Перевод с якутского
аат
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы слово, называющее предмет, понятие, явление; имя, название кого-чего-л
English name
Ис хоһооно · 13
1 аат тыл #
Араас предмети, өйдөбүлү, көстүүнү бэлиэтиир тыл; ким, туох эмэ тылынан туох дэнэрэ, бэлиэтэнэр тыла
Нууччалыы Слово, называющее предмет, понятие, явление; имя, название кого-чего-л
Тэтиҥ, тирэх, кытыан, сиһик, иирэ - биһиги көннөрү дьон арааран да көрбөт, ааттарын да билбэт араас мастарбытын-талахтарбытын кини ааһыталаан истэ. Амма Аччыгыйа Массыына сорох чаастарын ааттарын умнуталаан кэбиспитэ. А. Федоров Аата таптал диэн. Эдэр саас ыарыыта. Куор курдук киһи барыта ыалдьар ыарыыта уонна өссө сыстыганнаах дииллэр.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
"Эйэ", "дьол" диэн тыллар ааттарын Икки атах сүрэҕэр бигээтин Күннүк Уурастыырап
2 аат тыл #
Кими, тугу эмэни атын дьоннортон, атылыы предметтэртэн араарарга аналлаах тыл
Нууччалыы Собственное имя; прозвище; кличка
ым Бүөтүр. Ытым аата Моойторук. Таал-Таал эмээхсин үс уоллаах: улахан уол аата Харах-Харах, орто уол аата Кулгаах-Кулгаах, оччугуй уол аата Мурун-Мурун. Саха фольк Бар дьон таптаан, киниэхэ эһэтин, былыргы эр бэрдэ киһи, хос аатын иҥэрбиттэр. Онон кини биллэр аата - Эрдэлиир Миитэрэй. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Аан дойду кэрэттэн кэрэтэ, Москва, эн ааккар иһиллэр. Эллэй. Ньирэйдэрбин оҕолорум курдук таптыыбын. Тус-туһунан аат биэртэлиибин М. Доҕордуурап
3 аат тыл #
Киһи төрөөбүт күнэ
Нууччалыы День рождения
Биирдэ аатыгар ийэтэ уолугар бэрэски оҥорон ыыппыт. Саха фольк Быйыл туолуом аҕыспын, Сотору мин аатым, Аччыгый буолбатахпын, - Мин аны улааттым Баал Хабырыыс
4 аат тыл #
Ким эмэ таҥаратын күнэ
Нууччалыы Именины, день Ангела
Баай Бүөтүр аата күн, Бөтүрүөп күн буолуо биир хонук инниттэн дьон-сэргэ муһунна, ыраах сиртэн кэлитэлээтилэр, чугас эргин хонуталаатылар. В. Чиряев Кини [Николай Никитин] бэйэтин аатын сылга икки төгүл, кыһыҥҥы уонна сааскы Ньукуолуннарга ылара үһү П. Филиппов
5 аат тыл #
Ким, туох эмэ туһунан сурах, сураҕырыы
Нууччалыы Известность, популярность
Тоҕус улуус тухары Толомон аата туругурдун, Аҕыс улуус тухары Амарах аата аатырдын. С. Зверев Онто да суох мин күтүр, кэччэгэй аатым балай эрэ тарҕанна. А. Софронов Өскөтүн хаһыҥы утары охсуһууну агроном сүбэтин ылынан табатык ыыттаххына, үрдүк үүнүүнү ылыаҥ. Оччоҕо эн аатыҥ оройуону куоһаран, республикаҕа тиийэ тарҕаныа М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Тугунан эрэ биллии-көстүү (үксүгэр саҥа дьон туһунан). Θ Знаменитость (обычно, впервые ставшая известной). Саҥа ааттар, талааннар арыллан иһэллэр Кыым
6 аат тыл #
Соло; чыын-хаан
Нууччалыы Должность; звание
Трофимовка уонна Васильевка - санааларынан уонна үлэлэринэн бырааттыы дьоннорго - Социалистическай Үлэ Геройдарын ааттарын иҥэрэллэр, кыһыл көмүс сулустары түөстэригэр иилэллэр. И. Данилов Никита хас даҕаны бастакы разрядтаах уолаттары уонна икки маастарга кандидаты лаппа сабырыйталаан, бэйэтин ыйааһыныгар чемпион аатын үһүс төгүл субуруччу ылбыта.
