ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куорсун

аат тыл

Нууччалыы перо

English feather

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы перо

English feather

  • көтөр куорсуна
    птичье пероa bird's feather

2 аат тыл #

Көтөр кынатын саамай бөдөҥ түүлэрэ

Нууччалыы Маховое перо птицы, маховые перья

  • Куорсун тыаһа Куугунуу түстэ, Кынат тыаһа Кырылыы түстэ.
    П. Ойуунускай
  • Куорсун көтөр кынатын түүтүн уһун көҥдөй умнастара
    АНК ТСТЗС

3 аат тыл #

Чэрэниилэнэн суруйар куорсунтан оҥоһуллубут бөрүө (уруучука)

Нууччалыы Перо (для письма из маховых перьев птицы). [Алик:] Уруучуканан суруйбуттар

  • Былыр хаас куорсунунан суруйар сурахтаахтара.
    И. Гоголев
  • Куорсунунан суруйбуттуу, Кумааҕы маҥан хаарынан, Куобах, кырынаас, чубуку, -- Күһүҥҥү кырпай хаарыттан Көрөн аах суруллубут суругу.
    В. Лебедев
  • Ср. монг. ҕуурсун, ҕаҕурсун ‘перо (птичье)’; кирг. куурсун ‘стержень птичьего пера’

4 этии #

Нууччалыы Достичь сознательного возраста, взрослеть, физически окрепнуть

  • Куорсун ас (анньын) - улаат, сит-хот Оҕолорбут куорсун анньан хонуу устун дайыахтара.
    С. Васильев
  • Кэллибит ээ биһи да Күндү көмүс сымыыттарбыт Кыанар, куорсун да анньар, Көтөр көрдөөх сылларыгар.
    М. Тимофеев
  • Куорсунун куурпут - барарга-кэлэргэ, айанныырга бэлэм буолбут. Θ Быть готовым к путешествию, сидеть на чемоданах. Кыстык дойдум диэн Кынаппын тыҥаттым, Итии дойдум диэн Эрбийэбин эрчийдим, Олохтоох дойдум диэн куорсуммун кууртум.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (2)
  • Куорсун-хорохой эргэр. - уончалаах кыыс. Θ Девочка (в возрасте 10 лет). Уончабын туолан Уларбар түһэн сырыттахпына, "Куорсун-хорохой" диэн куугунаһар этилэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Куорсуннаах бииһэ - көтөр кынаттаах бииһэ. Θ Пернатые. [Сир] Куһуура көтөр хотоҕойдоннун диэн Куорсуннаах бииһин көтүппүтүм. С. Васильев

«К» буукуба