ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сулуй

туохтуур

Нууччалыы срезать, сдирать, отделять, что-л. мягкое от чего-л.

English to tear off, to tear out

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Туох эмэ сымнаҕас тас өттүн тула суллуу быһан ыл

Нууччалыы Срезать, сдирать, отделять, что-л. мягкое от чего-л. (напр., мясо от кости)

  • Онтон тугуттан сулуйан ылан, уокка сырайан баран -- быраҕан биэрбиттэрин уол айаҕар түһэртээн ылар.
    Саха фольк
  • Ынырык кыыл сытыы тыҥырахтарынан [убайым] буутун этин бүтүннүү сулуйан кэбиспит этэ.
    И. Гоголев
  • Сиэрдийэ сулуйарга киһи балык этэ ыалдьар.
    ФВС К

2 туохтуур #

Кимтэн эмэ тугу эмэ эрэйэн, арахпакка көрдөһөн эбэтэр сэмэлээн таҕыс

Нууччалыы Надоедливо приставать к кому-л., требуя, выпрашивая что-л., изводить упрёками, придирками

  • Кыра уол Тооко ийэтиттэн лэппиэскэ көрдөөн сулуйда.
    Болот Боотур
  • Лэкиэ оҕонньор күнүүлээн муҥнуура, миигин абааһы көрөр буолаҥҥын ол иһин оҕоломмоккун диэн сулуйара.
    Болот Боотур
  • [Кыыс] кэлэн, дьиэлээх оҕонньор ньилбэгэр бүк-тах түһэ-түһэ: "Эһээ, ыл, ыллаа диэтим ээ", – диэн -- оҕонньору сулуйан барда
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Уор, уоран сиэ (сүөһүнү)

Нууччалыы Красть, воровать (скотину)

  • Ынаҕы уоруйахтар сулуйан сиэбиттэр.
    Болот Боотур
  • Бу хоту Биэтэ нэһилиэгэр сай аайы сүөһүнү сулуйар идэлэммиттэр.
    ХС
  • Күһүн биһигини кытта дьукаах олорор Сэмэнньэй оҕонньордоох икки сүөһүлэрин уоруйахтар сулуйан барбыттара
    Күрүлгэн

4 этии #

Сыппах быһаҕынан сулуй кэпс. – туох эмэ диэн киһини ааспакка-арахпакка биир кэм сэмэлээн таҕыс Буруйугар эн туруоҥ суоҕа". ЕВН КТ. Дьиэги таба көрдөр эрэ, сыппах быһаҕынан сулуйар. Ыҥырар ыл. [Эмээхсинэ] оҕонньорун үлэлэтэр да, утутар, сынньатар да бокуойа суох күнүстэри-түүннэри сыппах быһаҕынан -- сулуй да сулуй буолар. "Кыым". Ср. кирг. шылы ‘обдирать, отделять мясо от костей; срезать’, ДТС йул ‘отнимать, захватывать’, сойул ‘быть снятым (о шкуре, одежде)’

Нууччалыы Мучить постоянными попреками, придирками; пилить (букв. резать тупым ножом). [Эмээхсиним] эмиэ сыппах быһаҕынан сулуйаары гынна диэн, Лөкөй эрдэттэн суос бэриннэ: "Мээрилээмэ

«С» буукуба