -- суруктаах остуолбаны хабырыйан ааста.
    В. Осеева
  • Ср. алт. дьылбырыт ‘скользить’

«НЬ» буукуба