Перевод с якутского
хаттык
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы верхняя одежда
English outerwear
1 аат тыл #
кэпс
Саха киһитэ -- бириһиэн хаттыгы бүрүммүт нуучча киһитин кытта куустуһан, уураһан бырастыыласпытын -- эдэр киһи дьиктиргээн көрбүтэ. Л. Попов Испэр ичигэс хаттыктаах сылдьыбытым. П. Аввакумов Таҥаспыт диэн сыгынньах эппитигэр сулумах ырбаахы дуома, ханнык да хаттыга суох ыстаан, тэрэпиискэ кээнчэлээх этэрбэс элээмэтэ ХС
Өссө холобурдар (3)
Туох эмэ хос үллүгэ, бүрүөһүнэ. Θ Дополнительное покрытие, слой чего-л. Кууһума хаттыгын ороҥҥо тэлгэттэ, Хонуктуур киһилии сытынан кэбистэ. П. Тобуруокап [Хотугу сир] хаттыгынан дьадаҥы, мөлтөх. Кини хаттыга суоҕун кэриэтэ. Муохтаах уонна чараас кырыстаах эрэ. И. Данилов Кыыс -- сыгынньах атахтарын суорҕанын хаттыгыттан ороон өндөйдө. С. Курилов (тылб.)
2 аат тыл #
Сылаас, ичигэс буоллун диэн таҥас таһынан эбэтэр иһинэн эбии, хос кэтиллэр таҥас
Нууччалыы Тёплая одежда, поддеваемая под что-л. или надеваемая поверх чего-л. для тепла
3 даҕааһын #
суолт. Хос кэтиллэр, ууруллар, үрүт-үрдүгэр хатталаспыт
Нууччалыы Надеваемый поверх чего-л., поддеваемый подо что-л.; подкладываемый, укладываемый ярусом
Дьоннор үөһээ өттүлэригэр эбии хаттык таҥастаннылар. У. Нуолур Хас да хаттык былыттары туох да курдат ааспат, бачча элбэх хайа ыыс-быдан тумаҥҥа симэлийэн хаалар. "Чолбон". Чиэрэп өһүөҕэ хоонньоһуннара хаттык мас, хаттык өһүө диэн түһэр. "Саха с. ". Хаттык соно суох айаннаатахпына – Халлаан хайаҕа хаһыырбытынан барар. Р. Гамзатов (тылб.)