Перевод с якутского
түүлээх
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы изготовленный, сшитый из меха; меховой, тёплый
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Түүлээҕинэн тигиллибит, оҥоһуллубут; ичигэс
Нууччалыы Изготовленный, сшитый из меха; меховой, тёплый
Кырыа буолбут көп түүлээх бэргэһэни тууна бааммыт, таба саҕынньахтаах уончалаах уол киирэн кэллэ. Амма Аччыгыйа Түүлээх таҥаһы тэбээн, салгылатан уонна таһырдьа куурдан кэмиттэн кэмигэр быылын-кирин ыраастаныллыахтаах. Дьиэ к. Дьон тымныы дьыбарыттан куттанан, түүлээх таҥастарын бэлэмнэннилэр, бэргэһэ, үтүлүк тигиннилэр. Н. Тарабукин (тылб.)
2 аат тыл #
суолт. Сыаналаах тириитин иһин бултанар кыыл
Нууччалыы Пушной зверь
Кэрэ дойдум барахсан Кэтит киэлитигэр, Киэҥ көхсүгэр Элбэх даҕаны Эгэлгэ булду иһэрэхситэҥҥин, Эриэккэс түүлээҕи үөскэтэҥҥин, Эгинэ да бэйэлээхтэри Иҥэринэн турдаҕыҥ. С. Зверев Бу -- былыр-былыргыттан балыгынан, түүлээҕинэн аатырбыт, дьон бөҕөнү аһаппыт ахан дойду. С. Никифоров Ытынан тииҥнээһин күһүн түүлээх түүтүн кылаана сиппитин, бултааһын көҥүллэммитин кэннэ саҕаланар. АФС БЫ
Өссө холобурдар (3)
Оннук кыыл тириитэ. Θ Шкура, мех пушных зверей, пушнина. Атыыһыттар -- эбэҥкилэр -- түүлээхтэрин дуона суох сыанаҕа атыылаһаллар. Амма Аччыгыйа Булчуттар уһун кыһын устата бултаммыт түүлээхтэрин табаарга, чэйгэ, табахха, арыгыга атастаһаллара. Н. Якутскай Тыаттан Чоочо баай киирбит, Тойотторго сылдьыбыт; Үтүө тылын соболоҥор, Үс хааһах түүлээх биэрбит И. Чаҕылҕан
3 этии #
Нууччалыы Вор, мошенник (букв. мохнатая подошва)
Этиилэр
Түүлээх уллуҥах
түөкүн киһи, уоруйах (уоран-саһан тыаһа-ууһа суох сылдьар) Түүн сырыы, түүлээх уллуҥах (өс хоһ.). Түүн сырыылаах Түүлээх уллуҥах Түҥнэри холорук, Тимир Дьэһинтэй. П. Ойуунускай. "Уонна, хас да буоллахтарына, биһигиттэн, хараҥаҕа дагдайан көстөр икки эр бэрдиттэн дьулайыахтарын да сөп…", – итинник кэпсэтэ-кэпсэтэ, түүҥҥү түүлээх уллуҥахтар дьиэлэрин диэки сыбдыгыраһа турдулар. Р. Баҕатаайыскай. Түүлээх холбука (холбуйа, чөмчөкө) кэпс. – төбө (киһи өйүн-санаатын хаата диэн суолтаҕа).
Голова (как вместилище ума, знаний – букв. волосатый ящичек).
Ити санаатын "түүлээх холбуйатыгар" саһыарынан кээһиэх курдук, оҕонньор икки ытыһынан төбөтүн олбу-солбу имэриммэхтээтэ.
Н. Лугинов"Аҕыйах сыыппараны түүлээх холбукабар да тутуом", – Спиридон Спиридонович үгэһинэн мүчүк гына күлэн кэбиһэр. "Кыым". Юкагир кулубата -- түүлээх холбуйатыгар тугу буһаран, сабаҕалаан сылдьарын кимиэхэ да биллэрбэтэҕэ. С. Курилов
Түүлээх ытыс
өлгөмнүк, дэлэйдик, кэччэйбэккэ бэрсэр киһи.
