ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баабыр

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы тигр.

English tiger (Panthera tigris), especially Amur tiger

1 аат тыл #

Үүтүнэн иитиллээччилэргэ киирэр бөдөҥ сиэмэх кыыл

Нууччалыы Тигр. Баабырдар, модьугулар, хахханнар, түлүрбэхтэр - бары түүн утуйбаттар. Н. Якутскай. Баппаҕайын быһа хаптарбыт баабыр ордук сэрэхтээх буолар. А. Федоров. Бу түүн Доодоҥ утуйбакка, Бааһырбыт баабыр курдук, Сири кырбыыр, өрө мөхсөр, Бөҕөстөрүн сынньар, мөҕөр. М. Ефимов

2 аат тыл #

поэт. Адьырҕа, сиэмэх

Нууччалыы Хищник. Бу дьолу күдэҥҥэ көтүтээри, Арҕааттан анысхан аҥыйда: Киирдилэр - эппитин сэймэктээри, Фашистар - хаанымсах баабырдар. Эллэй. Киһи диэн көр оннук уустук, Таайыллан биэрбэтэх таабырын. Көрөҕүн кини арыт намчытын оҕолуу, Арыт харса суоҕун, баабырын. С. Тимофеев

  • Орто дойду сылгытын Иэйэхситэ Үүт Дьөһөгөй айыы Моонньохтоох тойон баабыр сэргэлээх Симэхтээх көмүстээх Сири иһиттээх.
    Саха фольк
  • Баабый дохсун илиилээхтэр, Баабыр хара ытыстаахтар, Баллырҕаччы балталааҥ.
    П. Ойуунускай
  • Ср. тюрк. бабр, бэбр ‘леопард, пантера’

3 даҕааһын #

суолт. Күүстээх, модун, сүҥкэн

Нууччалыы Сильный, могучий, огромный

  • Баабыр кыыл эргэр. баабыр диэн курдук. Баабыр кыыл биир киһини харбаан ылан өрө илгэн кэбиспитэ, киһи көстүбэт буолуор диэри үөһэ кыырайан тахсыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Кырата буоллаҕына, баабыр кыыл суолун көрөөрү одуулаһабын.
    Н. Якутскай
  • Хаһан эрэ Хахай тойон Бастыҥ солбуйааччыта Бадаайы тыҥырах Баабыр кыыл Баһылык буолбут. Күн Дьирибинэ. Хахай кыылтан хааннаахпын, Баабыр кыыл балтынабын, Куоска абаҕата буолабын, Куһаҕан булчуттан куотабын. Болот Боотур

«Б» буукуба