Н. ЛугиновБиһиэхэ ол-бу үтүөлээх ааты кэччэйбэтэх бэйэлэрэ. Сорох дьон хастыы эмэлии үтүөлээх ааттаахтар ээ. Софр Данилов
7 аат тыл #
тыл үөр. Предмети хаачыстыбаны, ахсааны бэлиэтиир түһүктэринэн уларыйар грамматическай бөлөх тыллар
Нууччалыы Класс именных слов, имя
тар кылаастара. Ааттар бөлөхтөрүгэр, эбэтэр кылаастарыгар, аат тыллар, даҕааһын ааттар, ахсаан ааттар уонна солбуйар ааттар киирэллэр
8 этии #
Нууччалыы Побуждаться к чему-л., начать интенсивно и беспрерывно заниматься чем-л
Этиилэр
Аата-ахса суох (биллибэт) көр аата-ахсаана суох (биллибэт)
Аата-ахса биллибэт Аалыы көмүс кыымынан Айгыраччы тоҕунна [күн уота]. Күннүк Уурастыырап. Аата-ахса суох биһиги [сэриигэ] көрбүт эрэйбит. И. Чаҕылҕан. Үөр табалар нөҥүө хайалар тэллэхтэригэр мэччийэ сылдьаллара, аата-ахса биллибэт хамсыыр туочукалар буолан бытарыспыт этилэр. Г. Колесов. Аат алкый (уккуй) үрд., эргэр. - үтүө-үрдүк ааттары ааттаа (көрдөһөөрү); ким эрэ үтүө-үрдүк аатын ааттаан, сыал-сорук оҥостон кэл-бар.
Называть великие и грозные имена духов (умоляя их); отправляться к какой-л. знаменитости.
--Албаан дьаҥыдыйан, аат алкыйан баран, оҥорбут үтүөлэрин ааҕыталаата, "аныгыскы даҕаны өттүгэр аһына-харыһыйа, айылгыбытын олохтуу туруҥ!" - диэн алҕаата. Болот Боотур Дмитриевтэр кэргэттэрэ ыраахтан аат ааттаан, аат уккуйан кэлбит ыалдьыты ис-истэриттэн үөрэн-көтөн төгүрүйэн туран атаара хаалбыттара. Ходуһа х. Тэҥн. албан улкуй (уккуй). Аата (аатыгар, аатын) эрэ - дьиҥнээҕэ (дьиҥнээҕинэн) буолбатах, тас эрэ көстүүтүнэн. Только по внешности, для виду, одно лишь звание (название). Билигин кини [Болот] аата эрэ киһи, оттон дьиҥэр эһэтэ киирэн олорор. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (11)
Лоокуут айманар, санааргыыр буолбутун дьонуттан кистии сатыыра. Аатыгар эрэ бултаабыт буолара. Уруккутунааҕар аҕыйаҕы бултаан кэлэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Дьиҥнээх үлэни ааҕыстахха, кини [Егоров оҕонньор] аатыгар эрэ кураанах дуоһунас иччитэ.
Н. Лугинов// Нэһиилэ, арыычча аҕай. Едва-едва, через силу, нехотя (делать что-л.). Сайыҥҥы күн уҥуоргу тыа кэтэҕэр аатын эрэ саһан, тимирэн биэрбэккэ, тардыстыбытынан бу тахсан кэлбитэ. В. Яковлев Лифт сүрэҕэлдьээбиттии аатын эрэ аалыҥнаан, аллараа диэки айаннаан барда. С. Федотов Аат былдьас сөбүлээб. - ордук үчүгэй буола сатаа; үчүгэй, ордук аатырарга куоталас (ордугургуур, күнүүлүүр дэгэттээх). Соперничать, состязаться в славе, известности (с оттенком зависти). Аан дойду амырыыннаах Ааттаахтарын кытары Аат былдьаһаммын Алдьархайы таһаарбыппын. С. Зверев Дьэ бу урууга, былыргы сиэринэн аат былдьаһан, ат сүүрдэллэр. Күннүк Уурастыырап Тоҕо кини бэйэтигэр эрэнэр, саамай үөрэ сылдьар кэмигэр эттиҥ? Эн соруйан... Арааһа аат былдьаһаҕын быһыылаах.
