ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көннөр

туохтуур

Нууччалыы выпрямлять

English to straighten out

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Нууччалыы выпрямлять

English to straighten out

  • маһы көннөр
    выпрямить деревоto straighten the tree

2 туохтуур #

Нууччалыы правильный

English to correct

  • алҕаһы көннөр
    исправить ошибкуto correct a mistake

3 #

Тахсыбыт сыыһаны, итэҕэһи суох оҥор (сурукка-бичиккэ)

Нууччалыы Устранить, исправить ошибки, недостатки (напр., в письменном тексте)

  • көн диэнтэн дьаһ. туһ. Утуктаабыт курдук төбөтүн төҥкөччү туттан испит эмээхсин көхсүн көннөрөн, мыччырыттыбыт сирэйинэн суон киһи диэки хайыста.
    Амма Аччыгыйа
  • Көйүү кымыһынан Күөмэйбитин көннөрөн, Көхсүбүтүн чөллөрүтэн Күн айыы сиригэр Күргүөмүнэн көрүлүөҕүҥ!
    С. Васильев
  • Үлэ саҕа киһини көннөрөр суох. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Оҕолор дьыктааннарын көннөрдүм. Кинигэм корректуратын көрдүм, көннөрдүм.
  • Этиллиэ суохтаах тыллар эмиэ этиллэн хаалбыттара. Ону көннөрбөккүн
    Н. Лугинов

4 этии #

Нууччалыы соотв. давать выволочку кому-л. [Сүөкүлэ - кыыһыгар:] Арба мунньах эйигинэ суох сатаммата буолуо?

  • Ноһуоратын (моһуоратын) көннөр - таһыйан, кырбаан, кэһэтэн биэр, тутан биэр Дьэ, кэпсиэ, туох үтүө дьүүлү арыйдыгыт? Кими талыырга-халыырга ууруу уурдугут? Эйигин баҕас ноһуораҕын көннөрүөм ээ.
    А. Софронов
  • Мин эйигин моһуораҕын көннөрүөм, хара ыты.
    Н. Неустроев
  • Санаатын көннөр - ким эмэ санньыйбытын, кыыһырбытын аһар, үчүгэй майгылаа. Θ Приводить кого-л. в доброе расположение духа, поднять настроение, подбодрить, поднять дух кому-л., утешать. Межницкэй туох эмэ үтүөнү оҥорон, Захаренконы алы гынан, санаатын көннөрүөн баҕарбыта, оннук түбэлтэ көстөн биэрбэтэҕэ...
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (5)
  • [Бааса:] Сибилигин тыаҕа тахсан -- бэлиитикэҕэ даҕаны, олоххо даҕаны саҥа гуманнай быһыыны тэниттэр - ол дьон санаатын көннөрүө, ол дьону эйэ дэмҥэ киллэриэ этэ.
    Күндэ
  • Сискин көннөрбөккө үлэлээ - харса суох күүскэ үлэлээ. Θ Работать не покладая рук, не разгибая спины, неустанно. [Убайбыт саҥаспынаан] балтым биһиккини атахпытыгар туруораары, -- систэрин көннөрбөккө үлэлээбиттэрин өйдөөтөхпүнэ, мин кинилэр хайдах курдук муҥура суох үтүө санаалаахтарын, киэҥ-холку майгылаахтарын сөҕөбүн уонна үйэм тухары бу ийэ-аҕа буолбут дьоммор махтанабын. НЕ ТАО. [Оҕолор] омурҕаннарыгар өйүөлэрин - от үөрэтин - сыпсырыйан ылаллара уонна систэрин да көннөрбөккө эмиэ үлэлээбитинэн бараллара. НЕ ТАО. Сиһин көннөрө түһэр - тиэрэ түһэн сытан ылар, сиһин сынньатар. Θ Прилечь на спину (чтобы дать отдохнуть спине). Суох, кини утуйбат, сиһин эрэ көннөрө түһүө.
    Н. Заболоцкай
  • Суолгун көннөр - онно-манна тардыллыбакка хоҥун, бар. Θ Не задерживаясь, не мешкая, трогаться с места, уходить, отправляться. Утуйа түһэн баран, дьиэтин диэки суолун көннөрөргө быһаарынна.
    В. Титов
  • Манна үбү-аһы, уһун солкуобайы эккирэтэн кэлбит сорох урдустар тулуйбатахтара, кинилэр бэрт кылгастык олоро түһээт, суолларын көннөрбүттэрэ.
    Я. Козак
  • Сүнньүн көннөр - кэһэт, кэһэтэн иннин ыл, киһи тылын истэр оҥор. Θ Проучить, наказать кого-л., чтобы сделать его более податливым, послушным (букв. спинной мозг его выпрямить). Бэйи, Кэтириис, алыс тиэтэйимэ, Быһаарсар кэм баар буолуо. Биһиги хайаан да кинини сүнньүн көннөрүөхпүт.
    НС ОК

«К» буукуба