ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куолай

аат тыл

Нууччалыы пищевод.

English esophagus

1 аат тыл #

Киһи-сүөһү, харамай аһылыгын ыйыстан куртаҕар тириэрдэр уоргана (киһи куолайа хабарҕа улаҕа өттүнэн баар)

Нууччалыы Пищевод. Кураанахтаммыт куртаҕа Курулуйа хоргуйда... Куурбут куолайыгар силин Кулук-халык ыйыһынна. Эллэй. Саха сиригэр уонна Орто Азияҕа, Союз атын оройуоннарын кытары тэҥнээтэххэ, куолай рагын ыарыыта ордук киэҥник тарҕаммыт. "Кыым"

2 аат тыл #

Бытыылка, атын да иһит синньигэс, кыараҕас айаҕа

Нууччалыы Горлышко (бутылки или др. сосуда)

  • Биир бытыылка куолайыттан аһаан баран тылласыһар сүрэ бэрт. Софр. Данилов. Бытыылка (эбэтэр атын да иһит, тэрил) синньиир өттүн тоҕо моонньо, айаҕын куолайа дэммитэ киһи өйүгэр түһэр. СТЫ
    М. Ср
  • монг. хоҕолой; бур. хоолой, хоолай ‘горло’

3 этии #

Хос куолай кэпс., сөбүлээб. - кимиэхэ кими эмэ мөҕөрүгэр, кириитикэлииригэр көмө буолар киһи (туһалаах буолуо диэн санааттан) Сирэй көрбөх оҕонньотторго, баара-суоҕа, кини хос куолайдара, аллара сыҥаахтара эрэ. Эрчимэн. Биһигини буржуазнай хос куолай суруксуттар дуомнара уонна буржуазияттан куттаммыт дьон куомуннаһан буруйдууллар - биһиги атыттары кытта биир тылы булбат үһүбүт. В. Ленин (тылб.)

Нууччалыы Подпевала, подголосок

«К» буукуба