Перевод с якутского
суол-иис
аат тыл
Нууччалыы всякая дорога вообще, путь-дорога. [Бадин:] Эн дойду суолун-ииһин барытын билэр буоллаҕыҥ дии?
1 аат тыл #
Айанныырга, сылдьыһарга аналлаах, онно сөптөөх сир (суол) уопсайынан барыта
Нууччалыы Всякая дорога вообще, путь-дорога. [Бадин:] Эн дойду суолун-ииһин барытын билэр буоллаҕыҥ дии?
Оччотооҕуга хара тыа, таас хайа быыһыгар саһан сыппыт Алдаҥҥа хайа даҕаны өттүнэн сылдьыһар суол-иис суоҕа. И. Никифоров Дохсун самыыр түһэн, суол-иис улаханнык алдьаммыт этэ Кыым
2 аат тыл #
Туох эмэ сымнаҕаска (үктэннэххэ, хаамтахха, тайаннахха) ойууланан хаалар ойуу (суол элбэх буоллаҕына эбэтэр ким-туох гиэнэ буолара чуолкайа, быһаарыыта суох буоллаҕына тут-лар)
Нууччалыы Множество отпечатков, следов, признаков пребывании кого-чего-л
Хайыы-үйэ Халыҥ сискэр Суол-иис бөҕө тыырыллыбыт, Сырыы бөҕө сырыырҕаабыт. С. Зверев Оҕонньор суолу-ииһи көрөөрү төттөрү-таары тэпсэҥнээтэ, дьүүллээн-дьаабылаан тугу да араарбата. Болот Боотур Табалар, тайахтар таптаан ньэкээрэллэр эбит: суол-иис баһаам И. Данилов
3 аат тыл #
Кимтэн-туохтан эмэ хаалар бэлиэлэр, чинчилэр
Нууччалыы То, что остаётся после кого-л. или по прошествии чего-л., след
Олоххо туох да суолу-ииһи хаалларбатаҕын дьэ өйдүүр. А. Фёдоров Үөрдүм күндү доҕотторум, Үөрдүм олус эһигиттэн: Таах ааспатах олоҕум – Суол-иис хаалбыт кэннибиттэн. П. Тобуруокап Биһиги кэпсиир түбэлтэбит буолбута сылтан орто да, буруй оҥоһуллубут суола-ииһэ өссө да оһо илик Кыым