Н. ЛугиновТэҥн. бэрт былдьас, күрэс былдьас. Аат быс кэпс. - киһини-сүөһүнү дьүһүннээн, хоһулаан аат биэр; сиргэ-дойдуга аат биэр. Давать прозвище кому-л. (обычно образно-характеризующее, "говорящее"); давать название местности. Абыраамап - саһыл, моҕой. Бар дьоно кинини инньэ диэн аат быспыта. Л. Попов Сир ааттарын сыныйан, болҕойон үөрэтэр эбит буоллахха, --ханнык тыллаах-өстөөх омук кинилэргэ олоро сылдьыбытын, аат быспытын быһа барыллаан (үксүгэр чуолкайдык) билиэххэ сөп. Багдарыын Сүлбэ. Аат иҥмит - аат бэриллэн, олохсуйан, үөрүйэх буолан хаалбыт (ааттанааччы баҕатыттан тутулуга суох). Закрепляться, приставать (об имени - обычно независимо от воли получающего имя). Саҥатын түргэниттэн "сэбирдэх" диэн аат иҥмит, онтукатын Уйбаанынааҕар ордук аат оҥостубут. Амма Аччыгыйа Аат (ааты) иҥэр - ааты сыһыар, биэр. Присваивать, закреплять имя. Саҥа соломмут кытылга кыайбыт биригээдэ аатын иҥэрэргэ быһаардылар. М. Доҕордуурап Дэлэҕэ даҕаны, "кураанах маһы көҕөрдөр алгыстаах" диэн сорох алгысчыттарга сахалар аат иҥэриэхтэрэ дуо. Саха фольк Аат суох (мэлигир) кэпс. - олох кыаллыбат, букатын табыллыбат (төһө да кыһаллыбыт иһин). Ничего не получается, бесполезно (как ни старайся). Маһы охтороору кэрдэн молуойдаатылар, хотутар, олук таһаарар аат суох. ХС
Аат мэлигир көр аат суох
Оттон-мастан тутуһа сатыыбын да, таба тутар аат мэлигир. И. Сосин. Аат тиийбэтинэн аатыр - киэҥник, дарбааннаахтык сураҕыр.
Прославиться широко и далеко.
Тимир иҥэһэлээх тиэстэн, Алтан аарыктаах аалсан, Оҕолуун-дьахтардыын орооһон, Аат тиийбэтинэн аатыран, Суол муҥунан сураҕыран, Суо ыһыах турда. С. Зверев Аат харата - суолтатыгар эрэ, дьоҕойон; сөбүлээбэт буола-буола, күһэйии эрэ быһыытынан нэһиилэ; сиэрин эрэ ситэрэн. Для виду, нехотя, через силу; для видимости, проформы. Микиитэ -- сыарҕа кэнниттэн аат эрэ харата саллаҥнаан иһэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (5)
Эмискэ хаастарыҥ түрдэстэн, Эн миэхэ кыыһырдыҥ, доҕоруом, Аат эрэ харата кэпсэтэн, Аан диэки хайыһан олордуҥ. П. Тобуруокап Аат харата кэҕис гынан дорооболоһоот, эмиэ кумааҕыларыгар төҥкөйөр.
Н. ЛугиновАат хоммут - ким эмэ туһунан тыл-өс, сурах тарҕаммыт, киһи ханнык эмэ хаачыстыбатын (дьиҥнээх эбэтэр сымыйа) туһунан уопсай санаа үөскээбит. Установилось общее твердое мнение о ком-л. (порицательное или похвальное, действительное или мнимое). [Оҕоҥ аатырдаҕына] Тыл иҥнэҕинэ, Аат хонноҕуна Сэттээх-сэлээннээх буолуо.
