ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аата

аат тыл, ынырыы, холбуур

Нууччалыы комп. заголовок

English comp. title

Ис хоһооно · 8
I

1 аат тыл #

, эб

  • Биһиги тиийэн Көстөкүүнү өрүһүйэрбит аата суох.
    Күндэ
  • Тахсан хат сүөкээн баран, төттөрү симээри гыммыта, иистэнэр холбуйата туох иһин батан киирэр аата суох буолта.
    Н. Заболоцкай
  • Силэпсиэпкэ сарсыарда аайы дьиэтигэр тиийэн ньаҥсыы сатаан кэбиһэбин да, киһим истэр аата суох.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Кини, идэтинэн, сөбүлэһэр аата кэлиэ дуо?
    ХС

2 аат тыл #

Саҥарааччы хайааһын буолбатын туһунан күүһүрдэн этиитин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает субъективное усиление модального отрицания действия

3 аат тыл #

Киһи аата киһи диэн курдук этэр санааны бигэргэтэн быһаарар суолталаах халбаҥнаабат киэптэргэ чорботон бэлиэтээһини, күүһүрдүүнү көрдөрөр

Нууччалыы В устойчивых моделях типа киһи аата киһи - человек есть человек, употребляется для обоснования, подкрепления, обьяснения высказываемых мыслей, выражает подчеркивание, акцентирование

  • Саҥа үлэ аата саҥа үлэ.
    В. Яковлев
  • Ылдьаана кыыһын Маайаны: "Хамначчыттар балаҕаннарыгар сылдьыма", - диэн буойа сатыыр да, оҕо аата оҕо, быыс буллар эрэ бара турар.
    Н. Якутскай
  • Көрсүһүү аата көрсүһүү - күндүкэтэ дэлэ дуо?
    С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
  • Хайа, киһи аата киһи, ыт аата ыт ини. Софр
    Данилов
II

4 #

ситим т. Чугуйар сыһыаны көрдөрөр, этии чилиэннэрин, холбуу этии чаастарын ситимниир

Нууччалыы Выражает уступительное отношение, присоединяет члены предложения, части сложного предложения

  • Бастыҥ пионер аатаҕын, "Луодур" уолтан охтоҕун.
    П. Тобуруокап
  • "Ат, түөрт атахтаах аата, бүдүрүйэр", - диэтэ Кууһума, аргыһын санаатын таайбыттыы.
    Н. Павлов
  • Сорохтор туохха эрэнэллэрин бэйэлэрэ да билбэт аата, кыһылларга билигин даҕаны утарылаһан, соһумар тоһуурдары оҥортуу-оҥортуу, куотан биэрэ сырыттылар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Бииргэ сылдьыбат аата, ити тоҕо кучуйара буолла?!
    Н. Лугинов
  • Барбат-кэлбэт ааталар, күлүү гынан ыҥырбыттара дуу? Софр
    Данилов
III

5 #

саҥа алл

  • Бүрүнэ сытар суорҕанын Арыйа тардан ылбыта: "Бу үлүгэр итиигэ Аата сүрүн сууланнаҕын!".
    Күннүк Уурастыырап
  • Эмээхсиэн? Марыына! Аата утуйдаҕа баҕас кытаанаҕын!
    Н. Неустроев
  • Аата эттэххитин даа! Үөрэх даҕаны, эмп даҕаны хос тутааһын буоллахтара дии. Булумньу буоллаҕа дии - бастар бараммат быйаҥ, дириҥ чүөмпэ
    П. Ойуунускай

6 #

Бэркиһээһини, бэркиһээн сөҕүүнү, бэркиһээн дьиибэргээһини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает удивление, изумление с оттенком сетования, крайнего недовольства

7 #

Кыйаханыы, сүөргүлээһин, абарыы иэйиитэ бииргэ холбоспутун көрдөрөр

Нууччалыы Выражает раздражение, крайнюю досаду, злобу, возмущение

  • а, абата, бэйэтин үчүгэй аҕайдык үөрэтэн биэрбит киһи баар ини! - дии санаата Болот.
    Н. Заболоцкай
  • Аата абам эбит... Ама мин атым барахсан Кинини киһилиэ этэ дуо?!!
    П. Ойуунускай
  • Аата күтүр, киһи өлбүтүгэр дылы!.. Оҕолорум этэҥҥэ сырыттахтарына, маннааҕар буолуох ынахтары булуохтара
    Амма Аччыгыйа

8 #

Улахан үөрүү, сөҕүү-махтайыы, уонна соһуччутуттан соһуйуу-долгуйуу холбоспутун көрдөрөр

Нууччалыы Выражает чувство радости, восхищения с оттенком изумления, волнения и неожиданности

  • а эйигин харахтыыр, эн саҥаҕын истэр күннээх эбиппин ээ!
    Н. Неустроев
  • Аата үөрүүм да баар эбит! Отчуттарбын аһатар астаннаҕым...
    Амма Аччыгыйа
  • "Аата көрсүөхпүт баар эбит ээ", - диэн Абдуркулла бобуллубут куолаһынан этэ-этэ хараҕын уута таммалыыр, кууһан ылар
    Эрилик Эристиин

«А» буукуба