ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылааннаах

даҕааһын

Нууччалыы имеющий лезвие, острие

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

даҕ

  • Бу дьолбут тутааҕын күөмчүттэн көмүскүү, Өргөстөөх, кылааннаах үҥүүнү тутуохпут!
    Күннүк Уурастыырап
  • Дьэрэкээннээх хоһоонун Дьиэрэлдьиччи ыллаабыта, Кылааннаах хотуурун Кылбаарыччы сытыылаабыта.
    С. Васильев
  • Киил маһы суорарга Мин сүгэ охсобун, Кылааннаах биилээммин Кыыкырдыы аалабын
    А. Бэрияк

2 даҕааһын #

Биилээх, уһуктаах төбөлөөх

Нууччалыы Имеющий лезвие, острие; с острым концом

3 даҕааһын #

Кылгас ньуолах түүтүн үрдүнэн кытаанах уһун кылаан буолар түүлээх

Нууччалыы Имеющий ость, остистый

  • Кылбалдьыгас кылааннаах андаатар тириитэ бэргэһэтин сэгэччи анньынна
    В. Протодьяконов

4 даҕааһын #

Баартан бастыҥ, талыы

Нууччалыы Лучший, отборный

  • Сирэ саныахпын Сирэйдээх үтүөтэ, Силээхтэ бэрдэ, Кыыс оҕоттон Кылааннаах туйгуна эбит
    П. Ойуунускай

5 даҕааһын #

Улахан суолталаах, сытыы, күүстээх

Нууччалыы Значительный, важный; выразительный

  • Кылааннаах сытыы тыл ыһыллан, Кытарбыт тимирдии хаарыста.
    С. Васильев
  • Бу ["Күөгэйэр күннэрбэр"] кинигэҕэ Эллэй билиҥҥэ диэри умнуллубат, кылааннаах кэрэ айымньылара киирбиттэрэ
    Н. Габышев

6 этии #

Киһи киэнэ кылааннааҕа - туйгун, бастыҥ, чулуу киһи Ээ, ол тыа бөрөтүгэр холоомо. Мантыкаҥ киһи киэнэ кылааннааҕа. М. Доҕордуурап

Нууччалыы Лучший из лучших (о человек)

7 этии #

Нууччалыы Пушной зверь, ценный мех

  • Кылааннаах (түүлээх) - 1) күндү түүлээх кыыл Сааһын тухары хара тыаттан арахсыбатах, кылааннаах түүлээх бөҕөнү кыстаабыт ахан булчут. Софр. Данилов. Оо, киһи тиийбэт ыраах тыаларыгар аймамматах, уутуйан үөскээбит күндү кылааннаахтар сырыттахтара эбээт!
    ХС
  • 2) күндү түүлээх кыыллар таҥас, киэргэл буолар тириилэрэ. Θ Ценный мех, предназначенный для пошива одежды, или украшающий ее; пушнина. Кыһалҕаҕытын билэммин, кыаммаккытын таайаммын, кылааннаах түүлээхпиттэн кыбынан -- кэллим.
    Амма Аччыгыйа
  • Балаакка таһыгар матаҕалар кылааннаах түүлээҕинэн бөскөччү туолан иһэллэр. В. Протодьяконов

«К» буукуба