ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэҕэ

аат тыл

Нууччалыы кукушка

English cuckoo, especially the common cuckoo

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы кукушка

English cuckoo, especially the common cuckoo (Cuculus canorus)

  • кэҕэ этэр
    кукушка кукуетthe cuckoo calls

2 аат тыл #

Саха сиригэр саас эрдэ сайылыы кэлэр бороҥ өҥнөөх кукууктаан саҥарар тыа көтөрө

Нууччалыы Кукушка. Онно иэҕэйбит титиик кэтэҕэр Кэҕэ кэлэн кэпсээннээн кэҕийэр... Эллэй. Ньукуолун ааспыта быданнаата, кэҕэ эппитэ ыраатта. Л. Попов. Кэрэ чуор куоластаах, Кэҕэ кыыл кукууктаан, Киҥкиниир-хоҥкунуур Киэҥ тыаны аймаата. С. Васильев

3 аат тыл #

калька, кэпс., байыан. Үөһээ мас лабаатын быыһыгар саһан олорон ытыалыыр снайпер

Нууччалыы Снайпер, укрывающийся в ветвях дерева, кукушка

  • Кэнники мин снайпер буоларга үөрэммитим. Улаханнык "бултуйбут" күммэр үс немецкэй "кэҕэҕэ" тиийэ өлөрөрүм.
    ХС
  • Кэнники кыргыһыыларга Георгий Федоровка снайперскай ытыынан ньиэмэс эписиэрдэрин, "кэҕэлэри" уонна аптамааччыктары бултаһарыгар хамандыыр сорудах биэрбитэ. КИД
    К. Ср
  • тат. күке ‘кукушка’; тув. хек ‘кукушка’

4 этии #

Нууччалыы Грушанка. Үгүс эмтээх үүнээйилэр: -- куоска ытыһа, кэҕэ кулгааҕа, кулааһай ото диэн ааттаахтар

  • Кэҕэ кулгааҕа бот. - 1) биир умнастан тахсыбыт элбэх маҥан сибэккилэрдээх, төгүрүк ньалҕаархай сэбирдэхтээх от үүнээйи
    ХС
  • Өскөтө ойуур үрүт дьаарыһын үөскэтэр мастары кэрдэн кэбиһэр буоллар, анныкы дьаарыстар үгүс үүнээйилэрэ (кислица, ландыш, сүрэх от, кэҕэ кулгааҕа уо. д. а.) өлүөх этилэр. КВА Б; 2) түөлбэ. Ньургуһун. Θ Подснежник. Кэҕэлэр күөх "кулгаахтара" "Катюшаны" ыллаһаллар, Кинилэр нарын ыраастара Кыһаан кыыһы санаталлар.
    С. Данилов
  • Никита сыһыыны туораан, тыаҕа тахсыбыта. Аһаҕас сиргэ кэҕэ кулгааҕа тыллыбыт. ПНИ ДКК. Арҕас кэҕэтэ анат. - сис тоноҕоһун бастакы сүргүөҕүн чочойбут уҥуоҕа. Θ Выступающая косточка первого спинного позвонка. Ытыһынан арҕаһын кэҕэтин аргыый таптаан "лап-лап" охсо-охсо, кириҥэтин, кэтэҕин билгэлээн иһэн, өйдөөн көрбүтэ - ат кулгаахтарын уһуннара биирдии сүөм кэриҥэ этилэр.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Арҕаһын кэҕэ уҥуоҕар түһэттэрбит тайах сүрдээх кэбирэхтик атахтара адаарыһа түһээччи диир буолаллара.
    Р. Кулаковскай
  • Тыҥырахтаах кырбый кыыл Быһа сарбыйан ылбытын курдук Арҕаһын кэҕэтигэр Аалыы-сырыы дьаҕыллаах. Күннүк Уурастыырап

«К» буукуба