Перевод с якутского
суол
аат тыл
Нууччалыы дорога
English road
Ис хоһооно · 11
1 аат тыл #
Нууччалыы дорога
English road
дэхси суол ровная дорогаa smooth road
2 аат тыл #
Айанныырга, сылдьыһарга аналлаах синньигэс балаһа сир
Нууччалыы Дорога, путь, трасса
Улахан суол. Аспаал суол. Ыллык суол. Ленскэйгэ диэри аптамабыыл сылдьар суола баар буола охсубут. И. Данилов Омоох суолунан иккилии таба көлүллүбүт түөрт наарта субуһан иһэллэр. Н. Габышев
Өссө холобурдар (3)
Омоох суол, көнө, айан суола, ыллык суол... Син эмиэ суол арааһын кэриэтэ, дьон олоҕо араас, майгыннаспат, тус-туспа суол В. Гаврильева Уунан, салгынынан сылдьар, айанныыр сир, миэстэ. Θ Водный, воздушный путь. Быйыл уу суола эрдэ аһылынна. Ньурбаны Саха сиринээҕи салгын суолун арҕааҥҥы аартыга диэн ааттыыллар И. Данилов
3 аат тыл #
Айан, сырыы
Нууччалыы Поездка, пребывание в пути
Көҕөнү ылан илиибэр туппутунан, суолбун салҕаан истим.
Суорун ОмоллоонИти курдук олох, охсуһуу туһунан кэпсэтэ-кэпсэтэ доҕордуулар ыраах суолу билбэккэ хааллылар. М. Доҕордуурап Кинилэр суолларын ортолоотулар Н. Заболоцкай
4 аат тыл #
Туох эмэ сымнаҕаска (үктэннэххэ, хаамтахха, тайаннахха о д. а.) ойууланан хаалар ойуу
Нууччалыы Отпечаток, след
Кини түстэ да – хайыһар суолугар иҥнэ биэрдэ. Амма Аччыгыйа Боруу саҕатыгар тиийбитим, кумахха улахан тайах саҥардыытааҕы суола олорон хаалбыт. Т. Сметанин Нөҥүө күнүгэр аһаан-сиэн, таҥаспытын, ол-бу малбытын хомунан эһэм суолун устун бардыбыт. Н. Тарабукин (тылб.)
5 аат тыл #
Туох эмэ хаалбыт бэлиэтэ, чинчитэ
Нууччалыы Признак, след чего-л
Эх, Мишка, Мишка. Тугу оҥостон эрэриҥ буолла? Тоҕо эрэ дьүһүҥҥэр дьол сылдьыбыт да суола суох.
Н. ЛугиновДьиҥэр историяҕа олох да суола суох хаалыах киһини Распе -- үйэтиппит ФЕВ ДьС
6 аат тыл #
Биир туспа туох эмэ көстүү, буолуу
Нууччалыы Действительное, вполне реальное событие, явление, дело
Ол эрээри кырдьаҕас Даарыйа саамай таптыыр суола остуоруйа. Амма Аччыгыйа Дьэ, үөрүүлээх суол доҕоор! Н. Неустроев Дьонуттан быстан соҕотоҕун тайҕа быыһыгар үрэх баһыгар хаалара чаҕаан суол. Далан
Өссө холобурдар (1)
"Хотуой, бэҕэһээ Талкы оҕонньордоох диэки сылдьан сүрдээх суолу истэн кэллим", – диэтэ
Күндэ
7 аат тыл #
Туспа көрүҥ
Нууччалыы Отдельный вид, разновидность
Үс суолунан сирбит эбит: хараҕа олоҕо суох – дьэргэлдьигэс, саҥата астыга суох – дьабдьыгырас уонна собулҕаны тоҥсуйар суорга дылы, собону көхсүттэн сиир. Амма Аччыгыйа Аттыгар, күөх тыаҕа, Араас суол чыычаахтар, Көҥүлү хоһуйан, Көҥүлү туойдулар. Күннүк Уурастыырап Сарсыныгар Миитэрэй Мотуруонаҕа лааппыттан икки суол ырбаахы таҥаһын -- ылан кэлбитэ Н. Түгүнүүрэп
8 аат тыл #
Киһи туохха эмэ тугунан, хайдах гынан тиийэрэ; тугу гынан ситиһэрэ
Нууччалыы Путь, стезя; способ достижения чего-л