Өксөкүлээх Өлөксөй"Улахан ыал оҕолорун" - Манчаары Баһылайы, Көччөх Көстөкүүнү кытары биир ыырдаах, өссө күүһүнэн, кытыгыраһынан хайаларыттан да сабырыччы үһү - диэн аат хоннорбуттара. Күннүк Уурастыырап Ааты былдьаа - туохха да соччо көдьүүһэ суох, аата эрэ буолан (сырыт, олоҕу олор). Только по названию, одна только и слава. [Ийэм аах түҥнэри төлкөлөөбүттэриттэн] Халлааны саппаҕырдан, Сири киртитэн, Дойдуну буортулаан, Киһи эрэ аатын былдьаан, Чыыбырҕаан сырыттаҕым эбээт, доҕоттоор!
Өксөкүлээх Өлөксөй
Аатын (да) ааттаппат көр аатын ааттыах (эрэ) кэрэх
Ноо, Ньукууска. Хата бэйэтинэн киирэн кэллэ. Аатын да ааттаппат бэрт аллаах киһи буолла эбээт. Сибилигин аҕай эйигин ахтыбыппыт. Г. Нынныров. Аатын ааттатыа - үтүө ыччат бар дьоҥҥо сөбүлэтэн, хайҕатан, төрөппүттэрин, дьонун-сэргэтин үчүгэйдик ааттатыа.
Любовь и признание молодым - доброе слово родителям.
Оҕобут Октябринабыт күн сиригэр көрбүт күндү дьолбут... Ааппытын ааттатар киһибит. М. Попов Бэйэбит төрөппүт оҕобут да суох буоллар, хайаан даҕаны, ааппытын ааттатар ыччаты булуохха диэн санаммыппыт. С. Ефремов
Өссө холобурдар (31)
Бэйэбитигэр кэлэн күтүөт уол, баҕар, оҕо буолуох, ааппытын ааттатыах этэ. М. Доҕордуурап Ырыам, дьэ, уостан түспэккэ Ылланан, бар дьоммор таптаттын, Уонна, умнуллан сүппэккэ, Уһуннук мин ааппын ааттаттын. Күннүк Уурастыырап Аатын ааттыах (эрэ) кэрэх - ким эрэ туһунан этэ түһээти кытта кини баар буоларын туһунан. Легок на помине. (букв. стоит только назвать его имя). Аатын ааттыах эрэ кэрэх, Мишалара атаҕыттан төбөтүгэр тиийэ сабыс-саҥа таҥастаах, эриэн тирии чымадаан тутуурдаах бу чырбас гына түстэ.
Н. ЛугиновАатын ааттыах эрэ кэрэх! Илэ бэйэтинэн бу кэллэ! Софр. Данилов. Аатын алдьат (сураҕын сууй) - 1) холуннар, баһааҕырт; куһаҕан быһыыгынан үтүө суолтатын түһэр. Чернить, хулить кого-л.; позорить, пятнать доброе имя кого-что-л. (своим предосудительным поступком, поведением). Аҕабыт үтүө аатын алдьатымаҥ, Ытык этин киртитимэҥ, тэпсимэҥ!
