ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиэмэх

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы о животных: питающийся животными, хищный

English carnivorous

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Кыылынан, харамайынан аһылыктанар (кыыллары, көтөрдөрү этэргэ)

Нууччалыы О животных: питающийся животными, хищный

  • Тыа сиэмэх адьырҕаларыттан биир сүдүлэрэ бөрө.
    Я. Семёнов
  • Сылгы чыычааҕа сиэмэх көтөрдөртөн дурда-хахха оҥостоору, үксүн дьонноох сиргэ уйа туттара.
    И. Федосеев
  • Кыра сиэмэх кыыллартан саамай адьырҕалара, быһыйдара, сымсалара уонна сыаналаахтара киис
    ХС

2 даҕааһын #

Олус иҥсэлээх, барытын апчарыйар эрэ санаалаах

Нууччалыы Жадный, полный стремления овладеть кем-чем-л., хищный

  • Сиэмэх куолай кулаактан Сирбит бэрдин былдьыаҕыҥ! Эллэй. Алаас муҥунан баайдаах, Ала-Торҕон диэн ааттаах Айаҕымсах, сиэмэх бэрдэ Алааһыгар ыаллаах этэ.
    П. Дмитриев
  • Хайдах эрэ кинини ымсыы-түөкэй, сиэмэх буолуо диэх санаам кэлэр
    ХС

3 даҕааһын #

Өлөрөр-өһөрөр санаалаах, хаанымсах; сэриинэн ииригирбит

Нууччалыы Жаждущий крови, кровожадный; агрессивный

  • Сүрдээх сиэмэх ойуун дииллэр.
    Болот Боотур
  • Гитлер сиэмэх бииһин сиппийиигэ Кини [саха норуота] силгэтэ ситтэ. Эллэй. [Котенко] өлүгүн кутааҕа укпуттар, Өһүөннээх ол сиэмэх түөкүттэр.
    И. Федосеев
  • Сиэмэх буулдьалар ыйылаһа түһээттэрин кытта, Егоров эмискэ ханна да барбытын билбэккэ хаалар
    ХС

4 аат тыл #

суолт. Кыылынан, харамайынан аһылыктанар кыыл

Нууччалыы Хищник. Быйыл уопсайа оройуон үрдүнэн түөрт уон сэттэ сиэмэх бултанна. "Кыым". Бандеров булдун сиэмэх тыыппат, кутуйах үргээбэт. "Кыым". Ср. телеут. йимэк ‘обжорство’

«С» буукуба