ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түүлэн

туохтуур

Нууччалыы обрастать шерстью, покрываться оперением, оперяться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Эккэр түү үүнэн түүнэн бүрүлүн, түүлээх буол

Нууччалыы Обрастать шерстью, покрываться оперением, оперяться

  • Кутуйах түүлэннэҕинэ "ычча" дииригэр дылы (өс ном.). Биир саҥардыы түүлэнэн эрэр -- хараҥаччы оҕото ибили түһэн сытар. ОГГ ТЛ-8. Түүлэммит кэҕэ оҕото үксүгэр кинини иитиэхтиир чыычаахтааҕар бөдөҥ буолар.
    ББЕ З

2 туохтуур #

Түүлээх үнүгэстэн, сибэккилэн (сорох үүнээйини этэргэ)

Нууччалыы Покрываться пушистыми почками (о некоторых видах растений)

  • Саас буолан, чалбахтар Күөҕүнэн көрдүлэр; Ыаммыт үөл талахха Үнүгэс түүлэнэр. Чэчир-80. Талах түүлэнэн өрүстэн да, үөһэттэн даҕаны киһи хараҕар туох да дэбигис көстүбэт буолбута үчүгэй
    ХС

3 туохтуур #

Үптэнэн-астанан бэйэҥ кыһалҕаҕын булунар кыахтан

Нууччалыы Становиться обеспеченным, материально независимым, самодостаточным

  • "Саһыл – түүтүнэн, киһи – баайынан, – диир Дьөгүөрдээн санаарҕаабыт куолаһынан. – Оттон биһиги хаһан түүлэммиппит баарай! Сыгынньаҕын төрөөбүппүт, сыгынньаҕын өлүөхпүт…"
    Амма Аччыгыйа

4 этии #

Сирэйэ түүлэммит (сирэйигэр түү үүммүт) кэпс. – саатар, кыбыстар диэни билбэт буолбут, кэрээниттэн тахсыбыт Ол киһи сирэйэ түүлэммит, ити аайы кыһам мат. Тэҥн. сирэйин тириитэ халыҥаабыт

Нууччалыы Стать наглым, бесстыдно-нахальным, дерзким (букв. лицо его обросло шерстью)

«Т» буукуба