П. ОйуунускайСаас - үйэ тухары бу Эмис нэһилиэктэн түөкүн буолбут киһи суоҕа. Бүтүн нэһилиэк аатын алдьаппыт баҕайы. Эрилик Эристиин [Коля:] Оо, дьэ. Эн өйдөө эбээт. Эн куһаҕан үлэҥ бүтүн пиэрмэ аатын алдьатар. С. Ефремов 2) Кыай-хот, самнар. Победить, одолевать (и тем обесславить). Соллоҥноох соҕотох харахтаах содуомнаах халлаан оһоллоох уолаттарын умсарарга оҥорбутум, аҥаардас харахтаах адьарай уолаттарын ааттарын алдьатарга айбытым. Саха фольк Баҕыста сытыйбыт сирэйгин быһыта сынньаммын ааккын алдьатыам, сураххын сууйуом. Киэр буола тарт, икки харахпар көстүмэ! Амма Аччыгыйа Аатын билбэт (умнубут) акаары - хоҥ мэйии, далай акаары. Круглый дурак (не знающий (забывший) свое имя). Охтон туран баран аатын умнубут акаарыга дылы (өс хоһ.). Аатын билбэт буола (гына) - наһаа, олус, сиэри таһынан. Чрезмерно, непомерно, сверх всякой меры. Ону [көһөрүллүбүт сири] үҥэн ылаат, аатын билбэт гына байда. Эрилик Эристиин Хайа, доҕоттоор, ааккытын да билбэт буола тоҥон кэлээхтээбиккит дии. ХС Арамаан оҕонньор, аатын билбэт гына кыыһыран, тыл эппитэ. ХС Аатын киртит - холуннар, түһэр, түһэн биэр. Порочить, компрометировать, бросать тень на кого-что-л. Аҕата эрэйдээх баран уолу дьонугар үҥсүбүтүн: "Хара ыт, аны биһиги оҕобутун аатын киртитэ сылдьаҕын дуо?" - диэн сирэйин таһыйан таһаарбыт этилэр.
П. ОйуунускайБу биһиги холкуоска, ол-бу түөкүттэри түбүлэтэҥҥит, холкуос аатын киртитэн эрэҕит.
КүндэАатын оонньотор түөлбэ - биллэ-көстө сатыыр, аатын үрдэтэ, сураҕыра сатыыр. Домогаться известности, стремиться к популярности. Соруйан оннук гынар - аатын оонньотор буоллаҕа. (Ким туох эмэ) аатын түһэн биэр (үксүгэр "ким, туох эмэ аатын түһэн биэримэ" диэн курдук тут-лар) - ким, туох эмэ үтүө суолтатын, чиэһин түһэр (куһаҕан быһыыгынан). Ронять честь, достоинство, доброе имя кого-чего-л. (своим дурным, предосудительным поведением; обычно употр. в отриц. ф. и отриц. оборотах). Айыы аймаҕын, күн улууһун үтүө өрөгөйдөөх аатын түһэн биэримэ! Саха фольк Төрөппүт аҕа, ийэ аатын Түһэн эрэ биэримээриҥ! Хаамар хардыыгыт хаҥаатын, Охсор охсуугут чиҥээтин! Эллэй. [Мэндэ:] Сорох-сорохторбут манна кэлэн саха ыччаттарын ааттарын түһэн биэрээри гынныбыт. И. Гоголев Аатын хараарт - (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар) көр аатын киртит. Оҕолорум, ыччаттарым, Улуу суолга бараҕыт, Саха аатын хараардымаҥ, Саалаахтан самнымаҥ, Охтоохтон охтумаҥ, Уруй-айхал! Т. Сметанин [Сүөкүлэ:] Кини [Киирик] ыраас аатын хараарпатыгыт, кини тапталларын былдьаабатыгыт. С. Ефремов [Хаппытыан] сааһыгар бэйэтин бэйэтэ сириммэтэх, мөҥүммэтэх киһи. Хаһан да аатын хараардымматаҕа. А. Сыромятникова Аатын ыл - 1) саҥа суолтаҕа киир (хол., социальнай балаһыанньаҕын уларыт, идэни ыл). Оказаться в новом качестве, в новой роли (напр., стать семьянином, получить новую специальность). Тыый, тоҕо түргэнэй? Аҕыйах хонугунан учуутал аатын ылбыт.
