ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мындырдаа

туохтуур

Нууччалыы правильно понимать, вникать в тонкости чего-л

1 туохтуур #

Туох эмэ уустук, бириинчик өттүн таба көр, таба өйдөө

Нууччалыы Правильно понимать, вникать в тонкости чего-л

  • Кини быраас быһыытынан, олох ымпыгын-чымпыгын мындырдаан билэринэн, эмиэ билиилээх, аптарытыаттаах эмчит.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Булчут сыыстарбатах этэ. Кини мындырдаан көрө үөрэммит хараҕа сотору кэминэн сыыр эниэтигэр арҕах дьөлө охсуллубутун көрбүтэ. Ту мат. Тугу барытын олус мындырдаан көрөр быһыылааҕа
    ХС
  • Тугу эмэ дириҥник иһигэр киирэн, ымпыктаан-чымпыктаан оҥор, бил. Θ Проявлять тонкость, скрупулезность в выполнении чего-л. или в каком-л. деле. Саха киһитэ төрөөбүт-үөскээбит айылҕатын дьиктитин-дьээбэтин -- мындырдаан билэ-көрө үөрэнэрин наадалааҕынан ааҕабын. Ту мат. Николай Васильевич нэһилиэгин сирдэрин мындырдаан олус сиһилии билэр. Багдарыын Сүлбэ. Тириини таҥастааһын - тириини салгыҥҥа сиэтии. Бу саха омук мындырдаан, уһун сылларга бэйэтэ айбыт ньымата буолар
    ХС

2 туохтуур #

Киһи дэбигис сатаабатын курдук уустук, бириинчик, ордук уус-уран буолар гын, оҥор

Нууччалыы Выполнять, делать что-л. очень искусно, умело, ювелирно. [Ырыа Ылдьаа] бэйэтэ мындырдаан саха кырыыппатын арааһын сиэдэрэйдик оҥорор

  • [Охоноос] тутуу үлэтигэр да дьоҕурдаах, сүрдээх сыстаҕас. Ол иһин даачатыгар бэркэ диэн мындырдаан ону-маны оҥорбута баар буолар
    Кыым

«М» буукуба