Перевод с якутского
кыыллаа
туохтуур
Нууччалыы охотиться на дикого оленя, лося
1 туохтуур #
Дьиикэй табаны, тайаҕы бултаа
Нууччалыы Охотиться на дикого оленя, лося
Үйээнди хоһуун манна кэлэн, балыктаан, кыыллаан үчүгэйдик олорбут, элбэх оҕоломмут. Болот Боотур Аҕалара кыыллыы Тумат сиһигэр тахсыбыта. С. Тумат Хайыһарынан хаамыы саҕана ыалдьан хааллым. Ол иһин аанньа кыыллаабатым. Н. Тарабукин (тылб.)
2 туохтуур #
Кими эмэ сойуолаһан, мөҕөн-этэн, түүрэйдээн кими-тугу да истибэт, ордуос гын, төттөрүлэһиннэр
Нууччалыы Постоянными придирками, преследованиями вызвать у кого-л. стойкое желание действовать наперекор, спровоцировать в ответ негативное поведение. [Баһылай:] Биир эмэ көнө сүрэхтээх, кырдьыксыт киһи баар буоллаҕына, дьэ, ону кыыллаан, куһаҕаҥҥа тиэрдэр айдаана буолар
Ийэлээх аҕата уолларын алыс түүрэйдээн, адьас кыыллаан кэбиһэ сыстылар.
Н. ЛугиновДолгуйаананы эһиги олус кыыллаамаҥ, кини кимнээҕэр да кыһамньылаах буолуоҕа А. Федоров
3 туохтуур #
Кими-тугу эмэ үргүтэн күрэт, кыйдаа, куттаан үүр, быралгы ыыт
Нууччалыы Преследовать, вспугнуть так, чтобы пустились в бега; разогнять кого-что-л. под страхом; довести кого л. до бегства
Бу киһи били сэттэ сыллааҕыта Ньоҕорук кулуба сынньан кыыллаан кээспит киһитэ Уйбаан Дууһа этэ. Эрилик Эристиин Олохтоохтор аҕыйах табаланыахтарын бөрө кыыллаан кэбиспит этэ. Айталын. Сылгылары -- мээнэ кыыллаабакка сөрүүн бириэмэҕэ мэччитиллиэхтээх. Сылгыһыт с. Ыт кыыллаатаҕына, уйуһуйбут табалар маска-окко түһэллэр, ис иһинээҕи оҕолорун оһоллууллар. ВВ