Н. ЛугиновАҕыйах сыл буолла туспа ыал аатын ылбыта. А. Сыромятникова Саргылана институту бүтэрбитин туһунан дипломун кытта учуутал үрдүк аатын ылбыт курдук санаабыта. Софр. Данилов. 2) кыай-хот, самнар. Победить, одолеть и обесславить. Дыгын баай бэйэтинэн тахсан ыһыах ыспыт буолан албыннаан ыҥыран, өлөрөн аатын ылаары гынан баран, таах төннөн турар. Саха фольк Уорбутун тоһутар Улуу бөҕөстө тосхойуҥ, Ааппытын ылар Ааттаах аһааччыта аҕалыҥ. С. Зверев Аатыттан ааспыт - урукку сөптөөх, үтүө туруга сүппүт, буорайбыт; туһатыттан тахсыбыт, туһата суох буолбут. Потерять прежнее нормальное состояние; стать бесполезным, непригодным. Ынчыктыырыттан, тыынарыттан иһиттэххэ, киһи аатыттан ааспыт киһи быһыылаах. А. Софронов Тойонуом! Ыал аатыттан аастым, биир бастыҥ ынаҕым "эбэҕэ" өллө, соҕотох ынахтаах хааллыбыт. Эрилик Эристиин Быһыт бэйэтэ, кырдьык, бүүс-бүтүн! Ол эрээри кини, быһыт аатыттан ааһан баран, көҥдөй көхсө эрэ барыйан турар. Амма Аччыгыйа Аатыттан аһар - буорат, кими, тугу эмэни туһата суох оҥор, урукку үтүө туругун сүтэр. Вывести кого-что-л. из прежнего нормального или добротного состояния, привести в негодность. [Даайыс:] Отчут уол түбэһэ кэлбэтэҕэ буоллар, букатын киһи аатыттан аһарыа эбит. А. Софронов Оҕобун сэрэнэн тут-хап, кыайар уола. Олус наһаалаамаҥ. Киһи аатыттан аһараары гыммыккыт. Күннүк Уурастыырап Манна сырыттаххытына тойоҥҥут эмиэ киһи аатыттан аһарыа. Эрилик Эристиин Аатыттан суох - букатын суох, баар буола да сылдьыбатаҕа. Совершенно нет, никогда и не было. Аат (ааты) ыыт - 1) куһаҕанынан, мөкүнэн сураҕырт. Навлекать позор на кого-л., порочить. Кэлэ-кэлэ, эмээхсин, дьэ Кэргэннэ ыл дии-диигин, Арахпакка хаайаҥҥын, Ааппын ыыттыҥ, алдьаттыҥ. Күннүк Уурастыырап [Уоһук:] Сэгэриэм, кыыһырыма. Туох кистэлэ баарый? Эн ылыгаскынан аатырбыт киһи этиҥ ээ. [Токуруйа:] Ол баайдар холуннараннар, аат ыыппыттарын аайы.
Күндэ2) дьоҥҥо үтүө өттүгүнэн билин, сураҕыр. Слыть, стать известным своими добрыми делами. Дьоллоох уол оҕо маннык героическай аармыйа буойуна буолан, өлбөт-сүппэт аатын ыытыа, кини кыайыыларыгар аатын кытта суруйтарыа. Суорун Омоллоон
9 этии #
Нууччалыы Причастие
Этиилэр
Куһаҕан аата көр хос аат
Үгүс саҥатыгар булкуллан, ыалдьыт киһи куһаҕан аатын этэн кэбиһэн баран, саатыгар, таһырдьа сүүрэн хаалар. Амма Аччыгыйа Кууһума, көр бу өлөөрү сытан куһаҕан ааппынан ыҥырдаҕа диэн, өһүргэннэ. Н. Павлов
Нууччалыы аат көр сүрэхтээх аат (аата)
Сахалыы аат (аата) - саха тылынан бэриллэр сүрэхтээх аатын таһынан аат; саха сүрэхтэниэн иннинээҕи аата.
Дохристианское имя якутов; имя, даваемое помимо христианских имен.
