ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

убаа

туохтуур

Нууччалыы разжижаться

English to become runny or diluted

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы разжижаться

English to become runny or diluted

  • хааһы убаата
    каша стала жидкойthe porridge became runny

2 туохтуур #

Нууччалыы прореживать

English to thin out

  • ойуур убаабыт
    лес поределthe forest thinned out

3 туохтуур #

Хойуута суох, уута баһыйбыт, уутуҥу буол

Нууччалыы Становиться жидким, разжижаться

  • Ардыгар ыарыһах куртаҕын, оһоҕоһун үлэтэ мөлтүүр (хойуута хатар эбэтэр убуур). ТЕН ИДь. Хонууга сыппыт хаар куоһанан, харааран кэлбитэ, оттон анна уу буолбут өттө көмүрүөтүйэн, убаан хаалбыта. А. Куприн (тылб.)

4 туохтуур #

Арыттаах, сэдэх, чачархай буол

Нууччалыы Становиться редким, не часто расположенным, редеть

  • Онтон харыйата улам убаан, тиитэ улам хойдон истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Аҕатын кэтит, малаҕар сирэйэ кытаран хаалбыт, иэдэһигэр абына-табына үүммүт сэдэх бытыга өссө убаабыт курдуга.
    Н. Якутскай
  • Бииктэр арыый нүксүйбүт көҕүстээх, туртайбыт, убаабыт астаах, мырчыстыбыт сирэйдээх аҕатын олус оннук долгуйа көрсүбэтэҕэ
    Л. Попов

5 туохтуур #

Аҕыйаан бар, сэдэхсий, дэҥҥэ көстөр буол

Нууччалыы Редеть, уменьшаться в числе

  • Уулуссаҕа тахсыбыта, кэлии-барыы убаабыт.
    Г. Колесов
  • Кырдьык, Нам оройуонугар сүрүн бултара андаатар быста аҕыйаабыт. Тииҥ биллэ убаабыт. "Кыым". Урууга мустубут дьон, саҥата-иҥэтэ суох, улам убаан истилэр
    В. Протодьяконов

6 туохтуур #

Улам тарҕанан, ырааһыран бар (хол., буруо, туман туһунан)

Нууччалыы Рассеиваться, стать менее плотным (напр., о дыме, тумане)

  • Уот, тыһыргыы-тыһыргыы, күөх, кыһыл төлөннөрө улам күөдьүйэн, өрө күүдэпчилэнэн таҕыста, буруота убаата – тордох иһэ дьэҥкэрэн сырдыы түстэ.
    Болот Боотур
  • Туман убаан, дьоннор барыгылдьыһаллара хайыы-үйэҕэ көстөр буолла. Герой п. Тыал кыратык салгыйыа – буруолуу көтөн, убаан эрэр туман быыһынан сырдык күөх халлаан лоскуйа бүдүк-бадык ыйдаҥаран көстүө. И. Тургенев (тылб.)

7 туохтуур #

Кырдьан эбэтэр ыалдьан ньамньыраа, эт-сиин өттүнэн мөлтөө (хол., уолбут эт-сиин, быччыҥ туһунан)

Нууччалыы Стать неполноценным, недостаточным по силе, жизненности (напр., о размякших, расслабленных мускулах). [Нүһэр Дархан:] Дьиппиэр хааннаах ол боотур киһи -- Киил быччыҥа ириҥэлии убаан, кырдьан хаалбыт буолар

  • [Микииппэр] Бу билигин даҕаны тиэстэ курдук сымнаан, ымдаан курдук убаан сытаахтыыр
    Кустук

8 туохтуур #

Улаханы кыайан өйдүүр кыаҕа суох буол, мөлтөө (өй, мэйии туһунан)

Нууччалыы Слабнуть, утратить возможность ясно понимать (об умственных, мыслительных возможностях)

  • Бэркэ диэн сэмэлээн сөҥүдүстүлэр: "Алаата, эн бэйэлээх кылгас үйэлээхтэргэ дылы мэйииҥ убаатаҕын?" – дэһэн доҕордорун саатыртылар.
    Д. Апросимов
  • Эдэрдэр биһиги, кырдьаҕас дьон курдук, өйдөрө эмиэ убуу илик, онон кинилэргэ сүрэх-бэлэс, билии-көрүү, дьулуур эрэ наада.
    Я. Семёнов
  • Ол да буоллар, тохтообокко убаабыт мэйиитэ төһө тутан сылдьарынан саҥаттан саҥа ааты ботугураабыта. Эҕэрдэ
    СС

9 туохтуур #

Кэбирээ, аһаҕас, уйан буол

Нууччалыы Стать уязвимым, мало защищённым, слабым

  • "Чээн" диэни истибэтэх киһи ийэ кута убаан, күүгэннирэн барар, мөлтөөн ыарытыйыан сөп
    А-ИНА ДьБО

«У» буукуба