Перевод с якутского
мал
аат тыл
Нууччалыы вещь, вещи, имущество
English thing
1 аат тыл #
Киһи, дьон туттар, туһанар туга эмэ, баайа (ол бу тээбирин, сэп-сэбиргэл, таҥас-сап)
Нууччалыы Вещь, вещи, имущество
Аҕам хаалларбыт баайа - Ампаар муҥунан мал - Айа, туһах, биир сүгэһэр чааркаан, Аҕыйах тимир хапкаан. Баал Хабырыыс Хос иһэ бүтүннүүтэ соҕурууттан аҕалыы малынан күлүмүрдүү турара, лааҕа сиэркилэлии килбэчийэрэ. Р. Баҕатаайыскай Оҕонньор суорҕаны, тэллэҕи, сыттыгы уонна ол-бу өссө бытархай малы кэлгийэн биир таба ындыыта оҥордо. Н. Тарабукин (тылб.)
2 этии #
Этиилэр
Маллаах иһит көр иһит III
Хобороос хаҥас диэкиттэн маллаах иһитин аҕалан остуолга уурар уонна иистэнэн сыыйбытынан барар. А. Бэрияк Даайа маллаах иһитин хомуйан баран ампаарга таҕыста. "Саха саҥата". Ср. тюрк. мал ‘скот, имущество’