ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сөп

даҕааһын, частица, тыл, туохтуур, сыһыат, аат тыл

Нууччалыы верный, точный, правильный. [Сатараал:] Бу эмиэ сөп тыл

English right, correct

Ис хоһооно · 11
I

1 даҕааһын #

Киһи ылынар, киһи санаабытын, толкуйдаабытын курдук

Нууччалыы Верный, точный, правильный. [Сатараал:] Бу эмиэ сөп тыл

  • Ээ, дьэ, маладьыас, сөп сылтаҕы булбуккун!
    Н. Якутскай
  • Хата, бу сөп этии буолаарай.
    М. Доҕордуурап
  • Арбатскай үлэһит, майгы-сигили өттүнэн ыраас уонна аһара сөп киһи
    ПБН БЭДь
Өссө холобурдар (5)
  • Кини бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, саар тэгил уҥуохтаах, арбайбыт хойуу баттахтаах аҕамсыйа барбыт киһи.
    Л. Попов
  • Сайынын хаһыҥныыр хаҕыс дьыл Үүнүүгэ кэхтиини аҕалар. Сөп ардах, сөп куйаас – оннук сыл Быйаҥа хоппоҕо баһыллар.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Онно көрдөхпүнэ, Миронов хатыҥыр, сөп уһун, көнө уҥуохтаах, ол гынан баран төбөтүн кыратык иҥнэрэн туттар этэ. Багдарыын Сүлбэ. Эмискэ быһа түспэт сөп түргэнинэн сыыйа тэбэн айаннаабыппыт
    ХС
  • Барытын булуохха сөп, табаарыстаар.
    Амма Аччыгыйа
  • Итинник хотойдорго эрэниэххэ сөп. Софр. Данилов. Киниттэн киһи элбэххэ үөрэниэн сөп
    ХС

2 даҕааһын #

Тэҥнээх, холоонноох

Нууччалыы Равный кому-л. в чём-л., соответствующий, подходящий кому-чему-л

  • Дьахтар даҕаны син сүрдээх курдук сананара да, киниэхэ сөп киһи түбэстэ. Ньургун Боотур. Төрөппүккэ сөп наҕараада.
    Р. Баҕатаайыскай
  • "Холбоһоргутугар саамай сөп дьоҥҥут", – диэт, Яков Ананий илиитин бобо харбаан ылла
    М. Доҕордуурап
  • Бачча тухары сөбүн ыаллаһан олордубут.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (5)
  • Мин даҕаны сөбүн көҥүл-босхо сырыттым.
    Болот Боотур
  • Сөбүн биир сиргэ хаайтаран олордо
    ХС
  • Оту утары күрүөлээн иһэргэ сөп.
    Амма Аччыгыйа
  • Тиэтэйдэххэ сөп.
    ХС
  • Кыра оҕо итини билбэтэ сөп
    ХС

3 сыһыат #

Олус элбэҕэ да, аҕыйаҕа да, улахана да, кырата да суох, ордук-хоһу буолбатах

Нууччалыы Довольно, достаточно, в достаточной степени, порядочно

4 сыһыат #

Аҕыйаҕа, кырата суохтук, киһи мыымматын курдук (сөбүн ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы До некоторой степени, немало, порядком (употр. в ф. сөбүн)

5 сыһыат #

эб. Саҥарааччы этиллибиккэ сөпсөһөн этэр хардата

Нууччалыы Выражает согласие говорящего со сказанным кем-л. (соотв. ладно, да, хорошо)

Өссө холобурдар (1)
  • [Саввин:] Сөп, табаарыс хамбаат, барытын толоруом
    С. Ефремов

6 аат тыл #

Этиллэр хайааһын буолуон сөптөөҕүн көрдөрөр (инфинитив I уонна -тах сыһыар-х аат туохт. туохт. түһүккэ турар ф-ларын кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает возможность, допустимость действия, о котором говорится (употр. с инфинитивом I и ф-ой вин. п. прич. на -тах; можно)

7 аат тыл #

Этиллэр хайааһын оҥоһуллуохтааҕын буолуон сөп дэгэттээх көрдөрөр (инфинитив I, II уонна билиҥҥи кэмнээх аат туохтуурдар тард. ф-ларын кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает необходимость совершения действия, о котором говорится с оттенком возможности (употр. с инфинитивами I, II и притяж. ф-ой прич. наст. вр.; нужно)

8 этии #

Нууччалыы Он ответит за это, получит по заслугам

Этиилэр

Сөбө көстүө

ким эмэ тугу эмэ оҥорбутун иһин эппиэттиир кэмэ кэлиэ Үрдүк тойоҥҥо ити быһыытын биллэрдэр кини да сөбө көстүө этэ.

  • Оччоҕо бу түүн мин сөбүм көстөр да ини…
    Амма Аччыгыйа
  • [Саһааннаах] өстөөхтүү дьайыыларын туһунан арыйа сатаан эрэбит, кини да сотору сөбө көстүөҕэ.
    Эрилик Эристиин

Сөбүн көр (көрдөр)

кими эмэ өйдүү-саныы сылдьар курдук кэһэт, тутан биэр.

Проучить как следует кого-л., дать хорошую взбучку кому-л.

  • Дьэ, атаспын, эйигин баҕас, оттон сөпкүн көрдөҕүм.
    Суорун Омоллоон
  • Бэйикэй, булларбын эрэ сөпкүн көрдөрүөм, куттаммыт эрэйбин иэстиэм, аны түүнү быһа көрдөтөн муҥнаабат оҥоруом. Софр. Данилов.

