Перевод с якутского
нуоҕай
туохтуур, аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы склониться, согнуться
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
2 туохтуур #
Үөһэнэн намылыйан, санньылыччы иэҕилин (үксүгэр от-мас төбөтүн, сибэккини, бурдук куолаһын этэргэ)
Нууччалыы Склониться, согнуться (о растениях)
3 туохтуур #
Икки өттүгүнэн наҕыллык иэҕэҥнээ, хаамп, хамсаа
Нууччалыы Покачиваться из стороны в сторону, пошатываться, двигаться плавно, переваливаясь с боку на бок
Эрбэһини төрдүнэн быһа охсубут курдук Сөдүөччүйэ нуоҕайан охтон иһэн оргууй баҕайы сибигинэйдэ. Амма Аччыгыйа Маайыс остуолга сытар сиидэс былааты сыыйа тардан ылаат, таһырдьа нуоҕайан таҕыста. П. Аввакумов Ср. бур. нугыха ‘клониться, нагибаться, нагнуться’, уйг. докаймак ‘гнуться, сгибаться’
4 аат тыл #
Бэргэһэ оройуттан намылыйан дугалыы түспүт куорсун эбэтэр түү
Нууччалыы Перо (или пушок), висящее дугой на верхушке, макушке шапки
Буобура истээх бууктаах сонноох, туоһахталаах, нуоҕайдаах дьабака бэргэһэлээх, илин-кэлин кэбиһэрдээх мааны кийиит. Саха фольк Үүс киис кыыл тириитэ Үрдүк нуоҕай бэргэһэлээх Үрүҥ Аар тойон диэн баара эбитэ үһү.
П. ОйуунускайАрааһынай илбиргэстээх куба маҥан таҥастаах, нуоҕайдаах бэргэһэлээх -- кэрэ кыргыттар утуу-субуу кэлэннэр биһигини, ыалдьыттары, биир-биир ыҥыран, эргитэн илдьэ баран истилэр
Г. Колесов
5 даҕааһын #
суолт. Хоҥкуйа хамсыыр, намылыйа түспүт (үксүгэр сэбирдэҕи, лабааны этэргэ)
Нууччалыы Гнущийся, клонящийся (напр., ветка, листья деревьев)
Күөх нуоҕай мутукча долгуйа хамсаабыт. Күннүк Уурастыырап Сиргэ дылы намылыспыт нуоҕай солко лабаалардаах чэгиэн чараҥ саҕатыгар Айыына биһикки сипсиспиппит. Далан Эн тыаҕа дьаарбайа сылдьыаҕыҥ - Күөх нуоҕай мутукча тыллыаҕа. Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
Ср. бур. нугалаа, нугалуур ‘изгиб’
