ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

буллар

туохтуур

Нууччалыы давать обнаружить себя или что-л. скрываемое

1 туохтуур #

Көрдөөһүнтэн кыайан саһыма, куотума эбэтэр тугу эмэ кыайан кистээмэ, куоттарыма. (үксүгэр буолб. ф-ҕа мэлдьэх. этиилэргэ тут-лар)

Нууччалыы Давать обнаружить себя или что-л. скрываемое (обычно употр. в отриц. ф. или отриц. оборотах)

  • бул диэнтэн дьаһ. туһ. Чэ, дойдубун буллара оҕус.
    Амма Аччыгыйа
  • Көмүспүтүн, саатар, оннун буллардарбыт үчүгэй буолуо этэ.
    Н. Якутскай
  • Эмээхсин сүктэн кэллэҕин утаа ыйдаҥа тунал сырдыгар иҥиир сабы иннэ үүтүгэр булларар сытыы да харахтааҕа. В. Иванов
Өссө холобурдар (5)
  • Куһаҕан Ньукулай уола бэрт чугас саһан сытар быһыылаах буолан баран булларбата.
    М. Доҕордуурап
  • Тоҕуста да ревизиялаабытыҥ иһин булларыам суоҕа
    М. Доҕордуурап
  • Муҥурданыма, муҥургун көрдөрүмэ (буолб. ф-ҕа) Θ Быть недосягаемым, беспредельным в чем-л. (в отриц. ф.) Үс өргөс төлөнө ыһыллан сарбайар, Үөмэлэс дьүкээбил уотунан умайар, Муҥурун булларбат муус муора үллэҥниир, Мууһунан көбүөхтээн лиҥкинии түллэҥниир
    П. Ойуунускай
  • Туох эмэ куһаҕан суолга (хол., ыарыыга) ыллар, былдьат. Θ Быть одолеваемым чем-л., страдать чем-л. Маннык барахсан Баракаас саҥҥа баһыйтарбыт, Муода суолга булларбыт, Күнүүһүт өлүүгэ көмүллэппит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Дьаакып кинээс:] Ол курдук балай өлүүгэ булларбыт буоллаҕына сирдьитинэн да кэлиэҕин
    А. Софронов

2 этии #

Оннун (суолун) буллар кэпс. - кими-тугу эмэ ханна эмэ ыытан эбэтэр туохха эмэ биэрэн, кыаллар суолун, дьаһалын бул Билигин аны хайдах эмэ гынан [Манчаарыны] тутан, суукка ыыттахтарына, суут кинини оннун булларыа этэ. МНН. Ити биһиги эмээхсиммит курдуктар хайыы-сахха сүөһүлэрин оннун булларбыттар. Дьүөгэ Ааныстыырап

Нууччалыы Полностью избавляться от кого-чего-л. отправкой или отдачей его куда-л

«Б» буукуба