Перевод с якутского
кыыл
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы дикий
English wild
Ис хоһооно · 9
1 аат тыл #
Нууччалыы дикий
English wild
кыыл таба дикий оленьa wild deer
2 аат тыл #
Айылҕаҕа көҥүлүнэн үөскүүр, үксүгэр сиэмэх, түөрт атахтаах дьиикэй харамай
Нууччалыы Дикое животное, зверь. [Сэрииттэн] Көтөр кынаттаах күрэннэ, Тыа кыыла тыаһырҕаата, Далай балыга хадьырыйда
Булчут кыыл өлөрдөҕүнэ, манан баҕар атын кыылдьыт байанайын сарбыйдаҕым буолуо дии санаабат. Күннүк Уурастыырап Кыылы бултуурга мэҥиэ быраҕар куолу Т. Сметанин
3 аат тыл #
Айылҕаҕа көҥүлүнэн үөскүүр сорох көтөр кынаттаахтар (сахалар ытыгылыыр эбэтэр дьулайар көтөрдөрүн ааттыыллар)
Нууччалыы Некоторые дикие птицы, дичь (обычно так называют птиц, которые вызывают у якутов чувство уважения или боязни, опасения)
Итини кэпсээт, Ырыа кыыһа, Кыталык кыыл буолан, Кый үөһэ көппүтэ. Күннүк Уурастыырап Өбүгэ саҕаттан биһиэхэ "Хотой кыыл дьоло" диэн сэһэн баар. Ол сэһэн эр бэрдэ киһиэхэ Олох уон аартыгын сырдатар. С. Данилов Хопто кыыл тумаҥҥа мунара, Кэҕэ кыыл кэрии кэтэҕэр этэр С. Зверев
Өссө холобурдар (2)
Кыыл ат дииллэр, дьэ аны туттарбата, ыҥыырбын ыһара буолуо диэн, дьиксиммитэ. С. Дадаскинов Холкуостаахтар омурҕаннарыгар тахсан аһыы олорон, курдам хаҥыллар, кыыл сылгылар тустарынан ыаһахтастылар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ср. др. -тюрк. хыл 'название птицы (шилохвост или рябок)'
4 аат тыл #
түөлбэ. Ким-туох эмэ (киһи, мал-сал, туох барыта)
Нууччалыы Кто-что-л., некто, нечто (человек, все вещи и предметы)
Харчы диэн - улахан күүстээх кыыл. Н. Неустроев Аны бу кыылларбыт [бытыылкалаах арыгыларбыт] үлтүрүйэн хаалыахтара. Болот Боотур Туох барыта манна кыыл дэнэр: харчы, киһи, ас, таҥас Н. Габышев
5 аат тыл #
түөлбэ. Кыыл таба
Нууччалыы Дикий северный олень
Кыыл кыһынын маска тахсар, сайынын муора арыытыгар киирэр. Далан Биһиги биир кыылы сиэбиппит. Н. Тарабукин (тылб.)
6 аат тыл #
үөхс. Дьиикэй, сидьиҥ, ыт (киһилии сигилитин сүтэрбит, бас-баттахтык, дьиикэйдик быһыыланар киһини үөхсүү)
Нууччалыы Дикарь, тварь, собака утративший человеческий облик, безобразного поведения, не вписывающего ни в какие рамки
Бу саатар сирэйэ суохтар, кыыллар тылларын абатын!
Суорун ОмоллоонТуох иһин кинини, кэдэрги баайаннар, Кыыллар кыыл курдук муҥнууллар, кырбыыллар? Эллэй. "Дьиккэр, киһи буолбатах эбиккин, кыылгын... " - диэтэ тиһэх эрэлэ сүтэн эрэр Багда Байбал Чолбон
7 даҕааһын #
суолт. Үргүүк, сиргэмтэх (сүөһү туһунан)
Нууччалыы Пугливый, дикий (о домашней скотине)
8 этии #
Нууччалыы Быть не в духе, проявлять свой злой нрав, бес вселился
Кыыла киирбит - дьиикэй быһыыта киирбит, киҥэ-наара алдьаммыт Аҕам кыыһырда да, ийэм: "Эмиэ былас муостаах кыыла киирбит", - диэччи уонна аҕабыттан куттанааччы. ХС [Урядник] кыыла киирбитэ сүрэ бэрдэ -- үрүтүн үөһэ биири кэбэр: "Киэр бара тардыҥ!".
