ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сытыы

даҕааһын, аат

Нууччалыы острый

English sharp

Ис хоһооно · 10
I

1 даҕааһын #

даҕ

  • Бырдьай, иннигэр талаҕы чохчолоон олорон, саха ууһа охсубут үөстээх сытыы баҕайы быһаҕынан кыһа-кыһа чааркаан оҥортуур.
    Күндэ
  • Сытыы биилээх баһымньыларынан ыарҕа төрдүлэрин, тыс үтүлүк саҕаны, быһыта дайбаан тэллэҥнэппитинэн бардылар.
    М. Доҕордуурап
  • Ити айылаах сытыы сүгэ ас гыныа үһү дуо, сип-синньигэс, бэйэтэ да ааһан-туоран эбии синньээбит моой туоматын
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (4)
  • Ордук уһуктаах. Θ Суживающийся к концу, остроконечный, клиновидный. Бэҕэһээ бу моонньубун хайа тардан кэбистэ. Тыҥыраҕа сытыыта диэн... тииҥ оҕотун киэнин курдук.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыт сытыы аһыыларынан Түүлээх Уллуҥах муос такымыгар түспүтэ.
    Суорун Омоллоон
  • Бэҕэһээ Боотур өстөөҕүн сытыы муоһунан ойоҕоско түбэһиннэрэн, дьиэ сабараанньатын үрдүнэн түһэрбит этэ.
    Н. Заболоцкай
  • Сытыы үөрбэ атырдьаҕынан бугулу анньан ылаҕын
    Т. Сметанин

2 даҕааһын #

Үчүгэй биилээх, үчүгэйдик хотор, быһар

Нууччалыы Острый, отточенный, хорошо режущий, колющий

3 даҕааһын #

Күүстээх, киһини ордук хотор, кыаҕын баһыйар (тыал, ыарыы)

Нууччалыы Резкий, пронизывающий насквозь (ветер), сильно выраженный, острый (болезнь)

  • Хаар түспүтэ. Арыт сытыы тыал үрэрэ.
    И. Сосин
  • Сытыы чыпчархайынан быһыта охсордуу тыал үрэр.
    А. Сыромятникова
  • Сотору-сотору сабыта көтөр сытыы, сыстыганнаах ыарыылар эпидемиялара элбэх дьон олоҕун уоттуу салаан ааһаллара
    ППА СЭЫа
Өссө холобурдар (5)
  • Уохтаах, киһиэхэ ордук биллимтиэ, киһи сүрэҕэ чаалыйар. Θ Сильно действующий на вкус и обоняние, острый. Эриэхэ үүммүт дьылыгар эһэ бэркэ уойар. Оннук эһэ сыата сугуҥҥа уойбут эһэ сыатынааҕар ордук сытыы, ууллаҕас буолар.
    В. Миронов
  • Хайах көбүөртэн, чохоонтон уратыта аһыы буолар, көбүөр курдук сииргэ сытыы буолбатах. ТИИ ЭОСА. Ольга Павловна бааҥкаҕа истиэп эрбэһинин туруорбута. Сытыы сыт хоһу тунуйбута. Ю. Чертов (тылб.)
  • Хатан, киһи мэйиитигэр хатанар. Θ Пронзительный, резкий (звук). Ол сытыы тыаһа эрдэттэн кини мэйиитигэр тахсарга дылы гынна, куйахата күүрбэхтээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмискэччи ойоҕоһугар сытыы тыас сирилээтэ, соһуйан кылана түстэ.
    Т. Сметанин
  • "Чугаспыт ээ мантан, киһи аҕыйахта үктэнэн тиийэр", – Маша сылыбырас сытыы саҥатынан сып гыннарда
    В. Яковлев

4 даҕааһын #

Кыраҕы, булугас, сэргэх (өй, харах)

Нууччалыы Проницательный, хорошо воспринимающий, острый (ум, глаз)

  • Маабыра эмээхсин түөрт муннуктаах муус маҥан, кэтит сирэйдээх, муру-мултугур муруннаах, сүүһүн анныттан өрүтэ сиэлийтэлээбит, сытыы харахтардаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Маратик уруккуттан быһа этэн кэбиһэр сытыы өйдөөх уол этэ.
    А. Сыромятникова
  • Онон бу уус тыл, сытыы өй, хайа да ырыаһыт, кэпсээнньит киэнэ талаанын улахан өттө буолуохтаах.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Дьолбутугар, мин сытыы харахтаах буоламмын, чугас киэҥ маар баарыгар тоҥустар дьиэлэрэ (ураһалара) туралларын көрө биэрбитим
    ХС

5 даҕааһын #

Ордук сэтэлээх, хотоойу (киһи тылын, саҥатын этэргэ)

Нууччалыы Острый, выразительный, сочный (язык, речь)

