ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

соролоо

туохтуур

Нууччалыы отделиться, отстать тонким слоем, сдираться (напр., о коже); облезать

1 туохтуур #

Араҥаланан хастан, хастанан түс (туох эмэ түүтүн, тириитин эбэтэр бүрүөтүн туһунан)

Нууччалыы Отделиться, отстать тонким слоем, сдираться (напр., о коже); облезать (напр., о волосах, шерсти)

  • Икки ньилбэгим тириитэ соролоон түһэн, -- кыһыл этинэн көрөр.
    А. Сыромятникова
  • Айах көҥдөйүн, тыл, куолай, куртах, оһоҕос ньылҕаархай бүрүөлэрэ арыгы дьайыытыттан алдьаналлар, соролууллар. ДьИэБ. Бастаан ньирэй түүтүн төрдө кыһыйар, түүтэ соролуур, онтон хаҕырар, хоһоҕолонор
    МСИ ССНьЫаУО
  • Элэйэн-элэйэн баранан, халтаҥнаа, сарыы буол (түүлээх таҥас туһунан). Θ Вылезти от долгого употребления, трения, вытереться, превращаясь в ровдугу (о шерсти меховой одежды). Оһох кэнниттэн соролообут арбаҕаһын сулбу тардан таһааран сахсыйан кэбиһээт, кэтэн сарымтахтаппытынан барда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Онон-манан соролообут эргэ таба сонноох, нэк бэргэһэлээх киһи нүксүллэн олорор. Софр. Данилов. Соно уонна ыстаана, түүлэрэ соролоон, сарыылара эрэ хаалла
    И. Данилов

2 туохтуур #

Ким эмэ үбүн-малын босхо эбэтэр босхо кэриэтэ апчарый, суйдаан ыл

Нууччалыы Брать что-л. у кого-л. даром или за бесценок, обдирать кого-л., драть с кого-л. [Манчаары:] Суос-соҕотох Чоочо оҕонньор соролуурун, Дьадаҥыттан саралыырын Мэһэйдэһэр мэккиэннээх этим

  • [Дорогуунаптар] саастарыгар тыа дьонун соролоон аһаабыттарыттан ааһа түһэн, аны ол хаартынан-арыгынан сүүрдээн сиир дьаллыктаммыттар дии.
    Болот Боотур
  • ["Салааскалаах атыыһыт"] Токо тоҥустарын түүлээхтэрин чэпчэки сыанаҕа соролоон, онтон киллэрбит барыһыгар Аанньаах куоратыгар лааппы туттарбыт, туспа дьиэлэммит-уоттаммыт.
    Н. Якутскай
  • Ср. монг. сорлох ‘расчёсывать, подстригать гриву’

«С» буукуба