Перевод с якутского
ыстырыыстаа
туохтуур
Нууччалыы изводить кого-л. насмешками, сквернословить, браниться, глумиться над кем-л
1 туохтуур #
Киһини сэнээбиччэ тугунан эмэ күлүү-элэк оҥоһун, үөх
Нууччалыы Изводить кого-л. насмешками, сквернословить, браниться, глумиться над кем-л
Сүөдэр киһи кыайан үтүктүбэт тылларынан батараак Дабыыты ыстырыыстыыр. Амма Аччыгыйа Ыгылыйбыт омуҥҥар туох баҕарар диэн ыстырыыстыахха сөп. Огдо. Ольга оскуоланы бүтэрэн эрэр уолун оҕолор аҕатынан ыстырыыстаан, Одьунаас диэн ааттыыллар Чолбон
2 туохтуур #
Кими эмэ күлүү оҥоһун, тылгынан суустаа, хаадьылаа
Нууччалыы Подшучивать или тонко иронически насмехаться над кем-л
"Биир аарыма куһу биэриэх буоллаххына тэлиэгэбэр олордуом", – диэн кыыс тохтоон Миитэрэйи ыстырыыстаабыта. Н. Түгүнүүрэп Бурцев маҕаһыынын аспытын көрөн олорон көтөн түспүппүтүгэр, киһибит ыстырыыстаан, хаадьылаан көрүстэ. "Чолбон". "Ээ, уу баһа сылдьан акка тэптэрдэҕэ, онно куонньугунан үлэлээбитэ буолуо", – эҥин диэн сорох оҕолор арыт миигин ыстырыыстааччылар ХС