ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэтит

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы широкий

English wide, broad

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

  • Кэтит кур. Кэтит сарын. Кэтит өрүс.
  • Хос ортотугар кэтит олох маска тиэрэ түһэн, Уйбаан оҕонньор -- нухарыйа олорор эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу өрүс чычаас. Кэтитинэн да киһи өрүс диэн ааттыар сатаммат
    Т. Сметанин

2 даҕааһын #

Туоратынан киэҥ, иэннээх

Нууччалыы Широкий (большой в поперечнике)

3 даҕааһын #

үрд. Уйаара-кэйээрэ, улаҕата биллибэт киэҥ (үксүгэр дойду, халлаан, муора эҥин туһунан)

Нууччалыы Обширный, необозримый; беспредельный, безграничный (обычно о стране, океане, небе и др.)

  • Килбиэннээх халлааным кэтит иэнигэр, Кини үрдүнэн хоодуот хотой Төгүрүйэ-төгүрүйэ чаҥырҕаата.
    П. Ойуунускай
  • Муора, эн кэтит киэҥ таһааҥ Муҥкук санаабын киэр үүрдэ. Дьуон Дьаҥылы. Тула уйаара-кэйээрэ биллибэт, оччолорго киһи-сүөһү үөскээн-үөдүйэн иччилии илик кэтит, киэҥ тайҕата иҥиэттэн сыппыта
    Н. Заболоцкай

4 даҕааһын #

үрд. Бөҕө туруктаах, бигэ, халбаҥнаабат көрүҥнээх (үксүгэр байылыат олох, баай-дуол туһунан)

Нууччалыы Прочный, основательный; нерушимый

  • Кини киһи да кэп суоруна, кэтит ордуута долгуйан мөхсөн хамсаатаҕына - кыырпах кыра таастар лачыгырыы тоҕуннулар. Ньургун Боотур. Улуу абаҕам - үрдүк Чоочо Киэҥ ыырын киэптээтим, Кэтит баайын үрэйдим
    Күннүк Уурастыырап

5 даҕааһын #

Дьоллоох-соргулаах, үтүө кэскиллээх

Нууччалыы Счастливый, раздольный обширный

  • Килбиэннээх кэтит чигдибин Кирдиир-киртитэр буолаайаҕыт.
    П. Ойуунускай
  • [Баай Барылаах] Киэҥ тэлгэһэ саҕа Кэтит сэксэни тэрийдим!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Кэлэр кэрэ кэскилбит иннигэр, Кэтит олохпут туһугар -- Кэннибитинэн кэхтиэхпит суоҕа!
    С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
  • Уһун, кэтит, сырдык суол оҕо дьоҥҥо тыргыллар
    Эллэй

6 этии #

Кэтит кэскил (кэскиллээх) - дьоллоох-соргулаах, инники өттүгэр туругурар кыахтаах Икки атахтаах Кэтит кэскилэ, дьоллоох олоҕо отчут-масчыт, кулут күүһүнэн оҥоһуллубута. П. Ойуунускай. Кэтит кэскиллээх Кэрэ кыыс оҕону кэргэннэниҥ. С. Зверев.

Нууччалыы Счастливая судьба, крепкая надежная счастливая будущность (имеющий счастье в будущем)

Этиилэр

Кэтит кэһии - көр кэһии I

Уйгу-быйаҥы олохтоно, кэтит кэһиини тэллэхтэнэ, -- алаас сыһыы быһаҕаһын саҕа араҕас чачыры анньа киирдинэр. Ньургун Боотур. Кэтит суолун кэһимэ (уһун суолун оймоомо) фольк. - улуу, сүдү уонна кутталлаах киһиэхэ (бухатыырга) мэһэйдэһимэ, суолугар туора турума.

Не переходи его широкую дорогу (не перебегай его длинную дорогу) - формула-предупреждение об опасности противиться грозным, сильным богатырям.

  • Кэтит суолун Кэспэт буолуҥ, Уһун суолун Оймообот буолуҥ.
    П. Ойуунускай
  • Кэтит (кэнчээрилээх) уруулаах (киэҥ аймахтаах) фольк. - дириҥ силистээх, киэҥ улахан халыҥ уруулаах-аймахтаах (онон өлөн-охтон биэриэм суоҕа диэн этэр олук). Имеющий большую родню, глубокую родословную (фольк. формула, обозначающая, что с говорящим не просто справиться, что он не пропадет). Мин диэтэх киһи эн эрэйдээх курдук буолуом дуо? Киэҥ аймахтаах, кэтит уруулаах киһибин. Ньургун Боотур. Доҕорум -- кэтит кэнчээрилээх буолууһуккун! П. Ойуунускай

«К» буукуба