Перевод с якутского
эбии
даҕааһын, аат тыл, кэнники тыл, аат, сыһыат
Нууччалыы то, чем что-л. дополнено, прибавление, дополнение, поправка
English additional
Ис хоһооно · 7
1 аат #
Туох эмэ элбиирин, үксүүрүн, толору буоларын курдук эбиллэр, эбэн бэриллэр туох эмэ (хол., дааннайдар)
Нууччалыы То, чем что-л. дополнено, прибавление, дополнение, поправка
эп I диэнтэн хай. аата. Соттойоон [киһи аата] соҕотох андыта Сүүс анды эбиитэ буоллаҕа. Эрилик Эристиин "[Арыы] бэйэтэ да туустаах дии, тугун эбиитэй," – диэн эмээхсинэ сэмэлиир. КФА СБ. Туох буолбутун түөрэ кэпсээтим. Эбии, көҕүрэтии суох. "ХС" Дьэрэлииһэп көҥүл эргинэр, эбии байан иһэр. Болот Боотур
Өссө холобурдар (11)
Турбуттара, тымныы эбии хам ылла. Н. Заболоцкай Табах буруота эбии хойунна. А. Фёдоров Кыыс эрэйдээх биир тылы саҥарбакка эрэ, эбии ытаан баарта Дьүөгэ Ааныстыырап Испэктээк сайдыытыгар элбэх туһалаах эбиилэр киллэриллибиттэрэ. АҮ. Дьүүллээһин кэмигэр бырайыакка түөрт сүүс тыһыынча кэриҥэ эбии, көннөрүү, этии киирбитэ. ФММ ДьКС. Бу дьоһун суолталаах докумуону байытан биэрэр сыаналаах этиилэр, эбиилэр, көннөрүүлэр киллэрилиннилэр. ССКП XXVI Киһитэ оҕоҕо бэйэтин кумааһынньыгын биэрбит уонна ол кумааһынньык иһигэр эбии харчы укпут.
Суорун ОмоллоонЭбии боппуруоһу төһө биэрбит үһү?
Н. ЛугиновБу сайын окко эбии киһи ыытыах буолбута. Р. Кулаковскай [Быраас] кимнээххэ эрэ эбии укуоллары анаталаата ХС Бурдуктан эбии ыла түспэккин дуо? Амма Аччыгыйа Бу икки ардыгар таһыттан дьон, оҕолор эбии киирэн кэлбиттэрэ.
Суорун Омоллоон[Роман:] Арба даҕаны, Кумахтаахха икки үлэһити эбии ыытар үһүбүт С. Ефремов
2 аат #
мат. Икки эбэтэр хас да чыыһыланы холбоон, ол чыыһылалар суумаларын таһаарар ахсаан дьайыыта
Нууччалыы Сложение, одно из четырёх арифметических действий
Уон ахсааҥҥа диэри эбиини, көҕүрэтиини суоттуур, суотугар букатын алҕаһаабат. Дьүөгэ Ааныстыырап. Көҕүрэтиини эбиинэн солбуйан баран, ылыллыбыт сууманы ааҕан таһаарыҥ ВНЯ М-4
3 даҕааһын #
суолт. Кимиэхэ, туохха эмэ эбиллибит, эбиллэн ахсааны элбэтэр (ким, туох эмэ)
Нууччалыы Являющийся дополнением к чему-л., дополнительный, добавочный (напр., вопрос)
4 сыһыат #
Уруккутунааҕар өссө күүскэ, өссө сытайан, бууһа
Нууччалыы Больше, сильнее, крепче, пуще прежнего (напр., плакать)
5 сыһыат #
Өссө эбэн, элбиирин, эбиллэрин курдук (гын, буол)
Нууччалыы Дополнительно, в добавление к кому-чему-л
6 этии #
Нууччалыы Внесение в почву минеральных удобрений, подкормка
Этиилэр
Онно эбии көр онно
Халлаан хараҥа, онно эбии былыттаах. Н. Габышев [Петя:] Онно эбии мин бэйэм да баҕа санаам – тыаҕа тахсыы. С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
Эбии аһатыы т. -х. буорга эбии уоҕурдууну киллэрэн иҥэрии Ааспыт сайын звено минеральнай уоҕурдуунан эбии аһатыыны хааччыйбыта. П. Егоров Сөп сииктээх оройуоннарга сааскы сэлиэһинэйи эбии аһатыы улахан суолталаах. ХКА.
Баклажан арассаадатын көрүү-харайыы сүрүн үлэтэ
кэмигэр уу кутуу, эбии аһатыы, биир кэм тэмпэрэтиирэни тутуһуу. ЕАМ ББКП. Эбии аһылык т. -х. – сүөһүгэ сүрүн аһылыгар эбии бэриллэр аһылык (хол., сиилэс, былах).
Добавочный корм для животных, подкорм.
Сайын сатаан тэриллэн оттообокко гынан бараммыт, кыһын оройугар эбии аһылык бэлэмин айдаана буолабыт. С. Никифоров Сылгы ынах сүөһү курдук араас көрүҥнээх эбии аһылыгы даҕаны эрэйбэт. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
[Үөрэнээччилэр] эбии аһылык бэлэмигэр субуотунньуктары тэрийэллэр. "ББһ. Эбии бэлиэтэ мат. – ахсааҥҥа эбиини эбэтэр ууруктаах кэриҥи бэлиэтиир кириэс курдук быһыылаах бэлиэ (+). Знак плюс (+), обозначающий сложение или положительную величину в математике. Кустук маладьыас, мин киниэхэ эбии бэлиэлээх туйгун сыананы сурунаалга туруорабын. ЛНН АДь. Эбии уонна көҕүрэтии математическай бэлиэлэрэ Европаҕа Илиҥҥи араб дойдуларыттан киирбитэ. ЭБЭДьА.
Эбии төлөбүр көр төлөбүр
Быйыл эбии төлөбүргэ холкуоһуттан ынахтаах торбоһо сыл тахсар отторун ылбыта. Далан Оҕолор аан маҥнай хамнастарын таһынан харчынан эбии төлөбүр аахсыбыттара. ПИО ТС
7 #
дьөһ. Туох эмэ эбиллэр, холбонор предметин бэлиэтииргэ туттуллар (сыһ. түһүгү кытта тут-лар)
Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, к которому что-л. прибавляется, добавляется, присоединяется (вдобавок к чему-л.)
Бу хормуоскаҕа эбии искириипкэ тыаһа эмиэ баара.
Суорун ОмоллоонСэмэн ампаарыгар эбии хотон бөҕө салҕаммыт. Эрилик Эристиин Тойоммут буолуохсут ити мин биир бургунаспын баайыгар эбии баай гынаары кыыла тура сылдьар ХС