ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хос

даҕааһын, сыһыат, аат тыл

Нууччалыы комната

English room

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Нууччалыы комната

English room

2 даҕааһын #

Нууччалыы дополнительный; вторичный

English additional, secondary

I

3 аат тыл #

Дьиэҕэ, кыбартыыраҕа эбэтэр уопсай дьиэҕэ истиэнэнэн туспа быыһаммыт, араарыллыбыт олорор сир

Нууччалыы Отдельное помещение для жилья в квартире, в гостинице, в общежитии, комната

  • Ананий хоһугар хаһыат ааҕа олордоҕуна, Лука Иванов киирэн кэллэ.
    М. Доҕордуурап
  • Кыһынын мин Сэргэлээхтэн аппа уҥуор бэрт кыараҕас, ыт уйатын курдук, хос сыыһын булан көспүтүм.
    Н. Заболоцкай
  • Ср. казах. кос ‘жилье (юрта, шалаш, навес)’, кирг. хош ‘временная юрта’, ног. кос ‘временная юрта, шалаш’
II

4 аат тыл #

Туох эмэ оҥоһукка эбии буолар тэҥ майгынныыр оҥоһук

Нууччалыы Что-л., имеющее однородные предметы, части; предмет, состоящий из двух однородных или подобных частей, предметов

  • Түннүк хоһо. Бачыыҥка уллуҥун хоһо. Суумка айаҕын хоһо.
  • Тойон өһүө үксүгэр хостоох буолар
    СТБКТ

5 даҕааһын #

суолт. Иккиһин эбэтэр хасыһын да хатыланар

Нууччалыы Повторяющийся дважды или несколько раз

  • Күнү быһа, хос сырыы оҥорон, эрэйдиир буоллахтара.
    С. Ефремов
  • Сиһилии кэпсээһиҥҥэ үөрэтиигэ тиэкиһи талан хос ааҕыы оҕо кэпсээнин комментарийдааһын о. д. а үлэлэр көмөлөһүөхтэрин сөп. ФНИ ТЛТКҮө. [Бэрэбиэсчит:] Түннүгү үс хос араамалыыр үчүгэй. Дьиэ к

6 сыһыат #

суолт. Хат, өссө, иккиһин

Нууччалыы Снова, ещё, опять

  • Табахтыан баҕарда быһыылаах, туран сиэбин хастымахтаан баран хос олордо.
    Э. Соколов
  • Үрдүкү Сэбиэт өрөспүүбүлүкэ кыра сэбиэтин тэрийии боппуруоһугар дьокутааттар хос эргиллэллэр
    Саха с

7 этии #

Хос айах сөбүлээб. –кимиэхэ эмэ аһаан-сиэн олорор иитимньи киһи Сэрии саҕана быстан-эстэн ыал устун барбыт хос айахтары, кумалааннары син ыал оҥортоон, дьон барыта табаланан эрэллэр. Болот Боотур.

Нууччалыы Лишний рот, иждивенец

Этиилэр

Хос кулгаах буол

туох эмэ туһунан уора-көстө бил, иһит.

Слушать тайно, подслушивать.

  • Кини өрүү үспүйүөн курдук хос кулгаах буолар.

Хос куолай көр куолай

  • Сирэй көрбөх оҕонньотторо, баара-суоҕа, кини хос куолайдара, аллараа сыҥаахтара эрэ. Эрчимэн.

Хос моонньох көр моонньох

  • Нэк Сааба эргиэмсик бэрдэ буолан эрэр, өссө ону ааһан Нөөрүктээйи аатырбыт Түмэппиэйэптэрин кытта куодарыһан олорго хос моонньох буолан эргиэнин дьыалатын кэҥэтэн эрэр. "Сахаада". Оккупааннары уонна кинилэр хос моонньохторун сорунуулаахтык утарааччыларынан үлэһит маассалар оробуочай кылаас уонна бааһынай аймах буолбуттара. ПА.

