Перевод с якутского
аат-суол
аат тыл
Нууччалыы личное имя
English fame
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Анал аат (үксүгэр киһиэхэ туһаайан, аатын ханныгын баҕарар араарбакка этэргэ)
Нууччалыы Личное имя (обычно понимается обобщенно или безотносительно к фамилии, отчеству, прозвищу)
Тукаам, эн бэйэҥ хайа диэки оҕоҕунуй? Аатыҥ-суолуҥ кимий? Амма Аччыгыйа [Ньургуһун Ньукулай:] Туох бөрүкү билэрдээх буолуомуй, сити да киһини хаа-дьаа көрөр этим, аатын-суолун умнан да кээспиппин, дойдубуттан арахпытым бэрт өр буолла.
КүндэЭн уҥуоххар аатыҥ-суолуҥ суруллубатар даҕаны, эн умнуллубат уруйдаах уҥуоҕуҥ үрдүгэр кыырыктаах кынчаал өргөһө кылбайан умайа күлүмнүүр
П. Ойуунускай
2 аат тыл #
Киэҥник биллии, сураҕырыы, албан аатырыы
Нууччалыы Громкая слава, широкая известность
ы-суолу биир тэҥинэн Үллэстэбит биһи бары. С. Данилов Ыраах-чугас диэбэккэ, Ыһыахтарга тиийтэлээн, Атах-илии оонньуутугар Аата-суола биллибитэ Күннүк Уурастыырап
3 аат тыл #
Бочуот, чиэс, ытыктабыл
Нууччалыы Почет, честь, уважение; репутация
Таптал баай хоту, аат-суол да хоту буолбат (өс ном.)
4 этии #
а-суола алдьанна көр аата алдьанна. Киһилии аатыҥ-суолуҥ алдьанара, үтүө, сырдык ыраҥ бүтүннүүтэ хара дьуоҕаҕа тимирчи тэпсиллэрэ, кэскилиҥ, эрэмньиҥ букатыннаахтык эстэрэ - бу баар эбит саамай ынырык, саамай алдьархайдаах. Софр. Данилов. Аатыҥ-суолуҥ алдьана илигинэ, Ол балтыгын ойоҕум оннугар Ойох кулу! П. Ойуунускай.
Этиилэр
Аат-суол былдьас көр аат былдьас
Кини убайа Бүөтүккэ аҥаардастыы аатырарын сөбүлээбэт, аат-суол былдьаһар. ХС Биһиги аны бэркэлээтэҕинэ икки-үс сыл барыахпыт, омуннаатахха уон сыл олоруохпут. Дьэ оннук дьону кытта аат-суол былдьаһа сатыыр сөп буолуо дуо. Р. Кулаковскай
Аат-суол ыыт көр аат ыыт
"Күүскүнэн баран хаалан бараҥҥын аат-суол ыыта сылдьарыҥ сыыһа буолуо", - диэн ньымааттыы хаалла, күүлэҕэ өйөнөн туран, Никифоров кинээс. М. Доҕордуурап Соруйан аат-суол ыытан, куоталаһан эрдэхтэрэ. Түөрт сүүс киһини ыҥырбыттар [урууга]. "Кыым".
Аатын-суолун алдьат көр аатын алдьат
[Өрүүскэ:] Холкуос ситэ атаҕар тура илигинэ бу маннык дьоннору киллэрэн холкуос аатын-суолун алдьатар диэн туох баҕайытай?
Күндэ[Долгунуоп:] Хайдах дьаабылана сылдьаҕын, ааты-суолу алдьатан? Амма Аччыгыйа