Үлэ – үөрүү, үлэ – дьол, Үлэ – үүнэр, сайдар суол. Эллэй. Биһиги таба суолга турар эбиппит. И. Федосеев Ибрагим ити бутуурдаах соҕус боппуруоһу быһаарар суолу була охсубут этэ. В. Гаврильева Былаас, балаһыанньа "минньигэһэ" Туоскуну абылыыр. Туоскун карьера оҥостуу суолугар үктэнэр ХС
9 аат тыл #
Киһи бүтүн олоҕун эбэтэр ханна эмэ сылдьарын устатыгар тугу оҥорбута, оҥороро
Нууччалыы Жизненный путь; направление деятельности
Олох суола оруоса сибэккинэн тэлгэммэтэх диэбиккэ дылы, кини элбэх эриирдээх-мускуурдаах олоҕу олорон ааспыт. Ф. Софронов Елена Иннокентьевна көнө суолга таһаарбыт дьоно олус элбэхтэр. "Кыым". Онтон үтүөрэн тахсаат, бойобуой суолун танковай биригээдэтин кытта кыайыыга тиийэ салҕаабыта Кыым
10 этии #
Нууччалыы соотв. и след простыл
Этиилэр
Суола сойбут (тоҥмут)
1) суох буолбут, мэлийбит Көрбүтүм, хайыы-үйэ суоллара тоҥмут! И. Данилов. Бөлүүн дуу, билигин дуу ити уол ордук-хоһу саҥарбыта буоллар, мин суолум сойбута ыраатыах эбит. "ХС". Мин таһырдьа ыстанан тахсыбытым да, уолаттар суоллара хайыы-үйэҕэ сойбут этэ. С. Сарыг-оол (тылб.); 2) өлбүт.
Умер, скончался.
Аныаха дылы тыыннаах үһүө. Суола тоҥно ини. А. Сыромятникова Таҥхай Баһылай иһигэр көөнньөрбүт өһүөнүн аны аһаҕастык этэн сааммыт, суола сойбут Сэмэҥҥэ сытыы быһаҕын кыыныттан таһааран кылбаҥната-кылбаҥната кыбдьыгыраамахтаабыт. ХС
Суолбут икки аҥыы
өйбүт-санаабыт олох тус-туһунан, бэйэ-бэйэбитин өйдөһүөхпүтүн табыллыбат диэн этии.
Разойтись во взглядах, обнаружить полное несогласие в чём-л. (букв. у нас разные дороги).
[Михаил – Николайга:] Бар! Киэр бар! Аны эн миэхэ наадаҥ суох, киэр бар, эн биһикки суолбут икки аҥыы! С. Ефремов
Суолгун көннөр көр көннөр
Чэ, оччоҕо билигин Чаҕыл Иванович биһикки суолбутун көннөрө турдахпыт. ХС Чэ, туох буолуой, ол чөҥөчөк үрдүгэр сынньана түһүллүө уонна суолу көннөрүллүө. "Кыым".
Суолгун сабын
буруйданар, түбэһэр дьыалаҕыттан куотунан, ону кэрэһэлиир тугу эмэ суох гын эбэтэр тугу эмэ толук аҕал.
соотв. заметать следы.
Деомид Бакланов -- биир киһини булбутун, ол киһи тыынынан бэйэтин суолун саптынаары гынарын кэпсээн биэрэр. Н. Якутскай Ол гынан киһилии бырастыылаһан, миигин бэлэҕинэн симиир, көрдүҥ дуо?
Харчынан! Суолун сабыннаҕын көр эрэ! И
Чаҕылҕан.
Суолла ас (арый, солоо, үктээ)
туох эмэ саҥаны төрүттээ, саҕалаа.
Быть основателем, зачинателем чего-л. (букв. открыть дорогу).
Тыл албан аатырбыт худуоһунньуга Горькай өлбөт-сүппэт айымньыларынан саҥа суолу арыйбыта. Софр. Данилов. В. Кейметинов, А. Кривошапкин литература киэҥ толоонугар тус бэйэлэрэ суол үктээн киирдилэр, айымньыларын бэчээттэттилэр. АНТ ДьҮС. Уруй дуу, саха кыыһа! Уруй, ылбыт уордьаҥҥар: Хаһан да күндү буолаллар Суол аһар бастакылар. ХС
Суолла биэр
ким эмэ тугу эмэ гынарыгар мэһэйдэһимэ, туора турума.
