Перевод с якутского
мурун
аат тыл
Нууччалыы нос
English nose
1 аат тыл #
Киһи-сүөһү сыты билэр уонна тыынар уоргана
Нууччалыы Нос (орган обоняния)
Арай биир хараҥа ойуурга чугаһаабыппар, куһаҕан баҕайы туох эрэ сыта муннубар саба биэрдэ.
Суорун ОмоллоонСыыр хааһа быстыбыт хаспаҕыттан буруо сыта муннугар биллэр. Н. Якутскай Ыт хараҕынан көрүөн иннинэ муннунан сытырҕаан билээччи М. Доҕордуурап
2 этии #
Нууччалыы Совершенно здоровый
Этиилэр
Ыт мунна баппат көр ыт II
Барбахтаабыттара. Иннилэригэр эмиэ ыт мунна баппат ыркый ойуура кэлбитэ. Д. Таас. Тоҕой Сэлэ арҕаа кэриититтэн харыйа тыа саҕаланар. Ыт мунна баппат ычыкыын ойуура. Л. Попов. Ыттар саҥалара ыт мунна баппат ыркый ойуурун кэтэҕэр иһиллэр. Р. Кулаковскай. Ыы муннугунан (анньылын, кэтилин) кэпс. - уун утары, субу кэтиллэ түһүөх курдук.
Нос к носу встретиться, столкнуться.
Тэппэй тыаны туораан иһэн тыа саҕатыгар турар эргэ өтөххө ыы муннунан кэтиллэ түспүтэ. Далан Арай биирдэ разведкаҕа сылдьан, -- биир бандьыыкка ыы муннубунан кэтиллэ түстүм. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Сүппүт сүөһүлэрин көрдүү сылдьар олохтоох да, ааһан иһэр да сахаларга ыы муннугунан анньылла түһүөххүн сөп. "ХС"
3 этии #
Ыт мунна түөлбэ. - таска чалҕарыйан тахсан, дьапталҕаланан таастыйа хаппыт хатыҥ симэһинэ (урут чэй оннугар иһиллэр) Хатыҥ туоһугар үүнэр ыт мунна диэнинэн сахалар саарыны кырааскалыыллар. Суорун Омоллоон. Др. -тюрк., тюрк. бурун, кирг. мурун
Нууччалыы Чага (грибной наплыв на коре березы, к-рый употребляли вместо чая)