Бу оҕо саас күөх от үүнэн эрдэҕинэ төрөөбүт, онон аҕата Быттааны Сүөдэр, бэркэ үөрэн, оҕотугар сахалыы аат биэрбит [Манчаары]. МНН. Сахалыы аата Мэник Миитэрэй, үөрэҕэ суох буолан баран, сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх, турбут-олорбут киһи. ХС Солбуйар аат тыл үөр. - аат тыл, даҕааһын уонна ахсаан аат оннугар туттуллар саҥа чааһа. Местоимение. Солбуйар аат чопчу биир өйдөбүлэ суох, кини суолтата хайа тылы солбуйарыттан тутулуктанан, уларыйан иһэр. ДНД СТ. Сүрэхтээх (православнай, бырасылаабынай) аата - христианскай православнай итэҕэл тэнийбитин кэнниттэн иҥэриллибит аата. Православное имя (после принятия христианства). Сүрэхтээх аатым Мартыын, Айбыт аҕам Уйбаан диэн, Уйбаан уола Мартыыммын. И. Гоголев
Өссө холобурдар (7)
Эй, Харалаампыйабыҥ диэн оттон Эрдэлиириҥ бырасылаабынай аата эбээт, доҕоор!- диэтэ Бутукаай Дьөгүөр. Амма Аччыгыйа Таптал аат (аата) - киһини төрөппүттэрэ, дьон-сэргэ таптаан иҥэрбит биһирэмнээх суолталаах анал аат. Прозвище, данное родителями, близкими (обычно с положительным оттенком). - Кини [Маайа] таптал аата - Чооруос. Онтон өһүргэнээччитэ суох. - Өйдөөтүм. Эйиэнин курдук хос аат буоллаҕа. - Суох. Миэнин курдук, таптал аата. Айталын. Кыра эрдэххинэ дьонуҥ-сэргэҥ иҥэрбит таптал аата диэн эмиэ баар. ФЕВ УТУ. Кырдьаҕастар билэллэр Уолу таптал аатынан, Оттон кэрэ дьүөгэлэр Мичээрдииллэр уоран. С. Данилов Үрдүк аат - үрдүк чиэс, үрдүк бочуот, сүгүрүйэр ытыктабыл. Высокая честь, преклонение. Үтүө ийэ дойдутун Үрдүк аатын айхаллаан, Хоһоон бөҕөнү эппитэ, Хомус эмиэ тарпыта. Күннүк Уурастыырап Байыас буолбут дьоллоох уол оҕо доҕоруом! Билэҕин дуо, эн хайдах курдук үрдүк чиэскэ тиксибиккин, үрдүк ааты сүкпүккүн?!
Суорун ОмоллоонҮрдүк ааттарын, үтүө сурахтарын алдьатыахтарын кэрэйбиттэр, дойдуларын-дьоннорун, өстөөх атаҕа үлтү тэпсэн иһэх оҥосторун көрүөхтэрин баҕарбатахтар.
П. ОйуунускайТоҕус халлаан үрдүгэр тура төрөөбүт Ньургун Боотур обургу, мин диэтэх дьахтар үрдүк ааппар, үтүө сурахпар кэллиҥ дуо? Ньургун Боотур. Үтүө аат - чиэс, бочуот, ытыктабыл. Честь, почет, уважение. Эн үтүө ааккар, үрдүк сураххар тоҕус халлааҥҥа тиийэ аатырдан туран туйгун ыһыаҕы туругуртубут! Ньургун Боотур. Саха буойун уолаттара Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр сылдьан үтүө ааты, үрдүк сураҕы эмиэ ылбыттар.
Суорун ОмоллоонЭн үтүө ааккар, ити биир бырааппын тэтиэнэххэ холуур буолан, оонньотон боруобалаан көрөөрү аҕалбытым. Эрилик Эристиин
Харыс аат көр харыс тыл
Кинини [Уһун Күөлү] олохтоохтор өссө эбэ дииллэр. Итиннэ Уһун Күөл харыс аат, оттон эбэ - эмиэ харыс аат, өссө ытык аат. Багдарыын Сүлбэ. Хос аат - киһини дьүһүннээн, быһыы быһан ааттаабыт ааттара (үксүгэр өһүргэстээх, ардыгар ыыс дэгэттээх).
Прозвище (обычно с отриц. иногда ругательным оттенком).