Не мешать кому-л.
что-л. делать.
Суолун (оннун) буллар көр буллар
Айан суолун тут көр айан
Бу айан киһитэ кинилэр аттыларынан ааһар айан суолун тутан иһэр. Эрилик Эристиин Күһүнүгэр Аркашалыын тус-туһунан чаастарга түбэһэн, уһун айан суолун туппуппут. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Ир (ириэнэх) суолун ирдээ, тоҥ (тор) суолун тордоо көр ир II. Эн миигин сибилигин өлөрбүтүҥ, таһыйбытыҥ да иннигэр убайым Ньургун Боотур обургу кэллэҕинэ – ир суолбун ирдиэҕэ, тор суолбун тордуоҕа, мин кэппин кэтэрдиэҕэ. Ньургун Боотур. Тоҥ суолбун тордонон көрөөр, Ириэнэх суолбун ирдээн көрөөр.
П. Ойуунускай
Кэтит суолун кэһимэ (уһун суолун оймоомо) көр кэтит
Кэтит суолун Кэспэт буолуҥ, Уһун суолун Оймообот буолуҥ. П. Ойуунускай
11 этии #
Нууччалыы Достаточное промерзание рек, озёр для прокладки зимней ледовой дороги
Этиилэр
Суол аана көр аан I
Суол аанынааҕы ороҥҥо Быргый ийэтэ Мааппа эмээхсин, ыалдьан өлөөрү ынчыктыы-ынчыктыы, хамсаабакка-имсээбэккэ, сээкэй эргэ нэк тыытырхайыгар сууланан көппөх тахсан сыппыта.
КүндэСыппа оҕонньор Халытарга олох маһын тура охсон биэрдэ, бэйэтэ суол ааныгар баар мас кыстыыр диэки сукуҥнаата. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Манчаары кыратык ботугуруу-ботугуруу, туран суол ааныгар барбыт. МНН.
Суол туруута
кыһын өрүс, күөл мууһа үрдүнэн сылдьарга, айанныырга сөп буола тоҥуута Эн күһүн суол туруор диэри манна соҕотоҕун олорон эриэҥ этэ.
Суол турдаҕына дьоҥҥун көһөрөр бырайыаһы, суточнайы, подьёмнайы барытын толору төлүөхпүт. Р. Кулаковскай Суол турдаҕына кэлии-барыы элбиэҕэ, оччоҕо ааһааччылар үксүөхтэрэ. ХС
Тиһэх суол
киһи өлөн ииҥҥэ киириитэ, көмүллүүтэ.
соотв. последний путь (о похоронах).
Аны мантан инньэ тиһэх суолгар аттанаргар хомуннахха эрэ табыллыыһы.
Н. ЛугиновАҕабытын тиһэх суолугар даҕаны атаарарбытыгар кэлэ сылдьыбатаҕа. М. Попов
Өссө холобурдар (1)
Кинини биһиги оскуола бүтүннүүтэ -- тиһэх суолугар атаардыбыт. ХС
Тимир суол
пуойас айанныырыгар аналлаах тимир ыллык суол.
Железная дорога.
Оччотооҕуга кинилэр тимир суолунан айаннаабыттар.
Суорун ОмоллоонУоран богуон анныгар кытаахтаһан, тимир суол устун Мундербегы көрдөөн Ташкент, Фергана куораттарга -- сылдьыбыта. Эрилик Эристиин
Сыарҕа суола
сыарҕа үчүгэйдик халтарыйар гына түспүт хаар, хаар суол.
Санный путь. А. П.
Серебровскай 1929-30 сыллардаах кыһын Алдаҥҥа сыарҕа суолунан тиийэн кэлэ сылдьыбыта. ЯАМ СД. Күһүн сыарҕа суола турарын аҕай кытта Сергей Иванович уокуругу кэрийэ, ыарыһахтары эмтии айаннаабыта. И. Федосеев Ыраахтааҕы суола эргэр. – былыр сылга биирдэ харчынан ылыллар нолуок. Царская повинность. "Оттон ыраахтааҕы суолугар бу баар", – отуу ойоҕоһуттан тэрэпиискэҕэ сууламмыт биэс сүүстээх харчыны ылан көрдөрөр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Урут "ыраахтааҕы суолун харчыта" диэн сыллата аайы түһээн кэлэрэ. Н. Якутскай ДТС йол, тюрк. йол, юл, ёл, чол, дьул