Перевод с якутского
күндүлээ
туохтуур
Нууччалыы угощать, потчевать; щедро одаривать кого-л. чем-л. дорогим, приятным, редкостным
1 туохтуур #
Сүрдээх эйэҕэстик сыһыаннаһан кимиэхэ эмэ туох эмэ күндүнү, сэдэхтик көстөрү биэр, аһат-сиэт
Нууччалыы Угощать, потчевать; щедро одаривать кого-л. чем-л. дорогим, приятным, редкостным
Тойон Киһи эмис мүһэнэн, икки арсыын бэйбириэт таҥаһынан күндүлээбитэ. И. Гоголев Ону таһынан өссө кини Ларьяныны бырааһынньык ахсын аккырыыкканан эҕэрдэлиир, дьөрбө сибэккинэн күндүлүүр. Р. Баҕатаайыскай Дьиэлээх эмээхсин тиэтэйэ-саарайа ас астыыр, туох баарынан ыалдьыты күндүлүүр. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
[Харачаан Уйбааны] үс муунта истээх бүтэй атахтаах чорооҥҥо көөнньүбүт кымыһы куттаран таһааран күндүлээтэ П. Филиппов
2 туохтуур #
Кими эмэ үөрэ-көтө ыалдьыттат, маанылаа
Нууччалыы С радушием принимать гостя, оказывать гостеприимство
Кинилэр үрүҥнэр тойотторун күндүлүүртэн, кинилэри бүөбэйдииртэн орпокко сылдьаллара. Н. Якутскай Ыалдьыт тоҕо сылдьыбатый, Ыал баар диэн таарыйбатый? Кинилэри күндүлүөм этэ, Ийэм курдук кэпсэтиэм этэ Т. Сметанин