Перевод с якутского
сыһыар
туохтуур
Нууччалыы приклеить, прикрепить что-л. к чему-л
English to attach
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Тугу эмэ ханна, туохха эмэ хоҥнубат гына тугунан эмэ иҥиннэр, сыбаа
Нууччалыы Приклеить, прикрепить что-л. к чему-л
Ыраас, халыҥ кумааҕыны түөрт муннуктуу кырыйан баран, кинигэ тас өттүгэр сыһыарда уонна бэркэ ууһумсуйан олорон бөдөҥ буукубаларынан "Альбом" диэн суруйан кэбистэ. Амма Аччыгыйа Ким төһө кыайарынан дьиэтин эркинигэр сибэккилээх ыспалыары сыһыарар, сибэккилээх хартыынаны ыйыыр. С. Васильев Сотору тахсан ааҥҥа биллэрии сыһыарда М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Тугу эмэ туохха эмэ холбуу тут, эбэн биэр
Нууччалыы Присоединить, приобщить, прицепить что-л. к чему-л
Өлбүттэр, дьадайбыттар сирдэрин барытын сыһыаран-сыһыаран, Сыҕаайаптар сирдэрэ кэҥээтэр-кэҥээн иһэр. Амма Аччыгыйа Холкуоска дьону сыһыарыахтарын, дьону тардыахтарын билиминэ, хата, дьону тэйитэллэр этэ.
КүндэЧугастааҕы ойууртан суон бэрэбинэлэри кэрдэн, онно икки богуону сыһыаран, бэртээхэй остолобуой туппуттар П. Егоров
Өссө холобурдар (6)
Тугу эмэ туохха эрэ даҕайан ыл эбэтэр ыкса чугаһата тут. Θ Приблизить кого-что-л. к чему-л.; едва коснуться, дотронуться до чего-л. Атын төҥүргэскэ сыһыаран, миинэн айаннаабытынан барда. Амма Аччыгыйа Дабыыт сааны иэдэһигэр сыһыарбатаҕыттан үөрэр. У. Нуолур Кылыйан кыыралдьытта, чээл күөх кырыска тиҥилэҕин да сыһыарбат курдук сүүрэн элээрдэ ХС Кими эмэ туохха эмэ кыттыгастаах, сыһыаннаах гын. Θ Вовлечь кого-л. в какую-л. деятельность, сделать участником чего-л., приобщить к чему-л. Ийэтэ кинини кыратыттан үлэҕэ сыһыаран, олоххо бэлэмнээбитэ буолбатаҕын. М. Доҕордуурап Бу мин, суос-соҕотох төрөппүт уолуҥ, баарбын туох эмэ үчүгэй дьон быһыытыгар-майгытыгар сыһыардыҥ дуо? А. Сыромятникова Марк Николаевич биһигини музыканы өйдүүргэ, таптыырга бары өттүнэн сыһыаран үөрэтэн испитэ. С. Аа
3 туохтуур #
Тугу эмэ туохха эмэ холбуу, дьүөрэлэһиннэрэ тут
Нууччалыы Сочетать, совмещать, связывать что-л. с чем-л
Онон, бүгүн манна буолбут аһаҕас кэпсэтииттэн хайа-хайаҕыт, үлэ-хамнас туһатыгар сыһыаран көрөн, сөптөөх отчуоту бэйэҕитигэр бэринэн, наадалаах түмүгү оҥостунаргыт эрэйиллэр. В. Яковлев Ити сөп: сэлэ – тимир. Ол гынан баран, Сэлэ Хаппый диэн сир аатын [Комаров] итиннэ сыһыарара алҕас, Сэлэ Хаппыт – сэлэ өтүүтүн хаппыт сирдэрэ буоллаҕа дии! Багдарыын Сүлбэ. Быстах түбэлтэни уопсай быраабылаҕа сыһыаран түмүктээһин дедукция диэн ааттанар ДИМ
4 туохтуур #
Кими-тугу эмэ бэйэҕэр чугаһат, бэйэҥ көрүүгэр-харайыыгар ыл
Нууччалыы Приближать кого-л. к себе; приставить кого-л. к кому-л. для надзора
Табаарыс биригэдьиир, бу оҕону миэхэҕэ сыһыар! Үөрэтэн, такайан, солбуйааччы оҥостуоҕум. В. Яковлев [Ааныска:] Сахаар, ити тоҕо биһиги Сибиэтэбитигэр сүрдээх элбэх ынаҕы сыһыардыгыт? Уон алта ынах элбэх буолбат дуо? С. Ефремов Саха норуотун чулуу уола П. А. Ойуунускай Даадары мээнэҕэ талан бэйэтигэр сыһыарбатаҕа чахчы Чолбон
5 туохтуур #
Ыарыыны тарҕат, атыттары ыарытыннаран сүһүрт (инфекционнай, вируснай ыарыынан ыалдьыбыт киһи туһунан)
Нууччалыы Заразить кого-л. чем-л. (напр., болезнью)
Дьоммун куһаҕаннык ыалдьан өллүлэр, кыыстарыгар кытта сыһыарбыттар диэн сураҕы кини ыыппыт этэ. Н. Заболоцкай Бааһынайдар сүөһүлэригэр куорҕаллааччылар араас ыарыылары (чумааны, анемияны уо. д. а.) сыһыараллара БИД