Ол алаас арҕаа томторугар ааттаах баай Баһылайап Охонооһой, хос аата "Туруйалаах тойоно", олорбута. Амма Аччыгыйа Туундара дьоно бука барылара турардыын-турбаттыын балыктыы барбыттар. Арай Ньылаарыс (Бочкарев хос аата) сынньалаҥнык кэтэҕиттэн тардыстан сытар. Тоҕус уоннаах оҕонньор сытымына даҕаны. Эрчимэн. Ср. тюрк. ат "имя"
10 аат тыл #
Христианскай итэҕэлинэн киһи өллөҕүнэ, тыыннааҕар оҥорбут айыытын иһин кута-сүрэ тиийэн муҥура суох сору-муҥу көрөр аллараа абааһылар дойдулара
Нууччалыы Ад, преисподняя
Ууга түстүм дуу? Уокка умайдым дуу? Аакка таҥнаһынным дуу? Үөдэн түгэҕэр түстүм дуу?
Өксөкүлээх ӨлөксөйАньыылаахтар бука бары Аакка түһэн өлүөхтэрэ. Күннүк Уурастыырап Алдьархайдаах хара тыынын ылан Аллара, аакка, умайа турар уот сымалаҕа Умса ас С. Васильев
11 аат тыл #
үөхс. Абааһы, адьарай, илиэһэй (үксүгэр сөҕөр, дьиктиргиир элэктиир дэгэттээх)
Нууччалыы Черт, дьявол, леший (обычно с оттенком изумления и насмешки)
Мишка буруйун мүлүрүтэн, бэркэ ирэн-хорон олорон, күлэ-күлэ кэпсэтэллэр уонна онтукаларын, "аат уола, илиэһэй киһитэ, дьэ быһа, адьарай диэтэҕиҥ", - диэн тылынан бүтэрээччилэр. Р. Кулаковскай Ньыыкаан! Аат уола, бэдик, бу хантан-хаһан өрө күөрэс гына түстүҥ? В. Титов Таһырдьа тахсыбытым, арай уол, бу аат тыына баара, ойуур диэки бытыгырыйа турбут ХС
Өссө холобурдар (5)
Сор-муҥ, эрэй, абааһы (кимтэн-туохтан эрэ олус мэһэйдэтэн, абааһы көрөн кыйаханан этии). Θ Черт, проклятье (говорится о ком-чем-л. мешающем, раздражающем). "Аат сүөһүтэ, сорбун сордоон да эрэр", - диэн ботугураабытынан, Микиитэ ынах кэнниттэн сүүрдэ. Амма Аччыгыйа Аат көлөттөрө, син тахсан сааттыгыт дии.
Суорун ОмоллоонТохтотор да бокуой суох, Иннин хоту дьөгдьөрүтэр. Адьаһын да умса охсуох Аат тыала сэниэтин эһэр Урсун Бу аат дойдутуттан күрэниэххэ дэһэннэр, утуйбакка эрэ көлөлөрүн көлүммүтүнэн бардылар. Болот Боотур [Мария:] Санаарҕаама, этэҥҥэ буоллаҕына биһиэннэрэ сотору кэлиэхтэрэ, бачча тыастара-уустара иһиллэр дьон, бу аат олоҕуттан хостуохтара Н. Туобулаахап
12 даҕааһын #
суолт. Куттал, иэдээн, өлүү (сирэ-дойдута)
Нууччалыы Страшный, бедственный, гибельный (напр., о месте)
13 этии #
Нууччалыы Ворота в преисподнюю
айаҕа - аакка киирэр аан; сатана дойдута Дьэс-чаҥ күннээх, таҥнары ыйдаах, Умсары уурбут халлааннаах, Сытыган уулаах, салыҥ буордаах Тимир иһирик ойуурдаах Аллараа дойду, аат айаҕар Аартык арыйан кини түһэр. Дьуон Дьаҥылы. Хоммут уоспутунан Хоҥнордохпутуна, Өрөөбүт уоспутун Өһүллэхпитинэ, Аат айаҕа Аппаҥнаабытынан барыа.
П. ОйуунускайАат айаҕын курдук Алдьархайдаах саахталар Айахтара аҥастылар, Үөдэн түгэҕин курдук Үлүгэрдээх хорооннор Дьөлүтэ көҥүрүстүлэр. Өксөкүлээх Өлөксөй