ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мэҥ

аат тыл

Нууччалыы родимое пятно, родинка

English mole, birthmark

1 аат тыл #

Киһи тириитигэр үөскүүр (үксүгэр хара) чуоҕур, төгүрүк быһыылаах бээтинэ

Нууччалыы Родимое пятно, родинка

  • Сүөдэр мэҥнэрдээх кубаҕай сирэйэ барыта хайдах эрэ сымыыт иччитигэр маарынныырга дылы.
    Амма Аччыгыйа
  • "Пахай-быын, бу туоххунуй", - диибин күлэн чачыгырыы түһээт, уҥа иэдэһигэр суокур хатырыга сыстыбытыныы, хараара сылдьар мэҥин тарбахпынан ыйа-ыйабын
    Нэртэ
  • Киһи кыыһырдаҕына, долгуйдаҕына тахсар кыһыл чуоҕур. Θ Красные пятна, появляющиеся на теле человека в состоянии крайнего возбуждения или волнения. Сыллай баҕыстыгас хоҥуруутугар чуоҕур мэҥнэр тахсыталаатылар, быллаҕар уоһа титирээтэ.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Никифоров кинээс сирэйигэр чиэрбэ хаарты ойуутун курдук кыһыл мэҥнэр өтөн таҕыстылар
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Куһаҕан адьынат, кэмэлдьи, киһини кэлэтэр көстүү

Нууччалыы Нечто позорное, крайне неприятное

  • Дэлэкэлээх өссө дэлэгэй олоххо, өссө үрдүк култуураҕа тиийбит буолуохпут этэ дуо, аан дойду иэнигэр фашизм диэн хара мэҥ суоҕа эбитэ буоллар?
    Амма Аччыгыйа
  • Соҕотох оҕонньорго эрэ ол хараҥа үйэ мэҥэ сыстан хаалбыт үһү дуо?
    Н. Заболоцкай
  • Уопсастыбаҕа туһалаах буолар киһини иитииттэн туора туруу төрөппүттэргэ саас-үйэ тухары хара сууйуллубат мэҥ, ыар моральнай буруй. "Кыым". Ср. др. -тюрк. меҥ, уйг. мэҥ, алт. меҥ

«М» буукуба