ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түү

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы шерсть, мех (у животных); пух, пушок, перья

English feather

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Сүөһү, кыыл-сүөл, көтөр тириилэрин бүрүйэ үүнэр сымнаҕас бүрүөһүн, сабыы

Нууччалыы Шерсть, мех (у животных); пух, пушок, перья (у птиц)

  • Күтүр улахан эһэ, кыыһыран арҕаһын түүтүн адьырыппытынан ардьыгыныы-ардьыгыныы сүүрэн маҕыйан иһэр эбит.
    Т. Сметанин
  • Түү сүөһүнү тымныыттан уонна бааһырыыттан харыстыыр. СИиТ. Кус дабыдалларын төрдүттэн хаантан чопчулаһа силимнэспит түүлэрин сэрэнэн араартаата
    Чолбон
  • Оннук сабыы, бүрүөһүн биир утаҕа. Θ Пушинка, шерстинка. Сыттыгын түүтэ баттаҕар иилистибит.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Кыра түү сыстыбытын бэркэ кыһанан ыраастаабыта
    А. Фёдоров

2 аат тыл #

Киһи тириитин сорох өттүн сымнаҕас биитэр хатыылаах бүрүөһүнэ, сабыыта

Нууччалыы Волосяной покров некоторых частей тела человека

  • Ханан да түү сыстыбатах малаҕар сирэйдээх лааһайбыт оҕонньор.
    Амма Аччыгыйа
  • Сирэйэ барыта бар түү.
    Күннүк Уурастыырап
  • Перовскай курданарыгар диэри сыгынньахтаммытыгар, түөһүн хойуу түүтэ көһүннэ
    Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Түү үтүлүк. Түү этэрбэс. Түү мээчик.
  • Хаппытыан сааһыгар таҥныбатах түү таҥастаммыт.
    А. Софронов
  • Тогойкин сааны туппутунан остуолга кэлиитигэр Өкүлүүн түү былааты бүрүнэн таһырдьа тахсан барда
    Амма Аччыгыйа

3 аат тыл #

Сүөһү, кыыл-сүөл, көтөр таҥастаммыт тириилэрин сымнаҕас бүрүөһүнэ, сабыыта

Нууччалыы Обработанный мех, шерсть, пух животных, зверей и птиц

4 аат тыл #

Үүнээйи киһи хараҕар көстөр-көстүбэт сымнаҕас бүрүөһүнэ биитэр сиэмэтэ

Нууччалыы Пух, пушинка (растения)

  • Мин түннүгү ыйбытым, онно күп-күөх халлааҥҥа тирэх түүтэ көтөрө. ЫДЫа. Мастар быыстарынан маҥан түүлэр көтөллөр. "Чолбон". Сквердэр тирэх мас ньаарсын түүтүнэн бүрүллэллэр
    ХС

5 даҕааһын #

суолт. Таҥастаммыт түүлээх тирииттэн тигиллибит (хол., тас таҥас); көтөр түүтүттэн оҥоһуллубут (хол., сыттык)

Нууччалыы Сшитый из шерсти шерстяной, пуховый (напр., о верхней одежде); изготовленный из пуха, перьев (напр., о подушке)

6 этии #

Нууччалыы соотв. дать дрозда

  • Түүтүн үргээ - кими эмэ улаханнык мөх-эт, саҥар, кириитикэлээ Ыстатыйаны мунньахха дьүүллээтилэр, түүбүн үргүүр былааннаахтар.
    В. Яковлев
  • Буҕаалтыр Кутуукап, хонуу үлэһитэ Даайыс тыл эттилэр, Матаҥныырабы түүтүн үргээтилэр.
    В. Протодьяконов
  • түү курдук кэпс. - бэрт кэбэҕэстик; кыһалҕа оҥостубаттыы. Θ С большой лёгкостью; запросто, играючи. Баһыахтыыр Балбаара дьулааннаах Сыллай Луханы кур түү курдук этэн кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Кэлиҥ эрэ бэттэх, тустуоҕуҥ, эһигини баҕас кур түү курдук быраҕаттыа этим. Эрилик Эристиин

7 этии #

Ньуолах (көп) түү - тирии кырсыгар баар чараас, ньаарсын түү Кыыс куһун ньуолах түүтүн үргүү олорор.

Нууччалыы Подшёрсток

Этиилэр

Обот түү көр о бот

  • Ийэтэ кыыһыгар үргүү олорор куһун обот түүтүн көрдөрдө.
  • Куһу ылаат обот түүтүн үргээт, үрүсээкпэр уктабын.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС тү, түк, түт, тюрк. түк

«Т» буукуба