ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мэҥий

туохтуур

Нууччалыы хватать ртом воздух, задыхаться

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Күүскэ эппэҥнээн тыын, аҕылаа эбэтэр үөскүн тартарар курдук тыын

Нууччалыы Хватать ртом воздух, задыхаться

  • Чыычаах өйдөнөн кэллэ, иһин түгэҕиттэн иҥсэлээхтик өрө мэҥийэн уһуутаата.
    И. Гоголев
  • Киил оҕонньор үөһэ тыынарын быыһыгар ынчыктыыр курдук өрө мэҥийэн көхсүн этиттэ.
    Н. Лугинов
  • Гавриил хайдах эрэ иһин түгэҕиттэн мэҥийэн өрө уһуутаан кэбистэ
    А. Данилов

2 туохтуур #

Аҕылыаххар диэри күүскэ сүүр

Нууччалыы Сильно запыхаться от бега, еле переводить дыхание

  • Табалар субу өрө мэҥийэн кэлээт, соһуйбут үөр туллук курдук туора халыйан тахсан тоҥуу хаарга тохтуу биэрдилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Пашка сүүрэн мэҥийэн кэлэн, гарааска көтөн түһэр.
    Н. Якутскай
  • Оскуола дьиэҕэ муҥ кыраайбытынан мэҥийэн тиийдибит
    И. Никифоров

3 туохтуур #

сөбүлээб. Ким, туох эмэ туһугар сиэрэ суох кыһалын, сүүр-көт; кимиэхэ эмэ бэрт буолан иннигэр-кэннигэр түс

Нууччалыы Проявлять чрезмерную заботу, беспокоиться о ком-л.; стараться изо всех сил угодить кому-л

  • "Оҕом" дии-дии мэҥийэриҥ бэрт ахан дии. Төһөнү өлүүлүүгүн?!" - Сэмэн Лөгөнтөй өйдөөбөтөх өттүттэн күөрэс гыннарда.
    Р. Кулаковскай
  • Билигин кэлэн тоҕо бэрт буола сатаан мэҥийдигит?
    С. Ефремов

4 туохтуур #

Туохха эмэ улаханнык талас, баҕар

Нууччалыы Проявлять большой интерес к кому-чему-л., стремиться к кому-чему-л

  • Демьян оҕонньор элбэхтик эрэйдэммит дойдутугар мэҥийэр буолан хаалбыт.
    Эрилик Эристиин
  • "Аны оноолоох соннооххо орооһуом суоҕа, бииллээх соннооххо мэҥийиэм суоҕа," - диэн андаҕайбытым
    ХС

5 туохтуур #

Улахан эстэр тыаһы таһаар

Нууччалыы Издавать громкий хлопающий звук

  • Эмискэ таҥара дьиэтин кылабыыһатын соҕуруу муннугуттан туох да быыстала суох, тибиирэн эрэр курдук эстэр саа тыаһа мэҥийэр.
    Н. Якутскай
  • Улуу дьаалы сэп хаста даҕаны хабараан-хабарааннык мэҥийдэ, уот сындыыстарынан уһууртаата.
    А. Данилов
  • Ср. алт. меҥде ‘спешить, торопиться’, бур. мэҥхи ‘багроветь’, кирг. мэҥкээ ‘обессилеть, изнуриться’

«М» буукуба