Перевод с якутского
эҥээрдээ
туохтуур
Нууччалыы делать полы одежды или отделывать края, стороны чего-л. чем-л
1 туохтуур #
Таҥас эҥээрин эбэтэр туох эмэ кырыытын, кырыы өттүн оҥор
Нууччалыы Делать полы одежды или отделывать края, стороны чего-л. чем-л
"Тирии кынат" диэбит курдук, Тэлимнэҕэс эҥээрдээтилэр, "Кунаах төбө" диэбит курдук, Кубаҕай хортуустаатылар. С. Васильев Баһылайкаан дьиккэр, -- үүтээҥҥин муус эҥээрдээн кэлбиккин ХС Тугу эмэ кыйа, батыһа эбэтэр икки өттүнэн кэккэлии бара тур. Θ Тянуться в ряд вдоль или по обеим сторонам чего-л. (напр., берега, улицы). Тойуктар хоһоонноро кэпсииллэринэн, Алтан хайа киэҥ сири хабан сытар сис хайанан буолар. Маны эҥээрдээн улахан күөллэр бааллара ыйыллыбыттар. "Чолбон". Эн Бүлүү эбэ хотуну эҥээрдээн сытар дэхси, нэлэмэн хонууларынан-сыһыыларынан сылдьыбытыҥ дуо? АДГ СКУо
2 туохтуур #
Тугу эмэ кытта сэргэ туох эмэ куһаҕаны оҥор, эрэйи-буруйу таһаар, аҕал
Нууччалыы Примешивать, вовлекать, впутывать что-л. к чему-л. (напр., о неприятностях)
Кири-дьайы киллэримэ, Эрэйи-буруйу эҥээрдээмэ, Алдьархайы-былаҕайы аҕалыма!
Өксөкүлээх Өлөксөй[Ийэбин] Угунньалыыр буурайга, Ачаахтаах хатыҥ тоһоҕоҕо Эримэх бэйэтин эммэнитэн Энэлгэн-сыналҕан эҥээрдээн, Түөнэ чопчу төбөбүнэн Түһэн төрөөбүтүм баар этэ. С. Зверев Омук империализма биһиэхэ күүһүнэн соҥнообут гражданскай сэриитэ Арассыыйаҕа элбэх эрэйи-кыһалҕаны эҥээрдээбитэ ХС
3 этии #
Илбиркэй эҥээрдээ кэпс. – кими эмэ харысхала суох атаҕастаан, баттаан, көлөһүннээн доруобуйатын улаханнык алларыт, өрүттүбэт гына дьадат, умнаһыт олоҕор тиэрт Мин эһигини, хара көлөһүммүнэн муспут баайбын-топпун аймаабыттары, алаһа дьиэбин алдьаппыттары, илбиркэй эҥээрдээбиттэри, бакыр сүһүөхтээбиттэри, ойуттубут олооччулаабыттары, кыраатаҕым буоллун! Н. Якутскай
Нууччалыы Довести кого-л. до полного разорения, ввергнуть в крайнюю бедность, нищету