ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эбиискэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы прибавка, добавка к чему-л., подкорм

English addition, extra

1 аат тыл #

1. аат. Туохха эмэ эбии, эбиилик

Нууччалыы Прибавка, добавка к чему-л., подкорм

  • Булдунан, балыгынан уһуннук ыал буолар кыахпыт суох, эбиискэҕэ эрэ.
    А. Фёдоров
  • Ыһыкпыт туоматыгар [балыктаан] боччум эбиискэни киллэриммитинэн барбыппыт.
    Н. Заболоцкай
  • Буос ынаҕы минеральнай туустардаах, битэмииннээх эбиискэлэринэн толору, былааннаммыт рационунан аһатыллар
    ТВН ФБНь

2 аат тыл #

тыл. үөр. Тыл эбэтэр этии суолтатын дэгэттиир уларыйбат көмө саҥа чааһа

Нууччалыы Служебная часть речи, придающая какой-л. оттенок значения слову или высказыванию, к которому она относится, занимая постпозицию, частица

  • Сүрүн суолтата суох саҥа чаастарыгар ситим тыл, эбиискэ, саҥа аллайыы, дьөһүөл киирэллэр. АВМ ҮКТТҮө. Даҕааһын аат суолтатын күүһүрдэргэ эбиискэ уонна хоһулааһын ньымалара туттуллубуттар. АНК БТТ. Ааттар бөлөхтөрүгэр киирбэт, уларыйбат саҥа чаастара (дьөһүөл, сыһыат, эбиискэ) сорох түһүккэ туруулара баар
    ВИП СТПС
  • Дьадаҥы бааһынай көлө туһугар, эбиискэ сир туһугар -- кулаакка баран көрдөһөргө тиийэрэ. БИД. [Үүнээйи] угун үүнэр төбөтүн кыптыыйынан быһыллар, онто салгыы үүммэт, ол оннугар эбиискэ уонна самалык силистэр үүнэллэр
    ВДИ ҮөКОБҮ

3 даҕааһын #

суолт. Эбиллэн биэрэр, эбии буолар

Нууччалыы Добавочный, дополнительный

«Э» буукуба