Мин үҥсүөм

эһиги үрүҥ сүнньүгүтүн көннөрүөхтэрэ, сөпкүтүн көрүөхтэрэ!

  • Е. Неймохов.

Сөбү кытта сырыт

тустаах санаата суох буол, барыларын кытта сөбүлэһэр, сөпсөһөр аакка сырыт.

Не имея собственного мнения, быть согласным со всем и всеми.

  • – Эн тоҕо наар төттөрүтүн этээччигиний? – Бары сөбү кытта сырыттахпытына, тутуспутунан тугу эрэ алҕаһаан кэбиһиэхпит. Мөккүөр, утарсыы баара үчүгэй.
    У. Нуолур

Сөбүн ылла

улаханнык кэһэйдэ.

Получить по заслугам, понести наказание, схлопотать.

  • Кини баарына кураанах тылынан толунуон баҕарбыт киһи сөбүн ылара. ЛВ МТА. Ханнык баҕарар салайааччыны кытта кэпсэтэригэр кини тэрилтэ бастыҥ дьоннорун туһунан ыйытарын хаһан да умнубат буолара. Ону билбэт хаһаайыстыбанньык сөбүн ылара. ОТК. "Манна ытар табыгаһа суох, олбуорга тахсыах, эн онно сөпкүн ылыаҥ", – диэтэ. "ХС"

9 этии #

Нууччалыы Довольствоваться чем-л., удовлетвориться. [Кэргэним] хорсунум, хотойум эн бар диэн баран, биирдэ уураан ылбытыгар сөп буолан, бу эгдэйэн кэлэн хааллым

Этиилэр

Сөп буол

тугу эмэ гынаргын, оҥороргун дуоһуйан тохтот, уурат Суорун Омоллоон.

  • Аныгы киһи уон-сүүрбэ куһу өлөрөн баран уоскуйбат. Сорохтор сүүһү да өлөрдөхтөрүнэ уоскуйбаттар, сөп буоллум диэбэттэр, бара тураллар.
    Далан
  • Утуйуу уота оттулунна, Оһох умайан күллэ-салла. Сорох сөп буолан сынньанар, Олорон тииһин анньынар.
    ХС

Сөп буола-буола

кэмиттэн кэмигэр, тохтуу-тохтуу.

Время от времени.

  • Устан иһэн сөп буола-буола тохтоон уот оттон, тыыгын ыаһыыгын.
    Н. Габышев
  • Өлөөнө иһиллии сатыыр. Дьонноро суугунаһаллар, сөп буола-буола таһырдьа тахсан киирэллэр.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Кэпсиирин быыһыгар сөп буола-буола ааптар кыра лирическэй киллэһиктэри, туспа лоскуйдары кыбыталыыр.
    ХС

Сөп буолла

туох эмэ саҕаланара эбэтэр бүтэрэ кэллэ, уолдьаста.

Настала пора (начаться или завершиться чему-л.).

  • Оонньуу-күлүү Оройо аһыллыан сөп буолла!
    П. Ойуунускай
  • Доҕоор! Турууһуккун, халлааммыт сырдаан эрэр, турарга сөп буолбут.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Николай Филиппович ытыалыырга сөп буолла дии саныыр.
    И. Бочкарёв

Сөп түбэс

туохха эмэ оруобуна буол; туохха эмэ тэҥнии, дьүөрэлии буол.

Соответствовать, подходить чему-л. по каким-л. признакам.

  • Сааһа да онуоха сөп түбэһэр. Софр. Данилов. Бу этиитэ Ойуунускайга бэйэтигэр олус сөп түбэһэр.
    Суорун Омоллоон
  • Бурхалей ылан эргэ бараан бэргэһэни кэтэн көрбүтэ, кини бааччахтаах төбөтүгэр сөп түбэстэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • [Вера:] Суох, мин кырдьыкпын этэбин, Сибиэтэ. Мин майгыбар Захар сөп түбэспэт.
    С. Ефремов
  • Ср. тув. чөп ‘правильно’, алт. дьөп ‘согласие, совет’, бур. зүб ‘верно; верный’, монг. зөв ‘правильный, верный’
II

10 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, сө- диэн саҕаланар олохторго сыстар: сөп-сөрүүн

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательных, присоединяемая к основам, начинающимся на сө-: сөп-сөрүүн ‘очень свежий, прохладный’

  • Ып-ыраас, сөп-сөрүүн ууга астыныахтарыгар диэри умсаахтыыллара.
    Н. Лугинов
  • Салгын ып-ыраас, сөп-сөрүүн уонна дьэҥкэрэн олорор.
    А. Бэрияк
  • Сөп-сөрүүн ампаарга Соҕотох сытабын
    Баал Хабырыыс
III

11 #

ыан т. Саҥарааччы сөбүлэһиитин, сөбүлээһинин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает согласие, одобрение говорящего (ладно, хорошо)

Өссө холобурдар (3)
  • Таһаарбыт буоллаххына, сөп
    С. Ефремов
  • Интонация көмөтүнэн толкуйга түһүү, кыйаханыы уо. д. а. дэгэттээх буолуон сөп. Θ Произнесённое с определённой интонацией может выражать различные оттенки (раздумие, раздражение и т. п.). Сөп, сөп! Сэрэнэн-сэрэнэн баччаҕа тиийдэҕим!
    Амма Аччыгыйа
  • Сө-өп! Дьэ билигин ону быһаарар инниттэн тугу гыныахтаах этибитий?
    В. Яковлев

«С» буукуба