  • Уоллаах эмээхсин эрэ күлбэттэр, кинилэр оҕустарын аһынан киллэрэри дуу, өһүөннээн тоҥоро түһэри дуу мөккүһэн, эйэҕэс сытыы тылларынан күрэстэһэ оонньууллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһигиттэн саамай сытыы тыллаахпыт Таня Павлова тыл кыбытта. Софр. Данилов. Сытыы тыллаах-өстөөх, өйдөөх баҕайы кырдьаҕас эбит!
    С. Дадаскинов
  • Сыыспат, табыгас (хол., буулдьа). Θ Меткий, сразящий наповал (напр., пуля). Сытыы буулдьа табарын, сыыйыы ыстыык анньарын! Эдэр байыас хорсунун, Эрчим илии охсорун!
    И. Чаҕылҕан
Өссө холобурдар (1)
  • Кэпсээбитэ сэрии Суоһун-суодалын, Буулдьа сытыытын, Сүрэх мөхсүүтүн, Хаан оонньооһунун
    В. Яковлев

6 даҕааһын #

Тугу эмэ быһаарарга ордук кыайыылаах, чобуо, дьорҕоот

Нууччалыы Находчивый, бойкий, шустрый

  • Сытыы кыыс биһигини "тыла суох" ыыталыырыттан кини күлэрин туттуна сатыы олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Онно, кини оннугар атын сытыы соҕус киһи эбитэ буоллар, Кириллов ньүдьү-балайын саралыы тардыа этэ.
    Н. Лугинов
  • Эдэр киһи сытыы, хоодуот, хорсун буолуохтаах.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • "Кэскил, арыый тыллаах-өстөөх сытыы киһи, эн баран аҕал", - бүтэһиктээх быһаарыы итинник этэ
    Г. Колесов

7 даҕааһын #

Атаҕынан сыыдам, быһый

Нууччалыы Резвый, быстрый на ноги, спорый, проворный

  • "Кууһума эдэр эрдэҕинэ сүүрүк, кылыыһыт, сытыы киһи этэ, тоҥуу хаарга сылгыны ойутар диэн баар дуо", - диэн тыллаһара.
    Н. Павлов
  • [Т. Сметанин] сытыытын, кытыгыраһын иһин төрөппүттэрэ таптаан "Быһыйа" диэн ааттаабыттара. КНЗ ТС. Чаппа уола Мэхээлэ -- уурбут-туппут курдук дьоҕус быһыылаах-тутуулаах, сытыы сымса киһи
    ХС

8 даҕааһын #

Эйэлэспэт мөккүөрдээх, хабыр, быһымах (охсуһуу)

Нууччалыы Непримиримый, беспощадный (борьба, критика)

  • Чахчы сытыы киирсиини кэтэһэн, көрөөччүлэр сирэйдэрэ сэргэхсийдэ.
    Н. Лугинов
  • Эрилик Эристиин бары айымньылара сытыы кылаассабай ис хоһоонноох буолааччылар.
    Н. Тобуруокап
  • Оройуон хаһыатыгар Уһун алаас отчуттарын туһунан сытыы кириитикэлээх ыстатыйа уонна хаартыскалаах сэмэлээһин бэчээттэнэр
    В. Ойуурускай

9 даҕааһын #

Олус чаҕылхай, олус сырдык

Нууччалыы Яркий, режущий глаза

  • Сир кырса кэнчээрилээн, былдьаһыктаах, кэлэн иһэр күһүҥҥү хаһыҥнаах аргыар кыайбатар курдук диэххэ айылаах, сытыы күөҕүнэн чэлгийэн эрэр эбит.
    П. Ойуунускай
  • Күн уотун сытыы иннэтэ Күрдьүгү тэһитэ кэйдэ.
    Баал Хабырыыс
  • Сытыы чаҕылҕан ат иннигэр курбуулаан ылла
    А. Сыромятникова

10 этии #

  • сыт диэнтэн хай. аата. Утуйуу кэмин сөпкө тутуһуу, атыннык эттэххэ, кэмигэр сытыы уонна туруу олус улахан суолталаах. ЛЛА ЧЧОИ. Чааһынан үлэлиир, онтон - сынньалаҥ, атаҕы өрө тэбэн сытыы.
    ХС
  • Тимир эриэлсэлэри кууһан сытыыны уонна төбөнү ыспаалаларга кырбааһыны таҥара кимиэхэ да тиксэрбэтин. Ч. Айтматов (тылб.)

Этиилэр

Сытыы муннук көр муннук

  • Сыппах муннукта оҥоруҥ уонна кинини аҥаардааҥ. М сытыы муннукта оҥоруҥ уонна МР биссектрисатын тутуҥ. ВНЯ М- 4. Өскөтүн үс муннук биир муннуга көнө эбэтэр сыппах буоллаҕына, оччоҕо атын икки муннуктара сытыылар. КАП
    Г. Ср
  • ДТС йити, йитиг, тув. чидиг ‘острый’

«С» буукуба