Перевод с якутского
суоллаа
туохтуур
Нууччалыы проложить дорогу
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Суоллаах гын, суолла ыыт
Нууччалыы Проложить дорогу
Күнэ суох сири күннээтиҥ, Үүммэт тоҥ сири үүннэрдиҥ, Суола суохтары суоллаатыҥ, Дьоло суохтары дьоллоотуҥ! Эллэй. Халыҥ быйаҥ кылааппытын Хара систэн хостуубут, Ыраахпытын-чугаспытын Ыстаал-тимир суоллуубут. А. Абаҕыыныскай Кылааннаах бииһин сойуолаан, Кыһыннары-сайыннары бултаан, Эргэнэ тыа иэнин Эрийэ-буруйа суоллаабыт Урааҥхай саха ыччаттара! С. Васильев
2 туохтуур #
Ким-туох эмэ суолун батыс, барбыт суолунан батыһа бар
Нууччалыы Выслеживать, преследовать кого-л. по следу. [Тиитэп:] Кууһума оҕонньор ампаара алдьаммыт, ону суоллуу сылдьаллар
Тахсан суоллаан көөртө, киһилиин-сүөһүлүүн Амма диэки барбыттар. Эрилик Эристиин Эһэни суоллаан, үрүйэни батыһа түҥкэл-таҥхал түһэн, арааһа, уонча биэрэстэ курдугу хаампыттара П. Аввакумов
3 туохтуур #
Туохха эмэ суолла оҥор, суолла хааллар
Нууччалыы Оставлять след на чём-л. чем-л
Тыалга биэтэҥэлээн биэрбэтин наадатыгар илдьэ кэлбит тымтыгыттан тыыран ылан, быһах төбөтүнэн суоллаан, туһах кылын кыбытта. С. Тумат Аныгы охсооччулар хадьымаллара көбүн, суоллара кыараҕаһын сирэбин. Мин үс миэтэрэ киэҥинэн суоллуурум, хара буоруттан кыһыйан охсорум. КН ПБ
4 туохтуур #
Урут сыһыат туохтуур пуорматыгар "араастаан, тус-туспатык" диэн суолтаҕа туттуллар
Нууччалыы В форме деепричастия на -ан употребляется в значении наречия: "различно, неодинаково"
Өйтөн суруйууну сүнньүнэн уруокка уонна дьиэҕэ биэрэн икки суоллаан суруйтараллар. СЛСПҮО. Үнүгэстэринэн үүнээйилэри араас суоллаан ууһаталлар. КВА Б. Мартов формулатын, дьиҥэр, икки суоллаан өйдүүр кыах баар. В. Ленин (тылб.)
5 этии #
Нууччалыы Довести кого-л. до преждевременной кончины, убить
Этиилэр
Суорума (сор) суоллаа
кими эмэ быстах өлүүгэ тиэрт, быстах үйэлээ Нүһэр Дархан кырыылаах хараҕынан Кынчарыйа көрбүтүн хайаан да Суорума суоллуур үгэстээх.
Оҕотун сүөрэн түһэрэн кууһа сытан сор суоллаабыт баттыгастаах баай ойоҕун кыраабыта-таныйбыта. ХС Икки уолтан хайаларын харабыынын буулдьата бу киһини суорума суоллаата? "ХС"