ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мындырдык

сыһыат

Нууччалыы тонко

1 #

сыһ

  • Михаил Андреевич хас биирдии оҕо туох күүстээх өрүттээҕин, туох итэҕэстээҕин мындырдык билэрэ.
    И. Гоголев
  • Кини төһө да эдэр буоллар салаа управляющайын уустук, эриирдээх үлэтин мындырдык билэр
    П. Егоров
  • Тугу эмэ дириҥник иһигэр киирэн, ымпыктаан-чымпыктаан (оҥор, толор). Θ Тонко вникая, вдумчиво (делать, выполнять что-л.). Батурин бэрэбиэркэ мындырдык, үп дьыалатын үчүгэйдик билэр дьонунан ыытыллыбытын, онон үлэҕэ-хамнаска халбаҥа суох туһалаах буолуоҕун бэлиэтээтэ.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Тордох булчут эбээннэр муударай өйдөрүн мындырдык кэрэһэлиир. В. Лебедев (тылб.)

2 #

Туох эмэ уустук, бириинчик өттүн таба көрөр, таба өйдүүр гына

Нууччалыы Тонко, проницательно

3 #

Киһи дэбигис сатаабатын курдук уустуктук, олус бириинчиктээн, уус-ураннык

Нууччалыы Искусно, умело, ювелирно

  • Серго көмүлүөк оһох үчүгэйин, турбата олус мындырдык өйдөнөн оҥоһуллубутун сөҕөрө.
    ХС
  • Бу чахчы киһини бэйэтигэр тардар, кыра да уларыйыылары мындырдык, уустаан-ураннаан дьүһүннүүр хартыына
    ФЕВ УТУ

«М» буукуба