ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиэн

аат тыл

Нууччалыы внучка, внук

Ис хоһооно · 5
I

1 #

сиэ диэнтэн атын. туһ. Сиргэ куобах тилэҕэ сытарын көрөн, сулбу тардан ыллым. Болҕойон көөртүм, саҥардыы соҕус сиэммит атах буолла. Суорун Омоллоон. Билигин, кырдьаҕас акаары, Уокка түрүтэ сиэниэҥ! Баал Хабырыыс. [Күкүр Уус:] Сатана, дэлби сиэнэн хаалбыт эбит. (Игии ылан, [саатын] аалар). Суорун Омоллоон

II

2 аат тыл #

Киһиэхэ оҕотун оҕото

Нууччалыы Внук, внучка

  • Иллэҥсийбит дьон быһыытынан эһэлээх сиэн тыаҕа тахсыбыттара.
    Далан
  • Сиэн диэн - эн кэскилиҥ, кэнэҕэскиҥ, уопсастыбаҕа, дьоҥҥор-сэргэҕэр хаалларар биир суолуҥ.
    ЧКС АК

3 аат тыл #

Киһиэхэ бииргэ төрөөбүтүн оҕото

Нууччалыы Племянник, племянница

  • Эн сиэн быраатыҥ Саша массыынаны кытта харсыһан улахан буруйга түбэһэр буолла.
    П. Аввакумов
  • Бу кинигэ биир ааптара Михаил Константинович Охлопков мин сиэним этэ, бииргэ оонньообуппут, улааппыппыт. ВПК СОо. Көстүүнэйгэ Николай уонна сиэн балыс Соня хааллылар. Л. Толстой (тылб.)

4 этии #

Нууччалыы Правнук, правнучка

  • Хос сиэн - киһиэхэ сиэнин оҕото Хойукку да көлүөнэ ыччаттарбыт, Хостон хос да сиэн ытыттарбыт Кэрэмэс хотугу дойдуга -- Үүнэн олорон истиннэр!
    Күннүк Уурастыырап
  • Бу дьон үлүскэннээх үлэлэрэ оҕонньор, кини оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин өйдөрүн-санааларын көҕүтэрэ, сүргэлэрин көтөҕөрө.
    И. Данилов
  • Иккис хос сиэн - киһиэхэ хос сиэнин оҕото. Θ Праправнук, праправнучка. Сиэн оһоҕос - синньигэс оһоҕос куртахтан тахсар төрдө. Θ Двенадцатипёрстная кишка. [Лэбэн түөрэ от] ностуойката баастаах куртах уонна сиэн оһоҕос ыарыытын хаптатар. МАА ССКОЭҮү. Фиброскопиянан -- сиэн оһоҕос, синньигэс, суон оһоҕостору көрөн үөрэтиэххэ, кинилэр салыҥнаах бүрүөлэрин туругун сыаналыахха сөп. АВТ ГС
    Э. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • др. -тюрк. йэгин ‘племянник’, тув. чээн ‘племянник’, монг. зээ ‘внук, внучка’
III

5 аат тыл #

Күөлтэн тахсар үрэх

Нууччалыы Речка, берущая начало от озера

  • Сотору үөтүнэн үмүрүччү үүммүт сиэҥҥэ тиийдилэр. "Кыым". "Ынах күөлүн" сиэнин төрдүгэр алдьархайдаах ытыалаһыы буолбут.
    ХС
  • Эрийэ-буруйа сүүрбүт балыктаах сиэни туораан баран, сытыган эрбэһининэн саба үүммүт өтөххө таҕыстылар. Хомус. Ср. коми сён ложбина, лощина

«С» буукуба