ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьүдьэх

даҕааһын

Нууччалыы тощий

English skinny, thin

1 даҕааһын #

даҕ

  • Биллэ хараарбыт дьүдьэх сирэйин дьирбиилэригэр иннэ доҕуутун саҕа быыкайкаан таммахтар мустубуттар. Софр. Данилов. Илдьирийбит таҥастаах, наһаа дьүдьэх дьүһүннээх үгүс киһини борохуоттан таһаардылар.
    В. Протодьяконов
  • Ибрагим, хатан хаалбыт дьүдьэх илиитинэн бар-түү буолбут сирэйин саба туттан, өр соҕус умса түһэн олорбохтоото
    П. Филиппов

2 даҕааһын #

Ырыган, ииммит-хаппыт (эт-сиин туһунан: сөрү-сөп турукка тиийбэт, сыата суох)

Нууччалыы Худой, тощий (о теле человека, животного: не доходящий до средней упитанности)

3 даҕааһын #

Мөлтөх көрүҥнээх; чанчарык

Нууччалыы Плохонький; неопрятный; неряшливый

  • Бэйэтин уруккуттан да соччолоох чочуонайдык туттубат киһи, таҥаһа-саба эбии эргэрбит, киртийбит. Уопсайынан дьүдьэх, чанчарык көрүҥнээх. "Кыым". Хас да дьүдьэх балаҕан, кырыктаах өрүстэн дьулайан чугуруҥнаспыт курдук, кэннилэринэн туруору таас хайаларга сыстыбыттар. В. Короленко (тылб.)
  • Тиийиммэт-түгэммэт, быстыбыт-ойдубут. Θ Убогий, бедный. Кини остуоруйатыгар бэрт элбэх эрэйи, атаҕастабылы, муҥу туораан, уһугар тиийэн дьадаҥы байар, мөлтөх күүһүрэр, акаары өйдөнөр, дьүдьэх [киһи] киэркэйэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Эргиэмсиктэр бас билэн олорор ыраах хотугу сирдэрэ улахан дьүдьэх олохтоох дойду этэ. СГПТ. Биһиги Россияны умнаһыт уонна дьүдьэх дойдуттан баай дойду оҥоруохпутун баҕарабыт. В. И. Ленин (тылб.)

«ДЬ» буукуба