ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыыллыы

даҕааһын

Нууччалыы подобно зверю, как зверь

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

сыһ

  • Сандалыга иһит сууйа турар Чуураҕа кыыллыы биирдэ ыстанан тиийдэ да, дьахтары ыга кууһан ылла.
    Л. Попов
  • Кинээс өлөрдүү бааһырбыт сырҕан кыыллыы часкыйаат, күөх окко төкүнүйэ түспүтэ.
    И. Гоголев
  • Остуолу охсубутунан, арҕахтан мүччү ойон тахсыбыт кыыллыы, сулбу ойон турда
    М. Доҕордуурап

2 даҕааһын #

Кыыл курдук, кыылга майгынныырдык

Нууччалыы Подобно зверю, как зверь

3 даҕааһын #

Дьиикэйдик, суостаахтык-суодаллаахтык, сидьиҥник

Нууччалыы Жестоко, бесчеловечно, по-зверски

  • Өһүөннээх хаан өстөөхтөр Кыыллыы былдьаан өлөөртөр Баар эрэ биир оҕоҕун - Бары таптыыр доҕорбутун.
    Баал Хабырыыс
  • Хамандыырдара Конон Никифоров киһини кыыллыы сэймэктииринэн сураҕырбыт, элбэх хааны тохпут бандьыыт этэ.
    В. Чиряев
  • 1921 сыллаахха өрө турбут бандьыыттар Исаевы, Игнатьевы уонна Романовы кыыллыы сордоон өлөрбүттэрэ
    Кыым
Өссө холобурдар (2)
  • Гитлер кыыллыы "сокуонун" олохтууругар көмөлөһөр аналлаах, бу дэриэбинэ үрдүнэн турбут ыстаарыһа тойон этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Фашистар онно дьиҥ кыыллыы быһыыларын көрдөрбүттэрэ
    Ф. Софронов

4 даҕааһын #

суолт. Дьиикэй, суостаах-суодаллаах, сидьиҥ

Нууччалыы Жестокий, бесчеловечный, зверский

«К» буукуба