Перевод с якутского
тэһин
туохтуур
Нууччалыы быть проткнутым чем-л., продырявиться
1 туохтуур #
Алдьанан хайаҕастан, тэһэҕэстээх буол
Нууччалыы Быть проткнутым чем-л., продырявиться
Онто да суох этэрбэһэ тэстэн, эрэй бөҕөнү көрдөрөн иһэр. Амма Аччыгыйа Сороҕор сымыыт тэстибэккэ бэрт уһуннук эрэйдээччи. "Аргыс". Сүгэнэн аҕыйахта охсорун кытары муус тэстэн, уу быччас гынна. А. Кривошапкин (тылб.)
2 туохтуур #
Алдьаммыт сиринэн, хайаҕаһынан туох эмэ убаҕас таммалаа
Нууччалыы Течь, протекать
Сарайбыт муннугунан тэстибит. Ампаардарын үрдэ күүстээх ардахха тэһиннэ. [Ардахха] отуута тулуйбата, тэстэн таммалаан тобурҕатан барда. Н. Якутскай Уокка турар тумсунан тэстэр чаанньыгын аҕалан, үүдэһиннээх буор чааскыга чэй кутта
Суорун Омоллоон
3 этии #
уу тохтубат (тэстибэт) көр икки. [Уйбаныаптар] иккиэн биирдии сиппит уоллаахтара уу тэстибэт доҕордуулар. Амма Аччыгыйа. Далбаахап оҕонньор кинилэр аҕаларын кытта былыр-былыргыттан икки ардыларынан уу тэстибэт үөлээннээх атастыылар. Р. Баҕатаайыскай. Оҕо эрдэхтэриттэн икки ардыларынан уу тэстибэт дьүөгэлиилэр. Н. Лугинов.
Нууччалыы Образное выражение о человеке, изображающем приветливость, чрезмерную лесть кому-л. [Байбаралаах Балбаара:] Обургу туох буолан үөһэ тэһиннэҕэй?
Этиилэр
Өһө тэһиннэ (тобулунна) көр өс II
Киһилэрэ кэнникинэн өһө тэһиннэ, сэһэргиирэ дьэ киирдэ. үөһэ тэһиннэ сөбүлээб., кэпс. – аһара ньыла көтөр, үчүгэй буола сатыыр киһини сөбүлээбэккэ, үгэргээн этии И. Гоголев Бу үйэҕэ ыҥырбат этилэр дии, аны туох имнэнэн үөстэрэ тэһиннэ? Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
Даша сөбүлээбэтэх хараҕынан Ипатийы хатыылаахтык көрдө: "Дьэ, көнньүөһүҥ көннө, үөһүҥ тэһиннэ дии". М. Доҕордуурап
Тэстэн турар
олох чугас (сир).
Совсем близко; в двух шагах, рукой подать.
Хаастаах быһа бардахха бу тэстэн турдаҕа. Далан Алдан онтон курдары түстэххэ, адьаһын тэстэн турар сир. ХС
Өссө холобурдар (1)
[Уолчаан] хайанан быһа түстэҕинэ, дьонноро баар сирдэрэ тэстэн турар.
А. Кривошапкин
Тэһэ (тэһитэ) көр көр көр I
Миитэрэй диэн сып-сытыытык тэһэ көрбүт харахтаах, хара баран уолчаан. Н. Түгүнүүрэп
Уу тэстибэт гына (уу тэстибэтинэн)
1) ыпсаран-хопсорон, лоп бааччы, киһи өйүгэр түһэр гына (саҥар, кэпсээ).
Ладно, складно, логично (говорить, рассказывать).
Уу тэстибэтинэн саҥарар киһи (өс хоһ.). Киһи сатаан аккаастаабат гына, уу тэстибэтинэн этэн кэбистэ. Р. Кулаковскай Сибиэтэни адьас уу тэстибэт гына ыпсаран көмүскээбитэ. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Бастыҥ үлэһиттэр суруктарынан бигэргэтэн, уу тэстибэт гына чиҥэтэн биэрбит. "ХС"; 2) дьып-дьап курдук, ханан да дьиэгэ суох гына (оҥор, тут эҥин). Очень аккуратно, точно (строить и т. д.). Оронноро уу тэстибэт гына ыпсарыллыбыт, устуруустаммыт. А. Данилов
Үөһэ тэстэр
туохтан эмэ олус астынар; санаата кэлэн оҥорор.
Становиться очень довольным; делать что-л. с удовольствием.
Хасхаан хараҥа буолуута ордук үөһэ тэстэн кэпсээччи. Далан Эмээхситтэр үөстэрэ тэстэн былыргыларын түөстүлэр. Н. Апросимов
Өссө холобурдар (1)
Хатылаан ыллаатахтарына Артур үөһэ тэстээччи, өссө улаханнык доргутааччы. В. Башарин
Үөһэ (өһө) тэстэр
ким эмэ олус астынар кэпсэтиитэ, сэһэргэһиитэ.
Излюбленный предмет его разговора; любимый конёк.
Салгыбакка сэһэргэһэр, сэргэхсийэр, үөһэ тэстэр суола. "Кыым".
Харах тэстэринэн
аһара түргэнник.
Слишком быстро.
Сэһэргэһэ аргыый айаннаабакка, харах тэстэринэн көтүтэбит. Далан Саа эстэр тыаһын истээт, -- дьоно өссө ордук уолуйаллар, харах тэстэринэн бараллар. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Иһин өрө салаабыт амырыын ыарыыны аахсыбакка, тайах иннин хоту хараҕа тэстэринэн ыстанна. ЭКС ТБТ