А. КупринКыыла турбут - 1) киҥэ-наара олус холлубут; уора киирбит, ииригирбит. Θ Быть в ярости, быть в бешенстве. Сиидэркэ тииһин хабырынаат остуолу оҕуста. Бу Сиидэркэни урут киһи билэр киһитэ этэ. Билигин наһаа да кыыла турбут. И. Гоголев
Өссө холобурдар (9)
Сытыары сымнаҕас уолга дылы этэ, эчи кыыла турбута, быччайбыта сүрдээх. Болот Боотур Кыыллара турбут, сирэйдэрэ уокка баттаабыттыы кытарбыт дьон -- үксүлэрэ итириктэр эбит. "Кыым"; 2) тугу эмэ гынарга туруммут, өрүкүйбүт, сүргэтэ көтөҕүллүбүт. Θ Быть полным отчаянной решимости (выполнить что-л., добиться чего-л.). "Пуд Ильич, эрдэһит да баҕайы эбиккин, - күлбүтэ кини. - Бултаары дьэ кыылыҥ турбут. " Далан Эдэр булчуттар -- санаалара көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн мичилийэн, барар күннэрин кэтэһэн, кыыллара турбута сүрдээх. В. Протодьяконов Көрсө түстүм кыттыгаспын, Кыттыгаһым саатын сүкпүт, Кыыла турбут, өрө көрбүт. М. Хара; 3) үргэн, куттанан, сиргэнэн киһини чугаһаппат буолбут; кыыллыйбыт (сүөһү, кыыл туһунан). Θ Становиться диким, неуправляемым (о животном). Кыыллара турбут уохтаах буурдар тыылла-тыылла түстүлэр. Болот Боотур Ат буоллаҕына, кыыла туран, иирбиттии дьиэгэнийтэлээн, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы тыбыырталаан, түөрт атаҕын үрдүгэр үҥкүүлүү сырытта. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кыыла турбут сылгы, сүүрэн түүҥҥү хатаҥаҕа туйаҕын тыаһа уоттуу өрө хабылла турда. Р. Кулаковскай Кыыл бар (сырыт) - бэйдиэ, кый бырах бар. Θ Бродяжничать, скитаться. Мэхээлэ баайын матайдаан, харса-хабыра суох ыһан-тоҕон испитэ. Онтон аҕатын, Ойоҕун кытта бурайсан - кыыл барбыта. Күннүк Уурастыырап Мин баай батталын тулуйбакка кыыл баран, Бодойбоҕо сырыттым ээ. Эрилик Эристиин Сотору кыһын кэлиэҕин, маннык кыыл сылдьан киһи буолбатын соччо-бачча эргитэ санаабат. ХС Кыыл ыыт - 1) кими эмэ атах-балай ыыт, ускул-тэскил сырытыннар; кими эмэ куттаан, үүрэн ыыт. Θ Довести кого-л. до бегства, обрекать на скитания; букв. пускать (как) зверя. Уолу атаҕастааннар, биэ өлбүтүнэн дэлби куттааннар, кыыл ыыттахтара. "ХС"; 2) көрүүтэ-истиитэ суох хааллар, бэйдиэ сырытыннар. Θ Предоставлять самим себе, оставлять без присмотра (о детях). Оччоҕо оҕолору кыыл ыыталаан кэбиһэбит дуо? Кэбис, кинилэри дьарыйар хайаан да наада! "Чолбон"
9 этии #
Нууччалыы Жук-дровосек
Кыыл кута - маһы кэрбиир хомурдуос Кыыл таба - хоту үөскүүр, саас байҕал арыыларыгар киирэн төрүүр-ууһуур сир табата. Θ Дикий северный олень. Кыыл табаны буоллаҕына дьахталлар мас сүгэр быаларынан туһахтаан өлөртүүллэрэ дииллэр. Далан Кыыл таба, хараҕын быччаччы көрөн баран, бу турар эбит. Н. Павлов Хайаттан түһэн, кыыл табалар күөл килэккэй мууһугар киирдилэр. ПН ТОК. Кыылы иитии - күндү түүлээҕи (саһылы, кырсаны, нуорканы о. д. а.) тириитин туһанар сыалтан үөскэтэн көрүү-харайыы. Θ Звероводство. Кыылы иитиигэ ордук улахан болҕомто хотугу оройуоннарга ууруллар. КИиКСА. Кыылы иитии күүскэ сайдар биир суолталаах усулуобуйатынан кыылы ыарыыттан -- сэрэтии дьаһаллара буолаллар. БПМ КИиКСЫа. Кыылы иитээччи т. -х. - кыыл иитиитинэн дьарыктанар, ол салааҕа үлэлиир киһи. Θ Зверовод. Сопхуос булчуттара уонна кыылы иитээччилэрэ судаарыстыбаҕа сыл аайы мөлүйүөнтэн тахса солкуобайдаах кылааннаах түүлээҕи туттараллар. И. Данилов
Өссө холобурдар (3)
Саха сирин кыылы иитээччилэрин дьаныардаах үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыллар. КИиКСА. Тойон кыыл - хотой (ытыктаан сүгүрүйэн ааттааһын). Θ Орел (форма почтительного обращения, выражение особого отношения). Ханнык даҕаны хотой, тойон кыыл даҕаны аны киһи сырыытын ситэллэрэ суох! Н. Габышев Тойон кыыл биһиэхэ хайдах курдук ытыктанарын туһунан бэрт элбэхтик суруллан турар. Багдарыын Сүлбэ. Табаҕа бөрөттөн ураты биир хоромньулаах кыылынан хотой, манна ааттыылларынан тойон кыыл буолар эбит. ХС Эриэн кыыл - эриэн үөн, моҕой диэн курдук. [Гитлер сэриитэ] Эриэн кыыл курдук Эриллэн сытар, Моҕой кыыл курдук Буулаан сытар. Саха нар. ыр. II. Эриэн кыылым уһуктаах тылынан Эмиийим кэрэтиттэн сыҥаахпар дылы Уот курдук дьукку салаабыта. П. Ойуунускай