Щедрая рука (букв. волосатая ладонь).
Аал уотум иччитэ Бырдьа бытык, Сүүччү кыламан, Түүлээх ытыс, Аар луҥха тойон эһэкээн, Аһаа, сиэ! Саха нар. ыр. II. Кыһыл көмүс сыаҕай Кылапачыйбытынан Кырылыы туойан Түһэн эрэр – Түүлээх ытыскын тоһуйа оҕус!
П. ОйуунускайҮрүҥ түүлээх фольк. – сылгы сүөһү. Конный скот (букв. имеющий белую шерсть). Эҕэрдэлээх илин халлаан диэкиттэн Иэйэхсит хотун илбиргэс эриэнинэн энньэлээтин, айхаллаах араҕас маҕан халлаан диэкиттэн салбырҕас саадьаҕайынан талаһалаатын; уруйдаах уйусхах маҕан халлаан диэкиттэн Уоттаах Дьөһөгөй үрүҥ түүлээҕинэн олохтоотун. Ньургун Боотур. Үрэххэ баппатах үрүҥ түүлээҕи, Үргүүк хаҥылы, бүтэй туйахтааҕы үксэтэ олордуннар, Сыһыыга баппатах сыспай сиэллээҕи, Сылгы сүөһүнү, миинэр миҥэни Дэри дэлэгэй тэниттиннэр.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
Үрэх алаас ыаллара үрүҥ түүлээхтэрин үтүөрдүлэр. С. Васильев Тэҥн. сыспай сиэллээх, үрүҥ сүүрүк. Хара түүлээх фольк. – ынах сүөһү. Рогатый скот (букв. имеющий чёрную шерсть). Сыһыы муҥунан хара түүлээҕи үөрдүппүттэр. Тэҥн. хара сүүрүк, ураа муостаах, хоноҕор (хороҕор) муостаах
4 этии #
Нууччалыы Личинка бабочки, гусеница
Этиилэр
Күндү түүлээх көр күндү
[Баай Барыылаах] Кыһыл-хара кылааннааххыттан, Күндү үтүө түүлээххиттэн Күөйэ-көрсө көтөн кулу!
Өксөкүлээх ӨлөксөйСолооһун аннынааҕы ходуһа -- ото үүнэн, араас күндү түүлээхтэр тириилэрин тэлгэппит курдук толбонноно долгуйара. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
Эһэни, тайаҕы, күндү түүлээҕи бэрт былыргыттан сонордоһоро. М. Чооруоһап (Кылааннаах) түүлээх көр кылааннаах. Кылааннаах түүлээхпиттэн кыбынан -- кэһиилэнэн кэллим. Амма Аччыгыйа Бүлүү тыаларыгар кылааннаах түүлээх: тииҥ, солоҥдо, бэлиэлээх, муҥучаах, саһыл элбэх. И. Данилов [Уһун Баһылайга] билигин таҥас-сап арааһа, табаар талыыта, кылааннаах түүлээх бэрдэ киниэхэ баар. А. Бэрияк
Түүлээх үөн
чиэрбэҕэ маарынныыр быһыылаах элбэх атахтаах үөн, лыах ыамата Тоҥсоҕой кыыл тобулута тоҥсуйан Кумалаан оҥостубут, Киргил кыыл илдьи сынньан Илгэлэрин эспит, Түүлээх үөн үлтү кэбийэн Күөдүл эмэх оҥорбут, Маҥан үөн бары сиэн Бардырҕас эмэх гыммыт.
[Кырбый] араас түүлээх үөннэринэн, чиэрбэлэринэн, аһыҥаларынан, тэмэлдьигэннэринэн, кутуйахтарынан аһылыктанар. Далан Лыахтар личинкалара түүлээх үөннэр диэн ааттаналлар. ББЕ З