ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мындыр

даҕааһын

Нууччалыы тонкий; проницательный

English subtle, shrewd

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Нууччалыы тонкий; проницательный

English subtle, shrewd

  • мындыр өй
    острый умa shrewd mind

2 даҕааһын #

Нууччалыы искусный

English skillful, artful

  • мындыр оҥоһуу
    искусное изделиеan artful product

3 даҕааһын #

даҕ

  • Бу мындыр эмээхсинтэн абырамматах киһи бу улууска суох буолуо.
    И. Гоголев
  • Юрий Семенович сүрдээх мындыр, кэпсэтэ олорон дууһаҕар ханнык ыарыктааххын өтө көрөр.
    Н. Лугинов
  • [Учуонай садоводтар] Саха сирин эдэр мичуринецтарын -- мындыр өйдөрүн улаханнык бэркиһээбиттэрэ
    И. Данилов
Өссө холобурдар (3)
  • Тугу баҕарар ымпыктаан-чымпыктаан оҥорорго ордук дьоҕурдаах, уус өйдөөх. Θ Искусный, отличающийся умом, вкусом, мастеровитый. Охоноон оҕонньор - мындыр киһи. Кини сатаабата, кыайбата диэн күн сиригэр суох курдук.
    Л. Попов
  • Хаптаһыҥҥа сырылаан, Хабырынан устуруус: Кыҥаан эллии дьуххалаан, Кылбаарытар мындыр уус.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Оҕонньор -- көмүс тарбахтаах, олус мындыр киһи
    ХС

4 даҕааһын #

Туох баҕарар уустук, бириинчик өттүн ордук таба көрөр, таба өйдүүр

Нууччалыы Вдумчивый, вникающий в суть, проницательный

5 даҕааһын #

Киһи дэбигис сатаабатын курдук уустук, бириинчик, ордук уус-уран

Нууччалыы Отличающийся изяществом, утонченностью, ювелирный

  • Маны ханнык көмүс ууһа Куппута, аалбыта буолуой? Мындыр оһуору, ойууну Дьэргэтэн кээспитэ уустугуон!
    Баал Хабырыыс
  • Поэтическай тылбаас ускуустубата сүрдээх мындыр уонна чэпчэкитэ суох үлэ.
    В. Чиряев
  • Аҕатын хоһугар кытаайыскай остуол, олоппос - сүрдээх мындыр үлэлэр. Киһи өйө, тарбаҕа хайдах итини оҥорорун сөҕөн кэбистим
    Чолбон

«М» буукуба