Перевод с якутского
ордук
даҕааһын, сыһыат, аат тыл, кэнники тыл
Нууччалыы больше; лучше
English more (than), better
Ис хоһооно · 6
1 кэнники тыл #
Нууччалыы больше; лучше
English more (than), better (than)
2 аат тыл #
Нууччалыы больше; лучше; изобилие; дополнительный
English more, better, abundance, extra
3 аат тыл #
1. Туохтан эмэ, туһаммыт туттубут кэннэ, ордубута, ордубут тобох
Нууччалыы Излишек, остаток чего-л
Сир үөнүн тобоҕун, Сиэбитин ордугун, Отучча түүтэҕи быһарбыт, Отунан баайаммыт быалыырбыт. Күннүк Уурастыырап Саһара буспут бурдугу Саба түһэн үлэлээммит, Хомуйан ылан бараммыт, Ордукпутун чорботоммут Уопсай судаарыстыба Хочуолугар угуохпут
Күндэ
4 даҕааһын #
1. даҕ. Үчүгэй, бастыҥ, чулуу; туохтан эмэ тугунан эмэ чорбойор
Нууччалыы Лучший, наилучший
Саһыл тыһыттан, саарба уорҕатыттан Ордуктарын талан уктубут, Ону көрө сылдьаар оҕобут. С. Васильев Сарсын, өйүүн өссө ордугу Салҕаан айары саныыгын. Баал Хабырыыс Кинилэр урут сайдыбыттарынан эрэ ордуктар. П. Филиппов
Өссө холобурдар (2)
2. сыһ. суолт. Көннөрү курдук буолбакка, көннөрүтээҕэр үчүгэйдик. Θ Особенно, в особенности; лучше. Ол күн хонноҕум ордукаһыллан, ис-испиттэн имэҥирэн туран, охсон тэллэҥнэттим. Ф. Софронов Оччоҕо ордук өйдүүгүн эн Төрөөбүт дойдуҥ Бараммат баайын улуу бэйэтин Т. Сметанин
5 этии #
Нууччалыы Завидовать
Этиилэр
Ордук санаа
кими-тугу эмэ туохтан эмэ үчүгэй дии санаа, ордугурҕаа, ымсыыр Эчи хаарыаны!
Табалары сүүрдэн тыамаһытан, сырыһыннаран быыппаһыннаран иһэр дьону ордук саныыгын, эчи кэрэтин, эчи ырааһын! А. Сыромятникова
Ордук санаан
кимтэн эрэ үчүгэйбин, чорбойобун дэнэ санаа.
Считать себя лучше других.
Ол даа буоллар Орто дойду бодото Ордук сананыма, Сүөл дойдуттан Сүдүөрдээҕи түбэһэн Сүөдэҥнэһэрим буолуо. п. ойуунускай.
Ордук тутун
бэйэни олус үчүгэйинэн ааҕан, атыттары үрдүлэринэн көр.
Быть высокого мнения о себе, ставить себя выше окружающих.
Ордук туттаргыт уурайыа, Хара баттыгаскыт хаалыа, Олохтоох сокуон оҥоһуллуо, Тэҥнээх дьүүл тэриллиэ! Саха фольк [Ньукулай:] Ордук туттаммын, Улаханнык сананаммын, Ороскуотура сылдьар Уһун сордоох буоллаҕым. А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. артык ‘лишний; излишек’
6 #
1. сыһ. дьөһ. 1. Ким, туох эмэ кимтэн-туохтан эмэ үчүгэйин, ханнык эмэ хаачыстыбатынан ордугун бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется для обозначения кого-чего-л., который качественно лучше других себе подобных (лучше, чем; более, чем)
Бэйэтиттэн ордук Бэрди булбата. Кими даҕаны Киһиэхэ холуйбата.
П. ОйуунускайМиэхэ Дьөгүөрдээммиттэн ордук суох. Амма Аччыгыйа Үлэттэн ордук киһи олоҕор улахан суолталааҕы киһи булбат
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (13)
Ким, туох эмэ атыттардааҕар күүскэ сабырыйа хайыырын биитэр киниэхэ хайааһын лаппа дьайарын бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Употребляется при обозначении кого-чего-л., который больше других делает что-л.или больше других подвергается какому-л. действию (больше, чем). Кини бу күн анныгар муусукаттан ордук таптыыра туох да суоҕа.
Суорун ОмоллоонСаатыыр, ити хайгыыр сиргэр билигин эйигиттэн ордук атаҕастанар-баттанар ким да суох. Н. Якутскай Туох баар күүспүнэн эрдэбин ээ, мантан ордук хайдах эрдиэмий? Эрилик Эристиин 2. Туох эмэ устата, ыйааһына, кэмэ, ханнык эмэ кээмэйи, аһара түһэрин ыйарга туттуллар. Θ Употребляется при указании на превышение какой-л. величины, меры (свыше, больше). Уһуктаах уот дьиэрэҥкэй үҥкүүтүн Хара сымара тааска Харыстан ордук дириҥник Хараҕалыы Үс бууттан ордук арыы суруллубут буолан таҕыста. Амма Аччыгыйа Онно даҕаны көс аҥаарыттан ордук усталаахтары эрэ [күөллэри хаартаҕа] киллэрбиппит. Я. Козак // Бириэмэ суолтата дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок значения временных отношений. Күҥҥэ аҕыс чаастан ордук үлэлээбэккэ уонна баскыһыанньаҕа сынньанарга. Амма Аччыгыйа Эмиэ ити бириэмэҕэ -- — Ыаргалаах сайылыкка ыйтан ордук сылдьыбытым. М. Доҕордуурап 3. Кимтэн-туохтан эмэ ураты. Θ За исключением кого-чего-л. (кроме). Сайылыкка икки-үс эргэ олоппостон ордук туох да хаалбатах эбит. Эмээхсин итинтэн ордук тугу да эппэтэ. А. Фёдоров Баһылай оҕонньортон сайыҥҥы хамнаһын ырбаахылаах сон таҥаһыттан ордугу тугу да ылбат этэ да, атын дьоҥҥо хамнаска киириэҕин хайдах эрэ кэрэйэр.
КүндэМин хараҕым киниттэн ордук кими да көрбөтөҕө. ХС 2. ситим т. суолт. Ситим тыл суолтатыгар тэҥниир баһылатыылаах этиини тутаах этиигэ холбуурга туттуллар. Θ В значении союза употребляется для присоединения сравнительного придаточного предложения к главному предложению (более, чем). Ыарт-татай!!! Атаскаан! Ыран, ырыганнаан иһэртэн ордук Ыксары кыһалга баар буолуо дуо?!!
П. ОйуунускайДьоҥҥо билиини биэрэртэн ордук дьол баар буолуо дуо?! Амма Аччыгыйа Аны ынаҕы хаһааска ылар үһүбүөн, ынаҕы хаһааска ылартан ордук ночооттоох туох да суох
Күндэ