ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күндү

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы дорогой, ценный, дорогостоящий, драгоценный

English dear, valuable, precious

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Ыарахан сыаналаах, элбэх харчыга турар

Нууччалыы Дорогой, ценный, дорогостоящий, драгоценный

  • Күндү шевиот көстүүмнээх. Модельнай араҕас түүппүлэлээх. Кремовай сорочкалаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Кременец куоракка татаардар аҥаардас кыһыл көмүһүн, күндү табаарын эрэ аатыгар кэлбэтэхтэр
    Суорун Омоллоон

2 даҕааһын #

Таптыыр, истиҥник саныыр

Нууччалыы Любимый, милый, дорогой

  • Харыйа арыы кэтэҕэр Ала бургунаспытын хомуйан Күн курдук Күөгэйэ-көрүлүү оонньуурбут баара, Көмүс доҕорум, күндү үөлээннээҕим.
    С. Зверев
  • "Күндү доҕорум Богдан", - диэн кини олоро түһэн суруйан барда.
    Суорун Омоллоон
  • Саас-үйэ тухары махтал-баһыыба буоллун, күндү доҕоруом!
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (4)
  • Дьоно истэн иэдэйдэхтэрэ. Саргы саамай кыралара, күндүлэрэ.
    Н. Лугинов
  • Истиҥник күүтээччилэр Күүппүт күндүлэрин көрсөллөр, Ахтыбыт доҕордорун булаллар.
    Т. Сметанин
  • Хоһоон миэхэ саамай күндүм, Үөрүүм, Дьолум, Кэскилим!
    Д. Васильев
  • Ср. монг. күндү, бур. хүндү 'честь, достоинство; почет, уважение; авторитет'

3 даҕааһын #

Дэҥҥэ көстөр, уһулуччу сэдэх

Нууччалыы Редкий, редко встречающийся

  • Оттон хатыҥ силиһин төрдүгэр үүнэр удьурхай бэрт сыаналаах, күндү маһынан ааҕыллар.
    Суорун Омоллоон
  • Айгырастаах симэхтээх, Алтан, көмүс дыбарыаскар, Абыраллаах күндү малбын, Айылгылаах анал тааспын, Аһатыах-сиэтиэх буолаҥҥын, Албаҕалаан ылбытыҥ
    Эллэй

4 аат тыл #

суолт. Ким эмэ сүрэҕэр чугастык тутар, истиҥник саныыр, таптыыр киһитэ, ордук ойуччу тутан таптыы саныыр туга эмэ

Нууччалыы Дорогой, милый, любимый, близкий сердцу человек; что-л. дорогое, ценное. [Сылаас үүт барахсан] Күүгэнэ күрүлээн, Күүгүнүүр тыаһыттан Күндүнү булбаппын

5 этии #

Күндү түүлээх - сыаналаах тириилээх бултанар, эбэтэр иитиллэр кыыллар (хол., кырса, саһыл, киис о. д. а.) Өксөкүлээх Өлөксөй. // Ол кыыллар тириилэрэ. Мех пушных зверей, пушнина. Бурдук ыспыт дьон буолактан Тыраахтар миҥэлээх кэллилэр Булчут бэртэрэ ойууртан Күндү түүлээхтээх киирдилэр. Эллэй

Нууччалыы Пушной зверь (напр., лиса, песец, соболь и др.). [Баай Барыылаах] Кыһыл-хара кылааннааххыттан, Күндү үтүө түүлээххиттэн Күөйэ-көрсө көтөн кулу

«К» буукуба