ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тумуу

аат тыл

Нууччалыы насморк.

English runny nose, rhinorrhea

1 аат тыл #

Киһи тымныйан муннун уута сүүрэр, сыыҥтанар, ытырдар ыарыыта

Нууччалыы Насморк. Тумуу, сөтөл, дьарҕа тууйдун, -- Бу дойдуга кэлбит суолун Дохсун тибии типтин – Кини [Чернышевскай] – тулуурдаах, бэриммэт. Эллэй. Кинилэр [Лөкүөрүйэлээх] саллар саастарыгар биирдэ тумуу диэни тумуулаан көрбөтөх, муус доруобай буоланнар, сүөһүнэн байыы бөҕөнү байан олороллор. В. Иванов

2 этии #

Этиилэр

Муннугар тумуу киирбэт көр мурун

  • [Мавра] онтон ыла этэҥҥэ олорбута, муннугар биирдэ тумуу киирбэтэҕэ.
    М. Доҕордуурап
  • ДТС тумаҕу, тюрк. тыму, туму, тумау, тымау, томау

«Т» буукуба