Хос санаа (санаалаах)

киһини кытта аһаҕастык кэпсэппэт, оҕуруктаах кэтэх санаалаах (киһи).

Задняя мысль (человек с задними мыслями).

  • Платон Остапович да бүрүө чилиэннэрин барыларын кытта тэҥҥэ үөрсүбүтэ эрээри туох эрэ хос санаалаах курдук сылдьыбыта. Софр. Данилов.

Хос сирэйдээх

кимҥэ эмэ бэрт буола сатыыр, сирэй көрбөх (киһи).

Ханжеский, лицемерный, двуликий.

  • Хос сирэйдээх дьокутааттарга саат-суут!

Хос сыҥаах буол

аллараа (алын) сыҥаах буол диэн курдук (көр аллараа).

  • Кураанап чохчойо-чохчойо хаһыытаата, Дороппуун хоссыҥаах буолла. Айталын

8 этии #

Нууччалыы Посторонний вкус в чём-л., привкус (пищи)

Этиилэр

Хос аат көр аат I

  • Саһархай ырбаахым иһин "буугунай тууһа" диэн хос аат биэрэ охсубуттара.
    М. Горькай

Хос амтан

ас туох эмэ туора, куһаҕан амтана Кымыс атын хос сыта, туспа хос амтана суох буолара наада. ДьБ. Ас тобоҕо аһыйан иһиккэ иҥэн хаалар. Саҥа астаммыт аска хос амтаны үөскэтиэн сөп. "Кыым". Хос быа түөлбэ. – 1) бас быата.

Недоуздок; олений повод; 2)

  • ойоҕос таба холбонор быата. Верёвка для привязи бокового оленя к оленю-передовику.

Хос быһаарыы

айымньы ис хоһоонугар эбэтэр биирдии тылыгар эбии чуолкайдыыр быһаарыы.

Примечания к тексту, комментарий.

  • Кини, маастар буолан баран, баартыйалар хомуурунньуктарын илиинэн суруйан сиһилии хос быһаарыылаах оҥорбута.
    ПВН СБК

Хос дакылаат

сүрүн дакылаакка атын киһи эбии дакылаата (санаата, бэлиэтэ, көрүүтэ).

Содоклад.

  • Дьүүллэһиллибит боппуруоска Васильев хос дакылаата наһаа солуута суоҕа, эппиэтэ суоҕа көстөн тахсыбыта.
    ХС

Хос сиэн көр сиэн I

Килбиэн күммүт анныгар Ким барыта сүүһүн туоллун! Орто буортан барарыгар Оҕото хос сиэннээх буоллун. Күннүк Уурастыырап. Хос таба түөлбэ. – ойоҕос көлүллэр таба.

Боковой олень в упряжке.

Хос тыл көр тыл I

  • Тылбыт төрдө сымнаҕас таҥалайга сыстар. Хос тылбыт үөһэ көтөҕүллэн мурун көҥдөйүн бүөлүүр. Тыл төлөрүйэригэр к дорҕоон үөскүүр. КИИ ОЧСҮөГ.

Хос ырыа

ырыаҕа хаста да хатыланар, ылланар кэрчик.

Припев.

  • Ыллыырга аналлаах хоһоон куолутунан кылгас, судургу, дьэҥкэ тыллаах сороҕор күппүлүөттээх, хос ырыалаах буолар.
    ВГМ НСПТ

Хос эһэ

киһиэхэ эһэтин аҕата.

Прадед.

  • Хайа Харбыыр, Тоскуй, эйиэнэ, кырдьык, хос эһэҥ эбээт, доҕоор!
    Күннүк Уурастыырап
  • Манна Никита Горохов диэн үөрэхтээх сахатыйбыт казак олорбут. Ол Никита ити Виктор Прокопьевич Гороховтаах хос эһэлэрэ эбит.
    М. Ефимов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС хош ‘пара’

«Х» буукуба